Кус-хаас оонньуурдаах, арассаадалаах Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин сылаас эйгэтэ
Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи Оҕо дьиэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ тулаайах оҕолору кытта үлэлиир биир тарбахха баттанар кырдьаҕас социальнай тэрилтэнэн буолар.
1930 сылтан үлэлиир тэрилтэ үлэлээбитин устата үгүс уларыйыылары ааста.
— Бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэбитигэр 90-тан тахса үлэһиттээхпит. Бүтэһик уларыйыы былырыын буолбута. Икки тэрилтэни — Степан Аржаков аатынан Бүлүүтээҕи тулаайах оҕолору иитэр Оҕо дьиэтэ уонна «Кэнчээри» саастарын ситэ илик оҕолор кииннэрэ холбоһон, биир тэрилтэ буоллубут. Үлэбит хайысхата олус киэҥ. Биһиги билигин төрөппүтэ көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору көрөбүт-истэбит. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэр уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору кытта эмиэ үлэлэһэбит, — диэн тэрилтэтин үлэтин ис хоһоонун билиһиннэрэр дириэктэр Егор Дашевскай.
Тэрилтэ бүгүҥҥү күҥҥээҕи үлэтин Оҕо дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Анна Дмитриева билиһиннэрэр.
Оҕо дьиэтин үлэһиттэрэ выпускниктарынан киэн тутталлар. Бары олохторун суолун булбут дьон.
Анна Дмитриевна Оҕо дьиэтин бүгүҥҥү олоҕун билиһиннэриитин административнай куорпустан саҕалаата. Оҕолор сынньанар хосторугар бэртээхэй усулуобуйа тэриллибит.
Оҕо дьиэтигэр кэлбит оҕо медицинскэй көрүүнү-истиини ааһар. Уопсайынан, манна оҕо доруобуйатын эмчиттэр болҕомтолоохтук көрөллөр-истэллэр.
Оҕо дьиэтин иитиллээччитигэр сахалыы тыын иҥэриллэрэ бу маннык эйгэттэн көстөр.
Араас саастаах алта оҕо олорор хоһун көрө сылдьан, аһыыр куукуналарыгар өҥөйдүбүт. Бэрт тупсаҕайдык оҥостон олороллоруттан киһи сөҕөр.
Биир хоско оҕо бэйэтин баҕатынан сибэкки үүннэрбитин көрөн сөхтүм. Сырдык, кэрэ олоххо тардыһыы күүһэ бу мантан саҕыллар буоллаҕа. Уопсайынан, бу хоско олорор кыргыттар кустара-хаастара, үүнээйилэрэ элбэҕинэн бэртээхэй хаһаайкалар буолан тахсыыһылар. Оҕо ким буоларын, кини оонньуурдара кэпсииллэрин үгүс киһи үлэһит бэрдэ буолан баран кэпсиирин үгүстүк истэбит дии.
Оҕо дьиэтин хас биирдии сынньанар хоһо, көрүдүөрэ — иитэр-үөрэтэр суолталааҕын бэлиэтии көрдүм.
Улахан кыргыттар хосторо эмиэ уурбут-туппут курдук, киһи кута-сүрэ тохтуур.
Бу эмиэ биир туспа ыал дьаһанан олорор куукуналарын, олорор хосторун көрдүбүт.
Дьуһуурунай оҕолор астарын бэйэлэрин куорпустарыгар бу куукунаттан ылан, доҕотторун аһаталлар. Эрэсииминэн, анал менюнан аһыыллар.
Ити курдук ,Бүлүүтээҕи Оҕо дьиэтин олоҕун-дьаһаҕын кытта сиһилии билсэн баран, кэпсэтиибитин Оҕо дьиэтин дириэктэрэ Егор Дашевскайдыын кэпсэтиинэн түмүктээтибит.
Бүлүүтээҕи оҕо дьиэтин иллээх педагогическай кэлэктиибигэр айымньылаах үлэни, ситиһииттэн ситиһии аргыстаһа сылдьарыгар баҕарабыт!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: