Кусчуттар, көтөр гириибиттэн сэрэниҥ

Кусчуттар, көтөр гириибиттэн сэрэниҥ

06.05.2024, 11:10
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр  сааскы булт кэмэ муус устар 25 күнүттэн саҕаламмыта. Ити күнтэн, иитиэх кустары мончуук оҥостон булчуттар кус сезонун арыйбыттара. Ол эрээри маннык мончуук кустар көтөр гириибин тарҕатар кутталлаахтар.

Россельхознадзор Амур уобалаһынааҕы уонна Саха сиринээҕи салаатын бэтэринээринэй хонтуруол уонна нодзуор салаатын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ Василий Типанов көтөр гириибэ турбутун туһунан сэрэттэ:

Аан дойдуга көтөр гириибэ тарҕанан эрэр. Ааспыт сылга Арассыыйа үрдүнэн 64 сиргэ көтөр гириибэ турбута биллэр. Ити көстүү дьиэ уонна дьиикэй көтөрдөр истэригэр турбута. Бу сыл тохсунньу ыйыттан саҕалаан Арассыыйаҕа үс субъекка — Белгородскай, Воронежскай уонна Астрахань уобаластарыгар турбута. Ол курдук көтөрү иитэр улахан хаһаайыстыбаларга улахан хоромньуну таһаарбыта. Көтөр гириибэ — вируснай ыарыы буолар. Бу ыарыыга киһи эмиэ сутуллуон сөп. Гириип вируһун тарҕатааччынан рибонуклеиновай кислота састааптаах А тииптээх вирус буолар. Вирус 100 кыраадыстан үөһээ ититтэххэ уонна сонно тута тымныыга туттахха 300 хонугунан  өлөр. Көтөр түүтүгэр 100 хонук, ууга 90 хонук сылдьар, сутуйар кыаҕын сүтэрбэт.  Ыалдьыбыт көтөрү хайдах быһаарыахха сөбүй? Кини туруга мөлтүүр, хамсаныыта бытаарар, тумсун уута сүүрэр, куолайа иһэр, атаҕар уйуттубат буолар, охто-суулла сылдьар буолар. Маннык түгэҥҥэ булчуттар сэрэхтээх буолуохтарын наада. Өскөтүн, бултуу сылдьан өлбүт көтөргө түбэстэххитинэ, улуустааҕы бэтэринээринэй пууҥҥа эбэтэр биһиэхэ биллэриҥ. Кэлин булчуттар атын эрэгийиэннэртэн мончуук оҥостоору иитиэх кустары атыылаһаллар. Эһиги атыылаһар кускут бэтэринээринэй ыспыраапкатын ирдэһиэхтээххит, көтөр гириибэ тура сылдьыбыт эрэгийиэннэргэ ыспыраапкаҕа бэлиэлээх буолуохтаах.

+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -43°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: