Кустугунан күнү-дьылы билгэлээһин
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэ үгүс улуустарыгар бастакы илгэлээх ардахтар түһэн аастылар. Элбэх киһи кустугу көрбүт үөрүүтүгэр социальнай ситимнэригэр таһаарда. Бу кустук төһө уһуннук турбутун, хайдах өҥө баһыйарын бэлиэтии көрбүт дьон баара дуу…
— Киэһээҥи кустук сарсыныгар ыраас күн үүнэрин, оттон сарсыардааҥы кустук — ардах кэлэрин билгэлиир;
— кустук көстө түһээт да сүттэҕинэ – ардах сотору астар;
— кустук кытархай өҥүнэн кыыһар буоллаҕына, сотору тыал түһэр;
— кустук кытархай өҥө чаҕылхай буоллаҕына, улахан тыал түһэр;
— кустук сарсыарда эрдэттэн түстэҕинэ, сотору ардах кэлэр;
— кустук сэттэ өҥүттэн от күөҕэ ордук баһыйар буоллаҕына, ардах өссө күүһүрэр;
— кустук өҥө араас түгэнигэр, ардах сотору астар;
— кустук киэһээҥи омурҕан кэнниттэн түстэҕинэ, күн-дьыл сотору көнөр;
— кустук уһуннук хамсаабакка турдаҕына, ардах астыбат;
— кустук үрдүк уонна төгүрүктүҥү буоллаҕына – кураанныыр, сытыары буоллаҕына – ардахтаах, силбиктээх күннэр салҕаналлар;
— кустук халлааҥҥа эмискэ өрө күөрэйэн таҕыстаҕына, ардах астар, кураан буолар.
Туһаныллыбыт литэрэтиирэ: “Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр”, И.Сосин, И.Неустроев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: