«Кустук» уһуйаан иитиллээччилэрэ айылҕаны харыстыырга үөрэнэллэр
Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр «Кустук» уһуйаан экологическай хайысхаҕа хорутуулаахтык үлэлиир. Дьыл кэмиттэн тутулуга суох кырачаан иитиллээччилэр айылҕаны, көтөрү-сүүрэри, оту-маһы харыстыырга, бүөбэйдииргэ, тулалыыр эйгэҕэ уратытык сыһыаннаһарга анал иитэр-үөрэтэр бырагырааманы таһынан аахсыйалары тэрийэн ыыталлар. Бу аахсыйалар оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэллэр.
Билигин айылҕа уһуктан күөх киистэтин анньынан, ньургуһун сибэкки тыллан турар кэмигэр уһуйаан иитиллээччилэрэ иитээччилэрин кытта дьон-сэргэ сөбүлээн тоҕуоруһар, сынньанар сиригэр, нэһилиэк аттынааҕы Мырааҥҥа тахсаннар айылҕаны харыстыыр аахсыйаларын ыыттылар. Бу үгэскэ кубулуйбут аахсыйа төрөппүт көмөтө суох ааспата чуолкай, онон манна дьиэ иһинээҕи киһи барыта кыттар. Биһигини кытта тэҥҥэ Кэбээйи орто оскуолатын 6 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Мария Ивановна Зыкова) сырыттылар, айылҕаны харыстыыр аахсыйаҕа кыттыстылар.
Иитиллээччилэр айан суолун кытыытыгар былакааттары туруордулар, эбэлэрин аһаттылар уонна сиргэ тахсыы сиэринэн аһаан баран, бөхтөрүн хомуйан анал бөҕү быраҕар сиргэ аҕалан хааллардылар.
Айылҕа уһуктар кэмигэр тыаҕа тахсыы оҕолорго үтүө өйдөбүлү, суолу-ииһи хаалларара саарбаҕа суох.
Татьяна Максимова-Лазарева.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: