«Кустук» уһуйаан иитиллээччилэрэ айылҕаны харыстыырга үөрэнэллэр

Share

Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр «Кустук» уһуйаан экологическай хайысхаҕа хорутуулаахтык үлэлиир. Дьыл кэмиттэн тутулуга суох кырачаан иитиллээччилэр айылҕаны, көтөрү-сүүрэри, оту-маһы харыстыырга, бүөбэйдииргэ, тулалыыр эйгэҕэ уратытык сыһыаннаһарга анал иитэр-үөрэтэр бырагырааманы таһынан аахсыйалары тэрийэн ыыталлар. Бу аахсыйалар оҕо өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэллэр.

Билигин айылҕа уһуктан күөх киистэтин анньынан, ньургуһун сибэкки тыллан турар кэмигэр уһуйаан иитиллээччилэрэ иитээччилэрин кытта дьон-сэргэ сөбүлээн тоҕуоруһар, сынньанар сиригэр,  нэһилиэк аттынааҕы Мырааҥҥа тахсаннар айылҕаны харыстыыр аахсыйаларын ыыттылар. Бу үгэскэ кубулуйбут аахсыйа төрөппүт көмөтө суох ааспата чуолкай, онон манна дьиэ иһинээҕи киһи барыта кыттар. Биһигини кытта тэҥҥэ Кэбээйи орто оскуолатын 6 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Мария Ивановна Зыкова) сырыттылар, айылҕаны харыстыыр аахсыйаҕа кыттыстылар.

Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.

Иитиллээччилэр айан суолун кытыытыгар былакааттары туруордулар, эбэлэрин аһаттылар уонна сиргэ тахсыы сиэринэн аһаан баран, бөхтөрүн хомуйан анал бөҕү быраҕар сиргэ аҕалан хааллардылар.

Айылҕа уһуктар кэмигэр тыаҕа тахсыы оҕолорго үтүө өйдөбүлү, суолу-ииһи хаалларара саарбаҕа суох.

Татьяна Максимова-Лазарева.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Өлөөҥҥө сэтинньи 23 күнүттэн тымныйда

Ааспыттааҕы күнү-дьылы билгэлииригэр Тускул Өлөөн улууһун күнэ-дьыла Саха сирин күнүн-дьылын оҥорор диэбитэ. Ол иһин, Өлөөн…

9 минут ago
  • Култуура

Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.  2019 сыллаахха…

23 минуты ago
  • Сонуннар

Көнөрө буоллар

Аҕыйах хонуктан ыла Дьокуускай уулуссаларынан оптуобустар сырыылара уларыйан, айанньыттар бары саҥа маршруппутугар үөрэнэбит. Сыыһа-халты олорсуу,…

31 минута ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бурматов саҥа сокуону бэлэмнии сылдьар

Госдуумаҕа кыылларга кырыктаах сыһыан иһин ыстарааптыыр туһунан сокуон барылын оҥоро сылдьаллар. Сокуон барылын көҕүлээччитэ --…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Саха сирин оскуолаларыгар саҥа үөрэх дьылыгар үүнээйини олордуу саҕаланна

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Сыымах нэһилиэгин Баатара оскуолатыгар тохсунньу ыйтан оҕолор салаат уонна оҕурсу үүннэрэр тэпилииссэлэрэ…

53 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муус уонна хаар оҥоһуктар быйылгы тиэмэлэрэ — Улуу Кыайыы 80 сыла

Быйыл «Саха сирин бриллианнара» («Бриллианты Якутии») муус уонна хаар оҥоһуктарын норуоттар икки ардыларынааҕы күрэҕэ 2024…

1 час ago