Эбээн Бытантай улууһун Кустуур нэһилиэгэр саҥа хочуолунай тутуллан эрэр. Онон үлэ-хамнас күөстүү оргуйбут.
— Кустуурга саҥа хочуолунай тутуллар буолан, сэргэхсийии бөҕө. Үлэ-хамнас тигинэччи ыытыллар. Үлэһиттэр билигин акылаатын түһэрээри сылдьаллар. Ону тэҥэ ититэр ситим тыраассатын тардыахтара. Онно туспа биригээдэ үлэлиир. Кинилэр хайы-үйэ турбалары олордорго атахтары туруора сылдьаллар. Аҥаарын туруордулар. Ол кэннэ атахтарга турбалары олордуохтара. Онон бытарытыллыбыт маһынан үлэлиир хочуолунайбыт олоххо киирэригэр эрэлбит күүһүрдэ, — диэтэ Кустуур баһылыга Роберт Колесов.
Хаартыска: Колесов Р. ыытта
Ил Дархан туһаайан этиитигэр дьоҕус урбааны өйүүр боппуруос болҕомтоҕо ылыллыа диэн, норуот дьокутаата, Ил Түмэн…
“Илии сылааһа” сыах (сал. Саввина И.Е.) филиала Куокуйдааҕы “Надежда” холбоһук (сал. Еремеева Т.У.) бу сылга…
Дьокуускайдааҕы полиция 1-кы №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох дьахтар кини аатыгар сокуоннайа суохтук 145 тыһ.солк.…
СӨ муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын 3-с сийиэһэ куорат уокуруктарын, тыа сирин нэһилиэктэрин дьокутааттарын түмтэ.…
Саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Егор Петрович…
Быйыл өрөспүүбүлүкэ 13 арктическай улууһугар барыларыгар эргиэн логистическай кииннэрэ аһылыннылар. Бу соругу Айсен Николаев Судаарыстыбаннай…