Кустуурга саҥа хочуолунай тутуллуоҕа

Share

Эбээн Бытантай улууһун Кустууругар кэлэр сылга саҥа хочуолунай тутуллуохтаах. Бу хочуолунайга маһы дробилкаҕа үлтүрүтэн оттуохтара.

— Кустуурга бырапыыскалааҕынан 700 тахса киһи олорор. Саҥа хочуолунайы 2024 сыл ахсынньыга үлэҕэ киириэ диэтилэр. Бырайыактааччылар кэлэн бардылар. Онон хамсааһын, үлэ саҕаланан эрэр диэн эрэх-турах олоробут. Кыһыҥҥы суолунан тутуу матырыйаалын барытын тастахтарына, тутууга харгыс суох буолуоҕа, — диэтэ нэһилиэк баһылыга Роберт Колесов.

Кустуурга хочуолунайы тутуу бырайыагын туһунан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев бу сыл сэтинньи ыйга тустаах ыйааҕа тахсыбыта. Онон “СӨ ОДьКХ” ГУП ураты бырайыага үлэҕэ киириэҕэ. Биллэрин курдук, маннык оттугунан үлэлиир хочуолунай өссө 2019 с.  тутуллан, бу улууска Дьарҕаалаахха үлэлии турар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

9 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспаҕа сааскы ыҥырыы туһунан

Бэрэсидьиэн Владимир Путин муус устар 1 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри байыаннай сулууспаҕа сааскы…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Спорт

«Манчаары оонньууларын» түмүктүүр чааһын путевкалара бэс ыйын 15 күнүгэр диэри оонньонуохтара

Күн бүгүн "Манчаары оонньууларын" финальнай чааһыгар 774 путевка оонньонно. Остуол оонньууларыгар, хотугу многоборьеҕа, национальнай многоборьеҕа,…

10 часов ago
  • Кыайыы 80 сыла
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сибээскэ “Кыайыы куолаһа”!

Бүгүн “Кыайыыны истиэххэ” аахсыйа көмөтүнэн Арассыыйа хайа баҕарар олохтооҕо номоххо киирбит, аҥардас куолаһыттан этиҥ сааһа…

10 часов ago