Салгыы
Кутанаҕа күөл хаатыттан тахсар куттала үөскээтэ

Кутанаҕа күөл хаатыттан тахсар куттала үөскээтэ

Ааптар:
17.10.2022, 16:39
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр күөл уута элбээн, хаатыттан тахсар куттал үөскээн, чугас олорор ыаллары ыксатта.

Нэһилиэк баһылыга Николай Давыдов иһитиннэрэринэн, улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэн, үөскээбит балаһыанньаны учуоттаан бу күннэргэ нэһилиэк үрдүнэн ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолуу эрэсиимэ олохтоммут. Күөл уутун түһэриигэ, саҥа хоруулары хаһыыга «Айан-суол» диэн тэрилтэ тиэхиньикэлэрэ күүскэ ылсыбыттар.

Маны былырыын Ботомоойуга турбут улахан баһаардар уонна улахан, элбэх уулаах ардахтар содуллара диэн олохтоохтор этэллэр. Ботомоойу үрэхтэрин уута Күүкэйинэн ааһан Кутана күөлүн толорор. Ону ааһан бу күөлгэ Саһар уонна Тоҥуулаах үрэхтэрин уулара киирэр.

Кутана олохтоохторо күөллэрин уутун түһэрэр туһугар күүстээх үлэни ыыталлар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: