Бу күннэргэ Сунтаар улууһун Кутана сэлиэнньэтигэр күөл уута элбээн, хаатыттан тахсар куттал үөскээн, чугас олорор ыаллары ыксатта.
Нэһилиэк баһылыга Николай Давыдов иһитиннэрэринэн, улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэн, үөскээбит балаһыанньаны учуоттаан бу күннэргэ нэһилиэк үрдүнэн ыксаллаах быһыыга-майгыга бэлэм буолуу эрэсиимэ олохтоммут. Күөл уутун түһэриигэ, саҥа хоруулары хаһыыга «Айан-суол» диэн тэрилтэ тиэхиньикэлэрэ күүскэ ылсыбыттар.
Маны былырыын Ботомоойуга турбут улахан баһаардар уонна улахан, элбэх уулаах ардахтар содуллара диэн олохтоохтор этэллэр. Ботомоойу үрэхтэрин уута Күүкэйинэн ааһан Кутана күөлүн толорор. Ону ааһан бу күөлгэ Саһар уонна Тоҥуулаах үрэхтэрин уулара киирэр.
Кутана олохтоохторо күөллэрин уутун түһэрэр туһугар күүстээх үлэни ыыталлар.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038