Кутанаҕа ойуур баһаарын умуруорууга күүстээх үлэ ыытылынна

Кутанаҕа ойуур баһаарын умуруорууга күүстээх үлэ ыытылынна

Ааптар:
29.07.2024, 12:53
Хаартыска "Якутлесресурс" ГАУ тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Баһаар уустук сезонугар биир чаҕылхай холобурунан Алдан улууһун Кутана бөһүөлэгиттэн чугас баһаары умулларыы буолла.

Бу туһунан бөһүөлэк баһылыга Николай Кириллович Максимов кэпсиир:

—Быйыл 500 кэриҥэ киһи олорор бөһүөлэгэр ойуур баһаарын куттала үөскээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ суһал ыстаабын быһаарыытынан, биһиэхэ СӨ экологияҕа министиэристибэтэ «Якутлесресурс» тоҕус үлэһитин ыыппыта. Салайааччы бу үлэҕэ уопуттаах баһаарынай Чаҕыл Олегович Чикачев. Кинилэр көмөлөрүнэн бөһүөлэктэн үс км сиргэ кэлбит уот тохтотулунна. Минерализованнай балаһа оҥоһуллубута, уоту утары уот ыытыллыбыта бу балаһыанньаҕа көдьүүстээх буолла. Уоту умуруорууга барыта 54 киһи үлэлээтэ. 34 киһи олохтоох нэһилиэнньэттэн, 10 ЫБММ үлэһиттэрэ, биир лесничэй, тоҕус «Якутлесресурс» баһаарынайа.

Экология миниистиригэр Евгений Перфильевкэ, ойуур баһаарын умуруорууга кыттыбыт, көмөлөспүт дьоҥҥо бука барыларыгар, баһаарынайдарга хорсун, сыраны эрэйэр дьүккүөрдээх үлэлэрин иһин махтанабын.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: