Куукула быыстапкатыттан санаалар

Куукула быыстапкатыттан санаалар

14.01.2024, 13:56
Хаартыска: ааптар
Бөлөххө киир:

«Симэх» галерея тэрийбит «Бал снежной королевы» диэн бэйэ оҥорбут куукулаларын көрдөрүү быыстапкатын кэрэ оҥоhуктарын көрөн, чахчы тыйыс тымныы дойдубут куукуланан айыллыбыт баалыгар сылдьыбыт тэҥэ сананным.

Сахабыт сирин дэгиттэр талааннаах дьоно-сэргэтэ кэрэҕэ тардыhыыта күүстээҕин, ураты сатабылын көрөн сөхтүм. «Саха сатаабата суох» дииллэрэ чахчытын биhирии, сэргии итэҕэйдим.


Яна Игнатьева салайааччылаах «Симэх» галерея үлэhит кэлэктиибигэр, 2024 сылы көрсө биллиилээх худуоһунньук-модельер Августина Филиппова үбүлүөйдээх 75 сааhыгар аналлаах маннык кэрэ, сэдэх быыстапканы тэрийбиттэригэр истиҥ махтал.
Хойутуу сыһан, быыстапка сабыллаары турар кэмигэр көрө киирбиппин үөрэ-көтө көрсөн, киллэрэн көрдөрбүтүгэр быыстапканы көрөөччү-истээччи үтүө-мааны хаhаайкаҕа Светлана Куприяновнаҕа махтанным.


Куукулаларга аналлаах бастакы быыстапкалары тэҥнии көрдөххө, куукуланы оҥорооччу элбээбитэ, оҥорор ньыма быдан тупсубута, Августина Николаевна айбыт уобарастарын оҥоhуктара баар буолбуттара кэрэхсэтэр. Оҥоһуктар ис хоһоонноро бары олохтоохтор, төрөөбүт дойдубутугар сыhыаннаах кэрэ көстүүлэри, символлары туһаммыттар.
Быыстапканы көрөн баран, маннык кэрэ оҥоhуктар киэҥ эйгэҕэ атыыга тарҕанар да кэмнэрэ кэлбит эбит диэн санааҕа кэллим. Айар талаан болҕомтоҕо ылыллан, айар дьоҕур өссө сайдан, тупсан, хас биирдии ыал саҥа дьылы көрсө, Тымныы хаhаайынын Чысхааны тэҥэ, атын да уобарастары хамаҕатык атыылаhан ылыа эбит. Оҕо-аймах кыра эрдэҕиттэн бэйэ символларын билэр, ытыгылыыр буола улаатыа, киэн тутта дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүө, кэпсиэ, бэлэхтиэ эбит диэн өйдөбүл үөскүүр.
Быыстапка бары кыттыылаахтара талааҥҥыт өссө да сайдан, айар үлэҕит аартыктара кэҥээн, ситиhиигит үксээн истин!

Светлана ЛУКИНА

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: