Куукулалар быыстапкаларын биһирээтилэр
Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Якутия — интернациональная республика» диэн бэрт сонун, сэргэх быыстапка болҕомтону тардар.
Быыстапкаҕа туруоруллубут дьэрэкээн таҥастаах куукулалары көрбүт дьон улаханнык кэрэхсээтилэр, сэҥээрдилэр диэн норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Быыстапкаҕа «Ала Булкун» олоҥхо дьоруойдарынан Бөтүҥтэн (Амма улууһа) С.Я.Левин аатынан норуот айымньытын кииниттэн, Дьокуускайтан «Маяк» култуура дьиэтиттэн айар бөлөх, Намтан Т.Д.Колесова куукулаларынан, «Калмык уонна калмычка» П.И.Терентьева бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан, «Дамы эпохи» А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа отдел фарфортан куукулаларынан, Хатастан «Ситим» оҕо айымньытын дьиэтиттэн, А.П.Иванова «Бурятский Баяндинский кочевник» куукулаларынан кыттыбыттар.
Бу биһирэбили ылбыт быыстапка ыам ыйын 15 күнүгэр диэри турар диэн иһитиннэрэллэр. Сылдьыҥ, көрүҥ, санааҕытын үллэстиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: