Куурусса этигэр антибиотигы буллулар
Өрөспүүбүлүкэ биир улууһугар оҕо уһуйааныгар бэриллибит куурусса эриллибит этигэр антибиотик булулунна диэн “Россельхознадзор” Амурскай уобаласка уонна Саха сиригэр управлениета иһитиннэрэр.
Управление 5 уһуйааҥҥа ас бородууксуйатын чинчийбит. Онуоха Ставропольскай кыраайга оҥоһуллубут куурусса эриллибит этигэр энрофлоксацин диэн антибиотик баара булуллубут.
Бу антибиотик көтөрдөрү эмтииргэ уонна ыарыыны сэрэтэргэ туһаныллар. Кыараҕас сиргэ элбэх көтөр хаайтаран туран, ыарыыга кэбэҕэстик сутуллуохтарын сөп, ол иһин эрдэттэн сэрэтэн, антибиотигы биэрэллэр. Ол гынан баран, эмтэммит көтөрү 11 суукка буолбутун эрэ кэннэ өлөрөр көҥүллэнэр.
Антибиотиктаах эти элбэхтик сиэтэххэ, киһи доруобуйатыгар куһаҕан содуллаах буолар. Бастатан туран, антибиотик киһи этигэр-сиинигэр мунньуллар, онон антибиотик күүһэ киһиэхэ дьайбат буолан хаалар. Ол эбэтэр, киһи бэйэтэ ыалдьан баран, антибиотигынан эмтэнээри гыннаҕына, этэ-сиинэ эми истибэт буолан хаалар, онон үтүөрбэт. Бу ыарахан ыарыыларга кутталлаах көстүү. Иккиһинэн, антибиотик оһоҕоско эмиэ куһаҕаннык дьайар, туһалаах бактыарыйалары өлөрөр, онон араас ыарыы, аллергия буолан тахсыан сөп. Онон бэйэ оҥорон таһаарбыт олохтоох аһы атыылаһар ордук.
Бу эриллибит эти оҥорон таһаарааччыга төттөрү ыытыахтара диэн СИА суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: