Квитанция кэлбэтэҕинэ хайыыбын?
— Хапытаалынай өрөмүөн усунуоһун төлүөхтээҕим туһунан квитанция кэлбэт, ону хайыыбын?
“СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ дьиэни бас билээччилэри кытта үлэҕэ отделын начаалынньыга Саида Петрова хоруйдаата:
— РФ Дьиэ-уот кодексыгар олоҕуран, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ дьон олорор уонна олорбот (нежилой) помещениеларын бас билээччилэр дьиэлэрин уопсай баайын-дуолун хапытаалынай өрөмүөнүгэр ый аайы усунуос төлүөхтээхтэр. Бу кодекс 158 ыстатыйатын 3 чааһыгар олоҕуран, усунуоһу төлүүр эбээһинэһин толорботох дьиэ урукку хаһаайынын эбэһээтэлистибэтин бу эбийиэги саҥа бас билээччи төлүүрүн санатабыт.
Билигин “СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин хапытаалынай өрөмүөннээһиҥҥэ пуондата” тэрилтэ “Арассыыйа Почтата” нөҥүө квитанциялары ыытар буолла. Ону тэҥэ Госөҥө тиһигинэн ыытыллар, ону тэҥэ каассанан. Дьиэни бас билээччилэр усунуоһу төлүүр туһунан квитанцияларын электроннай почталарынан ылыахтарын сөп. Онуоха “Личный кабинет” интернет-сервискэ Пуонда дьиҥ таһымнаах саайтыгар Fondkr.ru. эбэтэр сайабылыанньаны электроннай буостанан Fin@fondkr.ru ыытыҥ.
Өскөтүн бас билээччи квитанцияны ханнык даҕаны ньыманан кыайан ылбатаҕына, Пуонда саайтынан сайабылыанньа (дьиэни бас билии быраабын сибидиэтэлистибэтэ, пааспар) ыытыахтарын сөп. 8(4112) 31-90-14 төлөпүөнүнэн ыйытыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: