Кыадаҥдаҕа сэргэх көрсүһүү буолла
Өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын 2023 сыллаах үлэтин отчуота Бүлүү улууһун Кыадаҥда нэһилиэгэр саҕаланна.
Нэһилиэккэ балтараа сүүс киһи олорор. Манна былырыын ИП Иванова Мария Михайловна «Кынат» хаһаайыстыбатыгар көтөрүнэн дьарыктанарыгар анылыгыы тупсаҕай улахан эбийиэк тутуллубут. Икки сыллааҕыта нэһилиэк кыһыҥҥы тэпилииссэлэммит, манна үлэҕэ-хамнаска ИП Томская Айталина Захаровна эппиэтинэстээх. Үс киһи көрүүтүнэн-истиитинэн былырыын дьэдьэн үүннэрбиттэр. Сайыҥҥы өттүгэр оҕурсу, помидор, сибэкки, о.д.а. үүнээйини олордуунан дьарыктаналлар. Нэһилиэккэ сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар. Уопсайа 106 ынах сүөһүлээхтэр, 84 сылгылаахтар, икки кки бааһынай хаһаайыстыбалаахтар. Бу туһунан оллохтоох дьаһалта сүрүннүүр исписэлииһэ Валерий Михайлович Иванов сырдатта.
Өрөспүүбүлүкэҕэ ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэни-хамнаһы истэ олохтоохтор Н.Х.Константинов аатынан сынньалаҥ киинигэр муһуннулар. Үлэ бастаан утаа биирдиилээн дьону кытта кэпсэтииттэн, көрсүһүүттэн саҕаланна.
Салгыы ыйытыыларга, туруорсууларга киирдилэр. Олохтоохтор мэдиссиинэ үлэһитинэн хааччыйыыны ыйыталастылар, чуолаан биэлсэргэ наадыйалларын этиннилэр. Бу ыйытыыга Бүлүү улууһугар 14 мэдиссиинэ исписэлииһэ кэлиэхтээҕэ, онтон үһэ биэлсэр буолара этилиннэ. Онон нэһилиэк биэлсэринэн хааччыллыан сөп курдук буолла.
Маны сэргэ, суол-иис оҥоһуутун, теле-2 сибээһин туһунан эттилэр, ыйыттылар. Ол курдук, «Федеральнай суол Бүлүүттэн Чыбыыдаҕа диэри хаһан аспаалланан бүтэрий?», — диэн Евсеев Павел Петрович ыйытыытыгар былааннаах үлэ ыытылла турара этилиннэ. Оттон сибээскэ нэһилиэк эрэ иһигэр үлэлиир диэн Павлов Степан Максимович ыйытыытыгар федеральнай трассаҕа суһал сибээс пууна диэн баар буолуохтааҕын эттилэр.
Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Томскай Д.Г. былырыын Бырабыыталыстыба отчуота нэһилиэктэригэр ыытыллыбатаҕыттан хомойбуттарын, онон быйыл отчуот буоларыттан олус сэргэхсийбиттэрин эттэ. Кини салгыы Кыадаҥда олоҕун-дьаһаҕын, үлэтин-хамнаһын туһунан билиһиннэрдэ, санаатын үллэһиннэ. Кини тыа хаһаайыстыбатыгар, үлэни-хамнаһы саҥалыы сайыннарыыга саҥа идиэйэлэр бааллар дуо диэн ыйытыыга, туох тутуулары ыытыы былааннанарыгар, оттоон-мастаан кириисис кэмигэр хайдах быыһанабыт, үлэлээн-хамнаан дьиэ кэргэммин иитэбит диэн, о.д.а. хайысхаларга, ыйытыыларга отчуот ыытыллара наада диэн эттэ.
Бырабыыталыстыба отчуотун ыытыллар киэбин уларытаыахха наада . Тоҕо диэтэххэ былырыын туруоруллубут боппуруостар туолбуттара-туолбатахтара биллибэт диир Томскай М.С. Кини оҕолор сахалыы саҥарбат буолан эрэллэрин, манна болҕомто ууруохха наада диэн этэр. Маны сэргэ, дьон олоҕо тупсарын туһугар тыа сирэ баар буолуохтаах диир. Тыа сирэ сайдыахтаах уонна дьон-сэргэ олохсуйуохтаах, дьиэ кэргэн тэриниэхтээх, оҕо-уруу төрөтүөхтээх диэн бэлиэтиир. Тыа сирэ сайыннаҕына, бу өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар төһүү буолуоҕун ыйар. Биллиилээх судаарыстыбаннай диэйэтэл Г.И.Чиряев төрөөбүтэ эһиил 100 сылынан нэһилиэк күүһүнэн тутуллубут Г.И.Чиряев түмэлин боппуруоһун таарыйда. Ытык киһилэригэр анаан улахан пааматынньык туруорар баҕалаахтарын биллэрдэ. Түмэлгэ өрөспүүбүлүкэ статутуһун туруорсаннар үлэ ыыталларын этэн туран, боротокуолга киллэрэр буоллар диэн санаатын тиэртэ. Эһиилигиттэн түмэл таас дьиэтин туттарарга күүскэ ылсар былааннаахтарын иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: