Хаартыска: СИА
Маннык төлөбүрү сэрии бэтэрээннэрэ, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылларын оҕолоро ылыахтара диэн «Якутия24» телеханаалга «Актуальное интервью» биэриигэ СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова иһитиннэрдэ, диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 кыттыылааҕар 2 мөлүйүөн солкуобай суумалаах биир кэмнээх төлөбүр оҥоһулунна.
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 80-нуу тыһыынча солкуобайдаах төлөбүрү Саха сиригэр олорор Ленинград блокадатын 11 олохтооҕо, концлааҕырдарга сылдьыбыт ол кэмнээҕи оҕолор – 5 киһи, 208 сэрии бэтэрээннэрин огдообото ыллылар.
«Уопсайа Улуу Кыайыы 80 сылынан биир кэмнээх төлөбүрү Саха симригэр олорор 13-тии тыһыынча киһи ылыаҕа, ол иһигэр тыылга үлэлээбиттэр – биирдии 50-нуу тыһыынчаны, ону тэҥэ сэрии сылларын оҕолоро – 5-тии тыһыынча солкуобайы. Быйыл өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев сорудаҕынан Кыайыы үбүлүөйдээх сылынан төлөбүрдэр эрдэ оҥоһуллуохатар, олунньу 20 күнүгэр диэри барыларыгар тиэрдиллиэҕэ», — диэн Елена Волкова эттэ.
Билиҥҥи сокуон быһыытынан, Аан дойду сэриитин бэтэрээннэригэр социальнай өйөбүл дьаһалларынан ый аайы дьиэ-уот уонна хомунаалынай өҥөлөр иһин ый аайы харчынан толуйуллаллар, биир кэмнээх үбүнэн көмө, ол иһигэр чааһынай олорор дьиэни кииннэммит сылааһынан хааччыйыыга холбуурга көрүллэр, гааһы биэриини, уотунан сылытыыны, эбии социальнай төлөбүр быһыытынан, дьиэҕэ социальнай өҥөлөр көрүҥнэринэн оҥоһуллар.
«Холобур, тыыл бэтэрээннэригэр өрөмүөҥҥэ көрүллэр көмө суумата, олорор сириттэн көрөн, 30-тан 50 тыһыынча солкуобайга диэри тэҥнэһэр. Оттон олорор дьиэни араас ититэр систиэмэҕэ холбуурга өйөбүл хааччахтааһына суох оҥоһуллар. Гааска холбонууга федеральнай уонна судаарыстыбаннай бүддьүөттэн кыттыгас үбүлээһин бырагырааматынан 202 тыһыынча солкуобайга диэри өйөбүл оҥоһуллар», — диэн бэлиэтээтэ миниистир.
Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар. [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]
Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…