Кыайыы 80 сылынан сэрии бэтэрээннэригэр төлөбүрдэри хайдах оҥорор туһунан быһааран биэрдилэр

Share

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр төлөбүрдэр тустарынан чуолкайдааһыны оҥордо диэн СИА иһитиннэрэр.

Төлөбүрдэр Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларын чэрчитинэн Улуу Кыайыы 80 сылынан оҥоһуллуохтара.

РФ Бэрэсидьиэнин ыйааҕынан бу төлөбүрү быйыл муус устар уонна ыам ыйдарыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин инбэлииттэрэ, кыттыылаахтара, «Блокадалаах Ленинград олохтооҕо» бэлиэнэн наҕараадаламмыт дьон, сокуоннай саастарын туола иликтэринэ концлааҕырдарга, геттоларга уонна да атын сирдэргэ күүс өттүнэн хаайыллыбыт ол кэминээҕи оҕолор, Финляндияны, Японияны кытта сэриигэ, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр, кытта сылдьан сэриигэ өлбүт байыаннай сулууспалаахтар, Аҕа дойду Улуу сэриитин инбэлииттэрин уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын огдооболоругар 80 тыһ. солк. кэриҥнээх биир кэмнээх төлөбүрдэр оҥоһуллуохтара.

Тыыл бэтэрээннэригэр, фашистскай концлааҕырдар, түрмэлэр уонна геттолар сыппыт саастарын сиппит дьон 55 тыһ. солк. кэриҥнээх биир кэмҥнээх төлөбүрү ылыахтара.

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ анабыл этиитигэр сэрии бэтэрээннэригэр уонна 13 тыһыынча сэрии сылларын оҕолоругар өрөспүүбүлүкэттэн харчынан төлөбүрдэр оҥоһулларын туһунан эппитэ.

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүнэн сибээстээн Аҕа дойду улуу сэриитин тоҕус кыттыылааҕар биир кэмнээх төлөбүрдэри оҥоһулунна.

«Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы үбүлүөйдээх сылын бэлиэтииргэ бэлэмнэнии биһиги бүгүҥҥү уопсай сорукпут уонна сыалбыт буолар. Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан үбүлүөйдээх сыл бастакы күннэригэр төлөбүрдэр оҥоһулуннулар. 2025 сылга Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 кыттыылааҕар оҥоһуллар төлөбүр 2-лии мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэһиэҕэ», — диэн бэлиэтээтэ СӨ үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын дьаһалынан, Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиир сылга биир кэмнээх төлөбүрдэр көрүллүннүлэр: блокадалаах Ленинград олохтоохторугар, концлааҕырдар, сокуоннай саастарын туола иликтэринэ концлааҕырдарга, геттоларга уонна да атын сирдэргэ күүс өттүнэн хаайыллыбыт дьоҥҥо, сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар – 80 тыһ. солк., тыыл бэтэрээннэригэр – 50 тыһ. солк., ону тэҥэ сэрии сылларын оҕолоругар – 5 тыһ. солк.

Төлөбүрдэр бары олунньу 20 күнүгэр диэри сайабылыанньата суох оҥоһуллуохтара.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл сүүһүнэн килэмиэтир суол саҥардыллыаҕа

Саха сиригэр быйылгы тутуу сезонугар суол-иис өрөмүөнүн үлэтэ киэҥ далааһыннаахтык бара турар. Бу үлэлэр былаантан…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев: «Кыстыкка былаантан хаалбакка киириэхпит»

Өрөспүүбүлүкэҕэ оттооһун үлэтэ былаан быһыытынан бара турар, кыстыкка киириигэ ыарахаттар күүтүллүбэттэр. Бу туһунан Ил Дархан…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев: «Быйыл ойуур баһаардарынан ЫБМ эрэсиимэ биллэриллибэтэ»

Саха сиригэр быйыл ойуур баһаардарынан ыксаллаах-быһыы майгы  эрэсиимэ биллэриллибэтэ. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев…

29 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Дьокуускай телебашнята триколор өҥүнэн сандаарыаҕа

Атырдьах ыйын 22 күнүгэр, РФ Судаарыстыбаннай былааҕын күнүгэр, Дьокуускай телебашнята РФ судаарыстыбаннай былааҕын өҥүнэн сандаарыаҕа.…

33 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Роман Вильфанд: Сибииргэ уонна Уһук Илиҥҥэ күн-дьыл туруга кутталланар….

Сибиирдээҕи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр күүстээх сөҥүү түһүөҕэ, оттон Саха сиригэр хаһыҥ түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан…

52 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьокуускайга эр киһи массыына түннүгүн алдьатан, солуонтан мал уорбут

Дьокуускай куорат 1 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар олохтоох киһи уоруу туһунан сайабылыанньа түһэрбит. Биллибэт…

1 час ago