Кыайыы болуоссатыгар “Русское лето. ZаРоссию” муусука бэстибээлэ буолуоҕа
Дьокуускайга балаҕан ыйын 2 күнүгэр “Русское лето. ZаРоссию” муусука бэстибээлигэр Юта уонна “ПослеZавтра” бөлөх хедлайнердарынан буолуохтара. Онон Кыайыы болуоссатыгар көрөөччүлэри Арассыыйа бастыҥ толорооччулара кэтэһэллэр. Итиэннэ тэрээһиҥҥэ патриотическай хоһооннору ааҕыахтара, Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтарыгар туһаайыы оҥоруохтара, Уһук Илин чөмпүйүөннэрэ кыттыылаах күүһү холонооччулар шоулара буолуоҕа.
Бэстибээл Арассыыйа 26 куоратыгар буолар уонна алта федеральнай уокуругу хабар. Бэрэсидьиэн култуураны көҕүлүүр пуондата тэрийэр.
Дьокуускайга бэстибээл Кыайыы болуоссатыгар күнүс 14:00 чаастан саҕаланыаҕа. Манна “103”, “Дапсы” уонна Ojuur олохтоох бөлөхтөр кыттыахтара. Юта уонна “ПослеZавтра” саҥа ырыаларын истиэхпит.
Бэйиэт, суруналыыс, тылбаасчыт Игорь Караулов Ийэ дойдуга таптал, байыаннай хоһооннорун ааҕыаҕа.
Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтарыгар анаан ким баҕарар видеотуһаайыы оҥоруон сөп. Бэстибээлгэ Норуодунай фронт интерактивнай кабината туруоҕа.
Өссө күүстээх бухатыырдар уонна “Аан дойду күүстээх нацията” атлеттар шоулара эһигини күүтэр.
Пауэрлифтинг успуордун маастара, Уһук Илин саамай күүстээх-уохтаах киһитэ, 2020 с. Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр 110 киилэҕэ диэри үрүҥ көмүс призер Владимир Тарасов уонна пауэрлифтинг успуордун маастара, Комсомольска-на-Амуре куораттан Андрей Назаров кытталлара күүтүллэр.
Үҥкүүнү сэҥээрээччилэр биллэр блогер, хореограф, ТНТ “Танцы” шоу бастакы сезонун финалисткатын Алиса Доценколыын үҥкүүлүөхтэрэ.
Бэстибээл түмүктэниитигэр сомоҕолоһуу уонна патриотизм гимнин бука бары ыллыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: