Хаартыска: Муома улууһун дьаһалтата
Кулун тутар 3 күнүгэр Ленскэй оройуона Кыайыы былааҕын Муома улууһугар туттарда.
«Кыайыы Знамятын» улуус баһылыга Дмитрий Аммосов, оройуоннааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Слепцова уонна полиция майора Василий Иванов көрүстүлэр. Хонуу сэлиэнньэтин успуорт саалатыгар Кыайыы былааҕын көрсүү үөрүүлээх тэрээһинэ буолла.
Бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлээн туран, «Кыайыы Знамятын» эстэпиэтэтэ олус улахан суолталааҕын бэлиэтээтилэр.
«Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит аахсыйата историческай кырдьыгы харыстыырга олус улахан суолталаах. Аҕа дойду Улуу сэриитин бары дьайыыларын, биһиги норуоппутугар Улуу Кыайыы хайдах тиксибитин, эдэр көлүөнэҕэ төрөөбүт дойдубут историятын кэпсиэх тустаахпыт», — диэн бэлиэтээтэ Дмитрий Аммосов.
Мүрү орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Альберт Слепцов бүгүҥҥү көлүөнэ Аҕа дойду Улуу сэриитин дьоруойдарыгар дириҥ ытыктабылын биллэрэн, эһэлэрин, хос эһэлэрин, сэрии бэтэрээннэрин хорсун быһыыларын билэр уонна өйдүүр буолуохтаахтарын эрэнэр.
Хонуу сэлиэнньэтин баһылыга Иван Дягилев, Өлүөхүмэ оройуонун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Евдокия Слепцова ыччакка туһаайан тыл эттилэр. Индигиир сэлиэнньэтин эр дьонун ансаамбыла сэрии «Хайыһар» ырыаны толордулар, оскуола үөрэнээччилэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан хоһооннору аахтылар.
«Кыайыы Знамята» кулун тутар 3-6 күннэригэр бары нэһилиэнньэлээх пууннарынан тиийиэҕэ, ол кэннэ салгыы эстэпииэтэ Абый оройуонугар туттарыллыаҕа.
Аахсыйа 20 оройуоҥҥа ыытылынна: Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус Маайа, Алдан, Уус Алдан, Чурапчы, Таатта, Томпо, Өймөкөөн, Кэбээйи, Нам, Горнай, Бүлүү, Ньурба, Сунтаар уонна Ленскэй оройуоннарынан. Эстэпиэтэ киин куоракка Кыайыы күнүгэр, ыам ыйын 9 күнүгэр, түмүктэниэ.
Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл Саха сирин үлэһит дьахталларын сийиэһин 100 сылыгар анаммыт дьахталлар пуорумнара буолан…
Быйыл Саха сирэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, ССКП Саха сиринээҕи обкомун бастакы сэкирэтээрэ, Ленин уордьанын, Үлэ…
Өлүөхүмэ улууһугар командировкаҕа бара сылдьан биир сэлиэнньэ кулуубун дьоҕус долбууругар эспэнээттэр быыстарыгар турар мас иһити…
Саха сиригэр олунньуга 767 оҕо: 414 уол уонна 353 кыыс төрөөтө. ЗАГС управлениета иһитиннэрбитинэн, олунньуга…
Горнай оройуонун Орто Сурт сэлиэнньэтиттэн 15 км тэйиччи сиргэ түөрт пассажирдаах массыына суолтан туораан түҥнэстибит.…
Госдуумаҕа бу күннэргэ биэнсийэҕэ тахсыах иннинээҕи саастаах дьон үлэтэ суох хааллахтарына, босуобуйа төлөнөрүн хааччыйар сокуон…