Олунньу 2 күнэ – Сталинграды босхолооһун күнэ
Сэбиэскэй Аармыйа Сталинград анныгар ситиспит кыайыыта бүтүн аан дойду үрдүнэн байыаннай-историческай суолталаах. Бу сүҥкэннээхэй кыргыһыыга фашистар оччолорго сэбиэскэй-германскай фроҥҥа сэриилэһэр аармыйаларын уопсай ахсаанын түөрт гыммыт биирин сүтэрбиттэрэ.
Өстөөх “тииһигэр тиийэ” сэбилэммит байыаннай массыыната өрүттүбэттик айгыраппыт охсууну ылбыта. Кыһыл Аармыйа килбиэннээх кыайыыта Европа үрдүнэн босхолонуулаах охсуһуу өрө күүрэригэр көҕүлүүр төһүү күүһүнэн буолбута.
Сталинградтааҕы кыргыһыы икки түһүмэхтэн турар: 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн сэтинньи 18 күнүгэр диэри – көмүскэнии. 1942 сыл сэтинньи 19 күнүттэн 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр диэри – кимэн киирии.
Тохсунньу 26 күнүгэр киэһэлик 21-с аармыйа сэриилэрэ Мамаев Курган хотугулуу-арҕаа эҥэринэн өстөөх төгүрүктээһинин төлө көтөн, Сталинград өттүттэн утары дьулуруйар 62-с аармыйа чаастарын кытта холбоспуттара. Ол түмүгэр генерал-фельдмаршал Ф.Паулюс баһылыктаах өстөөх 6-с аармыйатын соҕурууҥҥу бөлөҕө үлтүрүтүллүбүтэ. Салгыы, олунньу 2-с күнүгэр, бу аармыйа хотугу бөлөҕө капитуляциялаабыта.
Онон Сталинградтааҕы кыргыһыыга сэбиэскэй сэриилэр гитлеровецтар 6-с уонна 4-с танковай аармыйаларын, румыннар 3-с, 4-с уонна италиялар 8-с аармыйаларын үлтүрүппүттэрэ. Уопсайынан, 200 түүннээх-күн барбыт хабыр хапсыһыыга ньиэмэстэр өлбүтүнэн, сүппүтүнэн, бааһырбытынан, билиэн түбэспитинэн 1,5 мөлүйүөн саллааттарын, эписиэрдэрин сүтэрбиттэрэ.
Саха сириттэн Сталинград анныгар кыргыһыыга 10 тыһыынчаттан тахса буойун кыттыбыта, хорсуннук сэриилэспитэ. Кинилэр ортолоругар учуутал Н.В.Егоров, Дьокуускайдааҕы пединститут преподавателэ Ю.Г.Шафер бааллара. 13-с гвардейскай стрелковай дивизия састаабыгар албан аатырбыт артиллерист Гавриил Протодьяконов сэриилэспитэ. Кини буускатын нейтральнай балаһаҕа үтэн киллэрэн, өстөөҕү тутан туран уун-утары ытыалаабыта. Орудиетын расчетуттан собус-соҕотоҕун хаалан баран, төһө да бааһырдар, буускатын уоһунан кыҥыы-кыҥыы кимэн киирэн иһэр ньиэмэс тааҥкаларын тоҕута ытыалаабыта. Тэҥэ суох хабыр хапсыһыыга кыайыылаах тахсыбыта, хорсун быһыы холобурун көрдөрбүтэ. Дэлэҕэ маршал В.И.Чуйков бэйэтин ахтыытыгар, “… өстөөх таҥкыыстара табыллан, тааҥкалара умайан баран биирдэ кинилэри ким, хантан ытыалыырын билэллэрэ. Ол курдук сатабыллаахтык буускатын саһыарара” диэн сөҕөн суруйуо дуо.
Суруйааччы С.А.Саввин-Макар Хара III истиэпэннээх Албан аат уордьанынан наҕараадаламмыта. Байыаннай миэдиктэр Т.Е.Сосин, А.Н.Сизых буулдьа ардаҕын аннынан бааһырбыт буойуннары эмтээбиттэрэ, суһал көмөнү оҥорбуттара. Сэтинньи 23 күнүттэн саха буойуннара кимэн киириигэ инники күөҥҥэ сылдьыбыттара, харса суох сэриилэспиттэрэ. Сэтинньи 26 – ахсынньы 8 күннэригэр кыргыһыыга гвардия капитана Д.Д.Оллонов тааҥкатын экипаһа өстөөх орудиетын, тааҥканы сууһарар икки буускатын, түөрт минометун, 65 саллаатын, эписиэрин суох оҥорбута. Оттон кини ротата 435 фашист саллаатын, эписиэрин кыргыбыта. 4-с гвардейскай тааҥка куорпуһун састаабыгар майор П.П.Павлов хорсуннук сэриилэспитэ. 14-с стрелковай куорпус штабын начаалынньыга, полковник А.И.Притузов (кэлин генерал-майор) бойобуой дьайыыны сатабыллаахтык салайбыта. Аптамаатчыттар роталарын политруга М.А.Васильев хамаандатынан рота саллааттара 100-тэн тахса фашиһы билиэн ылбыттара.
Сталинград анныгар кыргыһыыга үгүс саха саллаата дьоруойдуу охтубута. Элбэх буойун-саллаат Верховнай Кылаабынай Командующай махталын иккилиитэ ылбыта. Кыргыһыы кыттыылаахтара “Сталинград оборуонатын иһин” бойобуой мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…