Салгыы
Михаил Андреев: «Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕар саарбахтаабаппын»

Михаил Андреев: «Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕар саарбахтаабаппын»

Ааптар:
07.02.2023, 14:00
СИА хаартыската.
Бөлөххө киир:

«Дойдубутугар тирээбит уустук балаһыанньаҕа биһиги Бэрэсидьиэммит кытаанах, саамай сөптөөх соҕотох быһаарыыны ылынарга тиийбитин толору өйүүбүн. Тирээн турар сорукпут диэн — тыылга биһиги Бэрэсидьиэни, үрдүкү главнокомандующайбыт В.В.Путины, Ил Дархаммыт А.С.Николаевы тула бары күүспүтүн түмэн, сомоҕолоһон, кыайыыны хааччыйыыга, дьоммут этэҥҥэ эргиллэн кэлиилэригэр төһүү буолуох тустаахпыт, кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕар саарбахтаабаппын”, — диэн Өймөкөөн улууһугар СӨ судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспатын Өймөкөөн улууһунааҕы этэрээтин начаалынньыга, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Андреев хаһыат саайтыгар анаан кэпсээтэ.

— Украина Конституциятыгар сурулла сылдьарынан демократическай, правовой уонна социальнай дойду диэн эрээри, ити пууннарын биирин да толорбот, тутуспат дойду, ону ааһан, тастан арҕаа дойдулар салайыыларынан олорор. Социальнай эбээһинэстэрин эмиэ толорбот, биэнсийэ кээмэйэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн олох намыһах. Билигин Украинаҕа националист тыыныгар уһуйуллубут көлүөнэ үүнэн таҕыста. Украинаны Арассыыйаны абааһы көрөр 30-40-ча арҕаа дойду өйүү, хааччыйа олорор, онтон атын биһиги кинини кыайбыппыт ыраатыах этэ. Бу дойдуну кинилэр байыаннай дьайыылар полигоннарыгар кубулуттулар диэн тус бэйэм саныыбын.

Маннык балаһыанньаҕа биһиги Бэрэсидьиэммит кытаанах, саамай сөптөөх соҕотох быһаарыыны ылынарга тиийбитин толору өйүүбүн. Тирээн турар сорукпут диэн — тыылга биһиги Бэрэсидьиэни, үрдүкү главнокомандующайбыт В.В.Путин, Ил Дархаммыт А.С.Николаев тула бары күүспүтүн түмэн, сомоҕолоһон, кыайыыны хааччыйыыга, дьоммут этэҥҥэ эргиллэн кэлиилэригэр төһүү буолуох тустаахпыт. Кыайыы хайаан да биһиэнэ буолуоҕар саарбахтаабаппын.

Улуус Сэбиэтин быһаарыытынан мантан ыҥырыллан барбыт дьоммутугар 50-нуу тыһ. солкуобай төлөммүтэ, хас биирдии саллаат дьиэ кэргэнигэр  дастабырыанньа туттарыллан, дьиэ кэргэн уонна оҕолор кэккэ чэпчэтиилэринэн туһанар буоллулар. Тустаах пуонда тэриллибитэ. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар курдук, манна байыаннай эпэрээссийэни, саллааттарбытын, кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр хамсааһын, араас тэрээһиннэр, үлэлэр салгыы бара тураллар.

Биһиги тэрилтэттэн начаалынньыгы солбуйааччы, ВДВ офицера Чингиз Пламенов быстах ыҥырыы биллэриллибитин кэнниттэн алтынньы 1 күнүттэн байыаннай дьайыылар бара турар сирдэригэр ытык иэһин толоро сылдьар. Кинини кытта күн аайы кэриэтэ сибээстэһэ турабыт. Туох наадалааҕынан, аһынан-үөлүнэн толору 100% хааччыллан сылдьабыт, аһылык үчүгэй диир, атын эрэгийиэн дьонноро Саха Өрөспүүбүлүкэтэ дьонун туһугар олус кыһаллар эрэгийиэн диэн, бэл, ордук саныылларын бэлиэтиир. Билигин бастакы уочарат наадалаах туттар тэрил, мал булан, гуманитарнай көмө ыытаары бэлэмнии сылдьабыт. Киниэхэ анаан оскуола оҕолоро аккырыыкка, сурук бэлэмнээбиттэрэ.

Онон тыылга биһигиттэн көмө төһөнөн күүстээх, соччонон аармыйабыт кыахтаах, кыайыылаах буолуо диэн санаанан салайтаран, үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 марта
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: