Кыайыы күнүгэр арыгы атыыта хааччахтаныаҕа

Кыайыы күнүгэр арыгы атыыта хааччахтаныаҕа

08.05.2024, 18:30
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 9 күнүгэр күнүс 2 чаастан киэһэ 8 чааска диэри Дьокуускайга арыгы (ол иһигэр пиибэ, сидр, пуаре, медовуха) атыытын хааччахтыахтара. Бу хааччахтааһын Улуу Кыайыы 79 сылын бырааһынньыктааһын тэрээһиннэрин ыытыынан сибээстээн ылыллар диэн куорат дьаһалтата иһитиннэрэр. 

Арыгы атыыта сүрүннээн бырааһынньык тэрээһиннэрэ буола турар сирдэригэр — Богатырев, Хабаров, Богдан Чижик, Губин, Чиряев уулуссаларын, маны тэҥэ, 202-с, 203-с түөлбэлэр маҕаһыыннарыгар хааччахтанар.

Атын сирдэргэ атыыламмытын курдук атыыланар.

Тэрилтэлэргэ уонна урбаанньыттарга сыһыаннаан, арыгыны атыылааһыны бобуу туһунан быһаарыы эбии хааччахтааһыннары киллэрии туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон чэрчитинэн, ылылынна.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: