Кыайыы күнүн иннинэ ааспыт нэдиэлэҕэ Кириэмилгэ саба түһүү буолла диэн сонун аан дойдуну тилийэ көппүтэ. Сорох эрэгийиэннэргэ Кыайыы параадын ыытыы тохтотуллубута, дойду үрдүнэн “Өлбөт үйэлээх пуолка” урукку курдук сэлэлээн хаамыытын оннугар биирдиилээн ыытыллыбыта. Кыайыы күнүн биһиги эрэ бэлиэтиир буолбатахпыт. Арассыыйаны таһынан, урукку Сэбиэскэй Сойуус судаарыстыбалара эмиэ бэлиэтииллэр. Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин дойдуларын лиидэрдэрэ Москваҕа кэлэн Кыайыы параадыгар кытыннылар.
Кыһыл болуоссакка
Дойдубут тэбэр сүрэҕэр Кыһыл болуоссакка буолан ааспыт Кыайыы параадын суруйуом иннинэ ааспыт нэдиэлэҕэ тас дойдуттан Кириэмилгэ лүөччүгэ суох көтөр аппараат кэлэн түһэ сыспытын этэн аһарарым наада. Москва бу быһылааны Киев Арассыыйа бэрэсидьиэнигэр туһулаабыт террористическэй саба түһүүтүн быһыытынан сыаналаабыта. “Эрдэттэн былааннаммыт террористическэй аахсыйа уонна Кыайыы күнүн иннинэ бэрэсидьиэҥҥэ саба түһүү быһыытынан сыаналыыбыт. Манна Арассыыйа бэйэтин өттүттэн хайдах баҕарар хоруйдуур бырааптаах”, – диэн РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата иһитиннэрбитэ. Итини таһынан, ити күннэргэ тас дойдуларга Арассыыйа консульстволарыгар саба түһүүлэр тахсыталаабыттара. Ол курдук, Финляндияҕа Арассыыйа консульствотыгар тоҕо тэбэр тэриллэри бырахпыттара. Ону таһынан Арассыыйаҕа Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр улахан теракт оҥоһуллуохтааҕа бохсуллубута. “Куттал суох буолуутун федеральнай сулууспатын көмөтүнэн Крымҥа буолуохтаах теракт бохсулунна. Бөлөх тутулунна. Бу бөлөх тас дойдулар нөҥүө үлэлээбитэ уонна эрдэ Бахчисарай оройуонугар тимир суолун дэлби тэптэриигэ кыттыгастааҕа билиннэ. Билигин туох да саарбаҕа суох этэбин, сакаастааччылар Киевкэ бааллар. Манна Украинаны таһынан, өссө арҕааҥҥы дойдулар разведкалара үлэлэспит буолуохтарын сөп”, – диэн Крым баһылыга Сергей Аксенов Крым информационнай ааҕыныстыбатыгар иһитиннэрбитэ.
Кыайыы параада
Ол курдук, ыам ыйын 9 күнүгэр Москваҕа Армения премьер-миниистирэ Никол Пашинян, Белоруссия бэрэсидьиэнэ Александр Лукашенко, Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев, Киргизия бэрэсидьиэнэ Садыр Жапаров, Таджикистан бэрэсидьиэнэ Эмомали Рахмон, Туркменистан бэрэсидьиэнэ Сердар Бердымухамедов уонна Узбекистан бэрэсидьиэнэ Шавкат Мирзиёев кэлэн бардылар. Владимир Путин: “Бүгүн биһигини кытары Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин дойдуларын лиидэрдэрэ тэҥҥэ бырааһынньыктыы олороллор. Бу аҕа көлүөнэҕэ, бэтэрээннэргэ, сэрии толоонугар сырдык тыыннара быстыбыт буойуннарга сүгүрүйүү, ытыктабыл бэлиэтэ. ССРС дойдуларын норуоттара бары илии илииттэн тутуһан бииргэ сэриилэспиттэрин уонна бииргэ Кыайыыны уһансыбыттарын биһиги умнарбыт сатаммат, – диэн бэлиэтээн эттэ.
Владимир Владимирович итини этэн туран, билигин эмиэ Арассыыйаны самнара сатаан биһиги дойдубут утары дьиҥнээх сэрии биллэрбиттэрин, онуоха Арассыыйа эппиэтэ суох хаалларбатын бэлиэтээн эттэ.
– Бу Кыайыы биһиги аҕаларбыт, эһээлэрбит аҕалбыт бырааһынньыктара. Кинилэр хорсун, дьоруойдуу быһыыларынан, дойдуларыгар бэриниилэринэн фашизмы кыайбыттара. Биһиги өйдүүбүт, оччотооҕу кэмҥэ аан дойду барыта быыһык кэмҥэ киирбитин. Билиҥҥи цивилизация, хомойуох иһин, эмиэ маннык кэмҥэ кэллэ. Биһиги дойдубут утары эмиэ сэрии биллэрилиннэ. Ол эрээри биһиги манна бэйэбит хоруйбутун биэрдибит, Донбаас олохтоохторун көмүскээтибит, салгыы да дойдубутугар куттал суох буолуутун хааччыйыахпыт, – диэн эттэ Владимир Владимирович.
Бэрэсидьиэн манна даҕатан сорох дойдуларга сэрии дьоруойдарын мемориалларын, өйдөбүнньүктэрин тоҕо сынньаллара бу киһилии быһыы буолбатын бэлиэтээтэ.
– Билигин сорох дойдулар аан дойдуга бэйэлэрин сокуоннарын, быраабылаларын соҥнуу сатыыллар. Устуоруйаҕа нацизм тугу аҕалбытын умна быһыытыйбыттар. Аҕа дойдуларын ким көмүскээбитин, Европаны ким быыһаабытын номнуо умнубуттар. Мемориаллары, өйдөбүнньүктэри тоҕо сынньаллар. Бу үһү дуо, Кыайыы, эйэ иһин охсуспут дьонноругар ытык иэстэрин төлөөһүннэрэ? – диэн этэр кини.
Дойду аҕа баһылыга Арассыыйаҕа ханнык да норуот өстөөх буолбатын өссө төгүл санатан эттэ.
– Аҕа дойду сэриитин бэтэрээннэрин хорсун быһыыларын, кинилэр ааттарын биһиги үйэлэргэ умнубаппыт, сойуустаах судаарыстыбаларбыт Кыайыыны уһансыыга киллэрбит кылааттарын эмиэ өрүү өйдүү-саныы сылдьабыт. Ол иһигэр Америка Холбоһуктаах Штаттарын, Великобритания дойдулара киллэрбит кылааттарын эмиэ. Япония милитаристскай аармыйатын утары сэриилэспит Кытай норуотун эмиэ умнубаппыт. Бииргэ үлэлэһии уопута, биир сомоҕо буолуу – бу биһиги нэһилиэстибэбит. Арассыыйаҕа ханнык да норуот өстөөх буолбатах, арҕаа даҕаны, илин даҕаны, – диэн иһитиннэрэр кини.
Манна даҕатан эттэххэ, уоттаах сэрии сылларыгар 34,4 мөлүйүөнтэн тахса киһи кыттыбыта биллэр. Мантан билигин 66 тыһыынчаттан тахса бэтэрээн эрэ хаалла. Арассыыйаны таһынан Кыайыы күнүн Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин дойдулара, тас дойдуларга олорор биир дойдулаахтарбыт эмиэ бэлиэтииллэр. Мантан салгыы тас дойдуларга буолан ааспыт Кыайыы күннэриттэн холобурдары аҕалыым.
Азербайджаҥҥа
Баку куоракка бу күн Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт буойуннар мемориалларыгар, өйдөбүнньүктэригэр сибэкки дьөрбөтүн уураллар. Санатан эттэххэ, Азербайджантан 123 буойун Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын ылбыта, 170 тыһыынчаттан тахса саллаат уордьаннарынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Ону таһынан, Азербайджан сэрии кэмигэр фрону тиэхиньикэ уматыгынан хааччыйбыт биир сүрүн дойду буолар.
Быйыл ыам ыйын 10 күнүгэр Азербайджан олохтоохторо судаарыстыбаннай диэйэтэллэрин, үһүс бэрэсидьиэннэрин Гейдар Алиев төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтээтилэр. Азербайджаҥҥа Арассыыйа посола Михаил Бочарников бэлиэтииринэн, Кыайыы күнэ Гейдар Алиев аатын кытары ыкса сибээстээх.
– Судаарыстыбаннай диэйэтэл Гейдар Алиев быйыл төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Кини этиитинэн ыам ыйын 9 күнүгэр Азербайджаҥҥа Кыайыы күнэ бэлиэтэнэр. Онон бу икки даата быстыспат ситимнээхтэр. Аҕа дойду сэриитэ киһи аймахха улахан алдьархайы аҕалбыта. Устуоруйабыт бу кэмин өйдүү-саныы сылдьарбыт таһынан биһиги маны харыстыах тустаахпыт, – диэн бэлиэтиир кини Баку куоракка Аҕа дойду сэриитин буойуннарын өйдөбүнньүгэр сибэкки дьөрбөтүн ууруу кэмигэр.
Украинаҕа
Сэбиэскэй аармыйаҕа Украина алта мөлүйүөнтэн тахса олохтооҕо киирсэн, бандеровецтары утары сэриилэспитэ. Украина бэрэсидьиэнэ Владимир Зеленскэй ыам ыйын 9 күнүн иннинэ Кыайыы күнүн Европа күнүнэн солбуйарга ыйаах таһаарда. “Ыам ыйын 9 күнүгэр быйылгыттан саҕалаан Европа күнүн бэлиэтиир буолуохпут. Бу туһунан ыйаахха илии баттаатым. Бу күн тоҕус сыл устата украинецтарга агрессия биллэрбиттэригэр көмө-тирэх буолбут Европабытын өйдүү-саныы сылдьар күммүт буолуохтун”, – диэн бэйэтин саайтыгар суруйар.
Украина Европа күнүн биллэрэн, бу сыллар тухары ааттаан кэлбит Дьоруойдарын – Сэбиэскэй Сойуус үс төгүллээх Дьоруойдарыттан биирдэстэрэ лүөччүк Иван Кожедуб, Советскай Сойуус икки төгүллээх Дьоруойа Сидор Ковпак, Кыһыл Аармыйа саамай аатырбыт таҥкыыһа Дмитрий Лавриненко, дьахталлартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Валентина Гризодубова, морпех, “Албан аат” уордьан кавалера, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Павел Дубинда, аҥаар хараҕа суох сэриигэ салгыы кыттыбыт лүөччүк Иван Драченко, кыраҕы харахтаах снайпер Людмила Павличенко, космонавт лүөччүк Георгий Береговой ааттарын ханна гынарый?
Турцияҕа
Турцияҕа Кыайыы күнүн иннинэ Анкара, Стамбул куораттарга “Өлбөт үйэлээх пуолка” буолан ааста. Манна Арассыыйаны таһынан Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүүлэрин дойдуларын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Анкараҕа Арассыыйа култууратын дьиэтигэр анал быыстапка аһыллыбыта, Кыайыы знамятын көтөхпүттэрэ. “Кыайыы күнүгэр биһиги аҕа дойдубутун көмүскээбит буойуннарбытын ахтан-санаан ааһабыт. Кинилэр ааттара үйэлэргэ умнуллубатын”, – диэн бэлиэтээн эттэ Турцияҕа Арассыыйа посола Алексей Ерхов.
Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…
“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…
LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…
Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…
Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга саамай…
Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…