Кыайыы күнүн көрсө “Өлбөт үйэлээх пуолка: Дьоруойдар биһиги кэккэбитигэр” аахсыйа буолла

Кыайыы күнүн көрсө “Өлбөт үйэлээх пуолка: Дьоруойдар биһиги кэккэбитигэр” аахсыйа буолла

08.05.2024, 17:19
Хаартыска: yabmk.ru саайтан.
Бөлөххө киир:

Кыайыы күнэ хас биирдиибитигэр чугас, күндү. Арассыыйаҕа Аҕа дойду Улуу сэриитэ таарыйбатах ыала диэн суох. Сэрии туһунан өйдөбүл өлбөөдүйбэт.  

Сокуоҥҥа дойду байыастарын кэриэстииргэ туһаайыллыбыт тэрээһиннэр ыытыллыылара бигэргэммитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 79 сылыгар аналлаах В.А.Вонгродскай аатынан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ “Өлбөт үйэлээх пуолка: Дьоруойдар биһиги кэккэбитигэр” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кытынна.

Дириэктэр Д.А. Алексеев эҕэрдэтин тириэрдэригэр көлүөнэлэр утумнааһыннарын, дьоруойдуу охтубуттары кэриэстээһин ирдэнэрин бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытынан киэн туттарын эттэ.

Кыайыы Знамятын күөрэччи көтөҕүүнү салайааччы, “Звезда” байыаннай-патриотическай кулууп хамандыыра И.А.Гуляев салайда. Бу күн Саха сирин байыастарын, байыаннай-мэдиссиинэ үлэһиттэрин, 1941-1945 сс. дьоруойдуу охтубуттары барыларын кэриэстээн аастылар.

Устудьуоннар Константин Третьяков уонна Алексей Никифоров ис сүрэхтэриттэн мэдиссиинэ кэллиэһин үлэһиттэрин, устудьуоннарын эҕэрдэлээтилэр. Бэлиэ хаамыыга хас биирдии кыттааччы бэйэтин дьоруойун туһунан кэпсиир хаартыскалаах устуоруйалааҕын бэлиэтиир оруннаах.

Биһиги туохха да бэриммэт, албан ааттаах кыайыылаах көлүөнэбитинэн, кинилэри салҕааччыларынан буоларбытынан киэн туттабыт! Өстөөҕү самнарбыттары өйдүү-саныы сылдьар биһиги ытык иэспит. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ суруйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: