СӨ Успуорка министиэристибэтэ Улуу Кыайыы күнүнэн аҕам саастаах успуорт бэтэрээннэрин сыл аайы эҕэрдэлиир үтүө үгэстээх.
Успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов, миниистири 1-кы солбуйааччы Александр Бугаев, миниистир көмөлөһөөччүтэ, өрөспүүбүлүкэ успуорка музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов успуорка үгүс көлөһүннэрин тохпут, билигин 90-н ааспыт уонна 90 саастарыгар чугаһаабыт аҕам саастаах ытык бэтэрээннэргэ дьиэлэригэр-уоттарыгар тиийэн сибэкки дьөрбөлөрүн, махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттартаатылар. Үүттээх чэй иһэ-иһэ истиҥник-иһирэхтик, ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Өрөспүүбүлүкэ успуордун салайаччылара успуорт эйгэтигэр бүгүн буола турар быһыыны-майгыны, бастыҥ спортсменнарбыт ситиһиилэрин кэпсээтилэр, ыйытыыларга хорйдаатылар. Холобур, дойду 90 эрэгийиэниттэн физкултуура уонна успуорт маассабаһыгар Саха сирэ 26 миэстэҕэ тахсыбытын, коронавирус иннинэ 71 миэстэҕэ сылдьыбыппытын, нэһилиэнньэ бары араҥатыгар ГТО нуормаларын туттарыылар көхтөөхтүк ыытыллалларын, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам улуустара хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаналларын, кэскиллээх ыччаттар баалларын, бастыҥ спортсменнарбыт олимпийскай мэтээллэри аҕалалларын туһугар күүстээх үлэ барарын, бэйэбит да, кэлии да тириэньэрдэр айымньылаахтык үлэлииллэрин, анал байыаннай дьайыыга уон икки спортсмен сылдьарын, успуорка солбугу бэлэмниир киин дириэктэрэ В.Егоров бэйэтин баҕатынан батальон хамандыырынан сыл аҥара ытык иэһин толорон кэлбитин, успуорт атын салааларын үлэһиттэрэ бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн барарга бэлэмнэнэллэрин, сааҥсыйаларынан сибээстээн олимпийскай бырагыраамалар быстах кэмҥэ тохтотуллубуттарын, быйыл физкультурнай хамсааһын 100 сыла Бүтүн Арассыыйатааҕы «Физкультурник күнүгэр» — атырдьах ыйын 12 күнүгэр киэҥник бэлиэтэниэхтээҕин, уо.д.а. кэпсээн иһитиннэрдилэр.
Көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ 1956 сыллаах бастакы чөмпүйэнээтин чөмпүйүөнэ, Саха АССР Госкомспордун 1967-1978 сылларга бэрэссэдээтэлэ Семен Иванович Алексеев, Саха сирин, Уһук Илин уонна Арассыыйа сүүрэр суолларын чөмпүйүөнэ, Саха сирин успуордун 1978-1986 сыллардаахха салайбыт Афанасий Егорович Алексеев, 1950-1960 сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх хайыһардьыта, Госкомспорт отделын инструктора Матрена Петровна Алексеева өйдүүллэрэ, ахталлара-саныыллара, элбэҕи өйдөөн-санаан аастылар.
Кэпсэтиилэртэн улаханнык сэргэхсийдилэр.
Семен Иванович Алексеев Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээҕин-уустааҕын билиһиннэрэн туран, успуорка үчүгэй кэмнэр туралларын, физкултуура уонна успуорт икки института көдьүүстээхтэрин, ситиһии кэлэригэр үөрүйэх быһаарар оруоллааҕын, классическай тустууга Красноярскайга Бүтүн Сойуустааҕы турнирга бастыы сылдьыбытын, хайыһарга соҕурууттан улахан исписэлиистэри аҕалыахха, успуорт сайдарын туһугар үбү-харчыны харыстаамыахха сөбүн, Булуҥ улууһугар таһаарыылаахтык үлэлээбитин сэһэргээтэ. Кэлин учуутал буолбут оҕото Раиса Тимофеевна Корякина туруорсан, «Булун улууһун бочуоттаах олохтооҕо» буолбутун санаан, махтанан аһарда. Байыаннай дьайыыга кыттыбыттар улаханнык чиэстэниэхтээхтэрин, спортивнай тутуулары харса суох тутан иһэргэ, М.Е.Друзьянов курдук элбэх наадалаах идиэйэлэрдээх киһини күүскэ туһанарга уо.д.а. тохтоото, санаатын үллэһиннэ.
Сири эт атаҕынан сэттэтэ эргийбит, 89 сааһыгар сылдьар Афанасий Егорович Алексеев сүүрэр-хаамар, чэгиэн-чэбдик туругун тута сылдьар. Кини хаһан, ханна да сырыттаҕына оҕолор, ыччаттар, нэһилиэнньэ бүттүүнэ физкултууранан уонна успуордунан дьарыктаналларыгар ыҥырар-угуйар, тэрийэр-көҕүлүүр дьаһаллары ыытыһар. Күн бүгүнүгэр диэри үгүс сүбэнэн-аманан көмөлөһөр уопуттаах улахан салайааччы Афанасий Алексеев Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлээн туран, болҕомтону маассабай успуорка уурары, саха норуотун доруобай оҥорор туһугар күүскэ үлэлиири, нэһилиэнньэ 80 % физкултууранан уонна успуордунан хабарга, дьоммутун доруобай оҥорорго, Арассыыйаны бүтүннүүтүн ыҥырарга, Ил Дарҕан ыйааҕын таһаартаран, онон күүскэ хамсанарга эттэ. Билигин да дьарыктана сылдьарын, нэдиэлэҕэ үстэ 10-15 км хаамарын, сүүрэрин, иккитэ бассейҥҥа харбыырын, алтыс күнүгэр үс чаас устата оһуокайдыырын, үҥкүү уонна оһуокай эмиэ физкултуура, успуорт көрүҥнэринэн буолалларын, маассабаска сабыдыаллаахтарын тустарынан эттэ, санаатын үллэһиннэ.
Аҕам саастаах бэтэрээннэр өйдөрө-санаалара чэбдик, успуорт эйгэтигэр буола турар быһыыны-майгыны билэ-көрө, сэҥээрэ олороллор. Санааларын этэллэрэ, этиилэри киллэрэллэрэ үөрдэр. Саха сиригэр физическэй култуура уонна успуорт сайдыыларыгар кылааттарын киллэрбит, билигин сааһыран олорор бэтэрээннэргэ махтал буоллун! Сирдээҕи олохтон дьолу толору билиҥ, чэгиэн-чэбдик буолуҥ, ытыктабыллаах бэтэрээннэрбит!
Баһылай Посельскай,
Дьокуускай.
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…
Бу туһунан бүгүн #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ. "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…
Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…