Кыайыы пааркатыгар мас олортулар
Дьокуускай куорат 392 сылыгар улахан бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэртэн, салюттан аккаастанан баран, араас аахсыйалары, күрэстэри, оонньуулары тэрийдилэр.
Мээр Евгений Григорьев пресс-кэмпириэнсийэ кэнниттэн Кыайыы пааркатыгар тиийэн, мас олорто.
— Быйыл биһиги 2000 кэриҥэ маһы, талаҕы Кыайыы пааркатыгар олортубут. Буорун, уутун эрдэ бэлэмнээбиппит. Барыта 1,6 мөлүйүөн солкуобай суумалаах күөх олордуу буолла. Кыайыы пааркатыгар сыл аайы олордобут, аҕыйах сылынан манна суугунас чараҥнардаах саад баар буолуо диэн эрэнэбин, — диэн кини эттэ.
Бу аахсыйа иннинэ «Зеленый кубок столицы» диэн көҕөрдүүгэ куорат күрэһин түмүгүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга таһаардылар. Манна уокуруктар, тэрилтэлэр, чааһынай дьон кытыннылар. Уокуруктарга Гагаринскай уокурук кыайыылааҕынан таҕыста.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: