Кыайыы туһугар сэмэй кылааттарын киллэрэллэр
23.10.2024, 11:30
Хаартыска: Альбина Ноговицына тиксэриитэ.
Бөлөххө киир:
Байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Кэбээйи улууһун Ньидьили нэһилиэгин олохтоохторо бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрсэллэр.
Ол курдук өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ичигэс кыһын» аахсыйа чэрчитинэн хаххалыыр сиэккэни оҥоруу салҕанар. Нэһилиэк олохтоохторо Кыайыы иһин бука бары төһө кыалларынан көмөлөһө олороллор.
“Саха сиригэр Ийэ, Арассыыйаҕа Аҕа күннэригэр “Тускул” култуураны сайыннарар кииҥҥэ «Aнаннын эһиэхэ — эҕэрдэ истиҥэ» диэн кэнсиэр буолла. Кэнсиэртэн киирбит харчыны биир дойдулаахпытыгар, икки уола байыаннай дьайыыга сылдьар, олорор дьиэтэ уокка былдьаммыт Л.А. Афанасьеваҕа көмө быһыытынан счетугар ыытыахпыт”, — диэн кэпсээтэ “Тускул” киин уус-уран салайааччыта Альбина Ноговицына.
+1
6
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: