«Кыайыы знамята» Алдан улууһугар тиийдэ
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа «Кыайыы знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда.
«Кыайыы знамята» эстэпиэтэ ахсынньы 24 күнүттэн саҕаламмыта.
—Улуу Кыайыы 80 сыла улахан бэлиэ даатанан буолар. Бу биһиги элбэх национальностаах омукпутун, дьоммутун-сэргэбитин түмэр ураты сүҥкэн суолталаах бэлиэ даата, — диэн эстэпиэтэ саҕаланыытыгар, саха норуотуттан биир бастакынан буолбут Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутугар Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн эппитэ.
Тохсунньу 10-13 күннэригэр эстэпиэтэ Амма улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарынан айаннаабыта. Бу долгутуулаах, үрдүк эппиэтинэстээх тэрээһининэн эстэпиэтэ кыттыылаахтара түмсүбүт дьоҥҥо-сэргэҕэ Улуу Кыайыыны уһансыбыт эһэлэрин, хос эһэлэрин тустарынан сырдаппыттара, ону сэргэ историяҕа киирбит өйдөбүлү харыстааһын суолтатын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэрэ.
Тохсунньу 13 күнүгэр эстэпиэтэни Уус Маайа улууһа ылбыта. Улуус киинигэр Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи, Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи, Уус Маайа улууһугар Дьоруойдар уонна Кыайыы сылларынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга мунньах ыытыллыбыта. Тэрээһиҥҥэ бочуоттаах карауллар турбуттара, Дьоруойдар ааттара дорҕоонноохтук ааттаммыта. Бочуоттаах ыалдьыттар, эдэр армеецтар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара тэрээһин кыттыылаахтарын кытары көрсүһүүгэ санааларын үллэстибиттэрэ. Улуус нэһилиэнньэлээх пууннарыгар оскуолаларга уруоктар ыытыллыбыттара. Уус Маайа уонна Петропавловскай орто оскуолаларыгар линейкалар буолбуттара.
«Кыайыы знамята» өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэ ыччаты дойдуга бэриниилээх буоларга сирдиир сыаллаах-соруктаах, Улуу Кыайыы 80 сылынан 2024 сыл ахсынньы 28 күнүттэн 2025 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр диэри ыытыллар. Кыайыы знамята өрөспүүбүлүкэ бары улуустарынан айаннаан Дьокуускайга ыам ыйын 9 күнүгэр кэлиэхтээх.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Хаартыскалар СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай алтыһыытын министиэристибэтиттэн
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: