Кыайыы Знамята — Суоттуга
Бүгүн, тохсунньу 20 күнүгэр, Албан ааттаах ытык көлүөнэ дьоммут уһансыбыт Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бары бииргэ — Кыайыыга» девизтээх Кыайыы Знамятын Уус Алдаҥҥа аан бастакынан Суотту нэһилиэгэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрүстэ.
Кыайыы Кыһыл знамята СӨ ыччат дьыалатын уонна социальнай алтыһыытын министиэристибэтин көҕүлээһининэн, сахалартан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын сүкпүт Федор Кузьмич Попов төрөөбүт-үөскээбит дойдутуттан Мэҥэ Хаҥалас Баатара нэһилиэгиттэн саҕаламмыта. Кыайыы Знамятыгар эппиэттээх дэлэгээссийэ өрөспүүбүлүкэ улуустарынан сырытта, олохтоох дьону-сэргэни, үүнэр көлүөнэ ыччаты кытта көрсүһүүлэр тэрилиннилэр.
Бүгүн Нерюнгриттэн биһиги улууспутугар, уйгу сирэ Уус Алдан дьоллоох туонатыгар айаннаан кэллэ. Сарсыарда нэһилиэк кыраныыссатыгар «Уус Алдан» стелаҕа эстэпиэтэ кыттыылаахтарын Уус Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччы А.Д.Сторожев салайааччылаах дэлэгээссийэ, Суотту нэһилиэгин түмсүүлэрэ, олохтоох дьаһалта, ыччат Кыайыы Знамятын көрүстүлэр. Салгыы улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ О.Ф. Федоров, «Бастакылар хамсааһыннарын» олохтоох салаатын исписэлииһэ М.П. Винокурова, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара — биир дойдулаахтарбыт С.А.Кириллин, Р.Н.Ноговицын, И.А.Петров, Афганистан сэриитин бэтэрээнэ, СӨ Баһаарынай сулууспатын туйгуна, нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо С.В.Черкашин знамяны арыаллаан дириҥ историялаах Кыһыл Кырдал ытык сиригэр кэлэн, тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар «Түһүлгэ» СК кыттыыны ыллыллар.
Кыһыл Кырдал — ааспыт үйэ историятын кэрэһилиир ытык сир. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр, 1942 сыллаах сайын, Уус Алдан улууһуттан уоттаах сэриигэ барааччылар Кыһыл Кырдал оскуолатыгар түмсүбүттэрэ, байыаннай үөрэҕи ааспыттара. Кинилэр, биһиги ытык дьоммут, Суотту биэрэгиттэн Ийэ дойдуларын көмүскүү барбыттара. Бу хомуурга оройуонтан 700 кэриҥэ киһи барбытыттан үгүстэрэ төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ…
Долгутуулаах тэрээһиҥҥэ Кыайыы Знамятын өрө тутан киллэрдилэр Суотту орто оскуолатын бастыҥ үөрэнээччилэрэ, бастыҥ спортсменнар, уопсастыбанньыктар — Знаменнай бөлөх хамандыыра Эрчим Бубякин, Герман Татаринов, Айтал Ноговицын уонна Айаал Баишев. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга кыһыл знамяны тутта «Суотту нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу С.И. Ксенофонтов. Знамяны көрсүү тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар Суотту нэһилиэгин олохтоохторо, уопсастыбаннас, Суотту орто оскуолатын, С.С.Васильев-Борогонскай аатынан Хоноҕор сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Уус Алданнааҕы тиэхиньикум устудьуоннара, учууталлар, преподавателлэр. Үөрүүлээх түгэҥҥэ кэлбит ыалдьыттар кэнчээри ыччакка туһаайан истиҥ тыллары эттилэр. Үүнэр көлүөнэ ыччат аатыттан харда тылы эттэ Суотту орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Арылхан Олесов. Киэн туттар биир дойдулаахпыт, буойун поэт, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата С.С.Васильев-Борогонскай “Ытык Ильмень” поэма-балладаттан быһа тардыыны аахта Хоноҕор сүрүн оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ Серафим Васильев, “Көмүөл” эр дьон ансаамбыла саха норуодунай бэйиэтэ М.Тимофеев тылларыгар, биир дойдулаахпыт Виктор Портнягин мелодиятыгар “Кыайыы болуоссата” ырыаны толордулар.
«Үөһээ көтөн уруйдаа – Кыайыы кыһыл былааҕа!
Кырдьык иһин кынаттаа – Кыайыы Бойобуой Знамята!» диэн тылларынан
Суотту нэһилиэгин ытык сириттэн Кыайыы кыһыл знамята салгыы Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга айаннаата.
Түмүккэ өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһүүлэр буоллулар.
Сүүһүнэн киһи иэйиитин түмэн, сүүһүнэн киһи санаатын салҕаан, сүүһүнэн киһи аймалҕанын этэн, үүнэр көлүөнэҕэ анаан үйэ-саас тухары умнуллубатын ытык дьоммут Албан ааттара!
Ирина Осипова
Хаартыскалар: СӨ ыччат министиэристибэтин, улуус, нэһилиэк дьаһалталарын тиксэриилэрэ, олохтоохтор түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: