Кыайыы Знамятын эстэпиэтэтин Чурапчы улууһа тутта

Share

Тохсунньу 22 күнүгэр муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларынааҕы кыраныыссаҕа Уус Алдан улууһа Чурапчы улууһугар Кыайыы Знамятын үөрүүлээхтик быһыыга-майгыга туттарда. Икки күн устата Кыайыы Знамята Чурапчы улууһун бары нэһилиэктэрин кэрийиэҕэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Уус Алдан улууһуттан Кыайыы Знамятын улуус баһылыга Василий Аммосов, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара Роман Ноговицын уонна Станислав Кириллин туттардылар. Оттон Знамяны Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ, полиция подполковнига Петр Сивцев, полиция старшай лейтенана Илья Слепцов уонна отставкаҕа тахсыбыт полиция капитана Василий Монастырев туттулар.

“Кыайыы Знамята” эстэпиэтэтин тэрийэн ыытыы улахан историческай уонна иитэр-үөрэтэр суолталаах. Бу Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын, Арассыыйаҕа Аҕа дойдуну көмүскээччи уонна Саха сиригэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылларыгар ордук улахан суолталаах. Тэрээһиннэргэ тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылларын оҕолоро, байыаннай дьайыы кыттыылаахтара, ыччаттарбыт, оскуола оҕолоро көхтөөхтүк кытталлар. Бу эстэпиэтэ өбүгэлэрбит хорсун быһыыларын санатар, көлүөнэлэри ситимниир, бөҕөргөтөр, норуоппут сомоҕолоһуутун, күүһүн-уоҕун туоһулуур, историческай өйдөбүлү харыстыыр ​​наадалааҕын санатар», — диэтэ Степан Саргыдаев.

Чурапчы улууһугар Кыайыы Знамятын бастакынан туппут нэһилиэгинэн Алаҕар буолар, Сталинград кыргыһыытын кыттыылааҕа, Берлиҥҥэ тиийбит легендарнай артиллерист Гаврил Дмитриевич Протодьяконов бу нэһилиэктэн төрүттээх.

Санатан эттэххэ, Кыайыы Знамятын эстэпиэтэтин 2024 сыл ахсынньы 28 күнүгэр саха норуотуттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа буолбут Федор Кузьмич Попов төрөөбүт дойдутуттан Ил Дархан Айсен Николаев саҕалаабыта. Эстэпиэтэ алта улууска: Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Уус Маайа, Алдан, Нерюнгри, Уус Алдан улуустарыгар сырытта. Чурапчы улууһун кэнниттэн Таатта улууһа ылыаҕа. Кыайыы Знамята өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын кэрийэн Дьокуускай куоракка ыам ыйын 9 күнүгэр тиийиэҕэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Спутник” лааҕырга федеральнай бырагырааманан саҥа куорпустар тутулуннулар

Дьокуускайга “Спутник” оҕо лааҕырыгар саҥа куорпустар аһылыннылар. Түөрт түргэнник таҥыллар эбийиэги Арассыыйа Үөрэҕириитин министиэристибэтин федеральнай…

7 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Зори здесь тихие» «Улуу Кыайыы тыйаатыра» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр киирдэ.

Опера уонна балет тыйаатырын «Зори здесь тихие» туруоруута «Улуу Кыайыы тыйаатыра» куонкурус түмүктүүр түһүмэҕэр киирдэ.…

32 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: халадьыас киһи доруобуйатыгар туһата…

Коллагеннаах халадьыас киһи уҥуоҕун бөҕөргөтөр уонна тириитин тупсарар, ону таһынан арыгы кэннэ доруобуйа туругун тупсарарга…

57 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Өспөхтөр чуҥкуйары билбэттэр

Уус Алдан улууһугар Өспөх нэһилиэгэр дьон-сэргэ тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар. Нэһилиэк бибилэтиэкэтигэр олохтоохтор, оскуола үөрэнээччилэрэ кинигэ…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Түөкүттэр Дубай сакалаатыгар тиийбиттэр

Түөкүттэр дьон саамай интэриэһиргиир сонунун, өрүтүн ким хайа иннинэ туһана охсоллор. Онон мөкү болҕомтоҕо, аны,…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьуһуурунай борокуруор: түөкүттэр угаайыларыттан сэрэниҥ!

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу аҕыс түбэлтэтэ бэлиэтэммит.  Борокуратуура буруйу оҥорууларынан процессуальнай бэрэбиэркэлэри уонна холуобунай…

2 часа ago