Кыайыыга дьулуһуу – олоххо тардыһыы

Share

Нам улууһун Хатырык сэлиэнньэтигэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьон уопсастыбаларын Дмитрий Мухин салайар.


Дмитрий Захарович олоҕун хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи дэлэтиигэ, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаа­йыстыбата сайдыытыгар анаа­быта.
Онтон биэнсийэҕэ тахсан уонна 2018 сылтан сүрэҕинэн инбэлиит буолуоҕуттан ыла бу уопсастыбаны салайар. Дмитрий Захарович успуорт ханнык эмэ көрүҥэр сыстар санаанан салайтаран, ос­­туол оонньууларыттан хабылыгынан утумнаахтык дьарыктанан кэллэ. Нам улууһугар Егор Иванович Петров диэн кырдьаҕас алын сүһүөх кылаас оҕолорун үгэс буолбут хабылык­ка үөрэппитин, улууска күрэхтэһии тэрийбитин, бэйэтэ 80 сааһын ааһан баран, маастар буолбутун туһунан астына кэпсиир (92 сааһыгар диэри олорбут). Дмитрий Захарович хабылык оонньуутугар нэһилиэк, улуус иһинэҕи күрэхтэһиилэргэ кыттан, уопсастыбатын дьонун көҕүлүүр. Улуус сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн, хабылыкка өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр эмиэ кыттыбыта.
«Кыра эрдэхпинэ дьиэбит үрдүгэр эһээбит мунньубут тымтык мастарын ылан киллэрэн, дьиэҕэ хабылык оон­ньоон аралдьыйар этибит. Онон хабылык миэхэ оҕо сааспыттан кэлбит, киһи оҕо сылдьан оонньообута биллэр эбит дии саныыбын. Хабылык да, хаамыска да доруобуйаҕа туһата элбэх, бастатан туран, мэ­­йииҥ үлэтэ сайдар, илииҥ, тарбахтарыҥ имигэстик үлэлииллэр. Аны туран, утарсааччыгын кыайаары, элбэхтик эрчиллэҕин. Доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо кыайыыга дьулуур – олоххо тардыһыы биир көрүҥэ.
Доруобай, чэгиэн эрдэх­пинэ, инбэлииттэр уопсастыбалара диэн баарын билбэт да этим буоллаҕа. Бу уопсас­тыба Нам улуһуунаҕы салаатын бэрэссэдээтэлэ Матрена Семеновна Иванова Хатырык уопсастыбатын салай диэн анаан кэбиһиэҕиттэн ыла үлэлии сылдьабын», – диэн Дмитрий Захарович сэмэйдик кэпсиир.
Хатырык сэлиэнньэтин доруобуйаларынан хааччахтаах дьонун уопсастыбата дьаһалта социальнай боппуруостарга исписэлииһин кытары ыкса үлэлэһэр. Дьокуускай куораттааҕы уопсастыба үлэтин былааныгар сөп түбэһэн үлэлииллэр, төһө кыалларынан, тэрээһиннэргэ барытыгар кытталлар. Ону таһынан Дмитрий Захарович бэйэтэ Хатырыкка успуорт күрэхтэһиилэрин утумнаахтык ыытар.
Салайааччы этэринэн, дьиэ­ҕэ олорон хаалбыт (ол иһигэр, мөлтөхтүк көрөр, дьүлэй), кыайан баран-кэлэр кыахтара суох инбэлииттэр эмиэ бааллар. Кинилэри уопсастыбаҕа таһаарарга, кыратык да сэргэхситэн ыларга, дьэ, уопсастыба ыытар тэрээһиннэрэ олус туһалаахтар.

Дмитрий Мухин Уус Алдан Найахытыгар күн сирин көрбүтэ (төрөппүттэрэ Нам улууһун Көбөкөнүттэн төрүттээхтэр). Орто оскуоланы
1967 с. Хатырыкка бүтэрбитэ. Сүөһү көрөөччүнэн үлэтин саҕалыаҕыттан ыла, кини салайар, дьону кытары биир тылы булар дьоҕурун таба көрөн, улуус наар хаалыылаах нэһилиэктэрин өрө тардарга анаан ыыталлара. Онон настаабынньыгынан, кылаабынай зоотехнигынан, биригэдьииринэн, дириэктэри солбуйааччынан, кэлин леснигинэн үлэлээбитэ. Кэргэнэ Анастасия Ивановна Шадриналыын уол­лаах-кыыс оҕолоохтор, кыыс сиэннэрдээхтэр.

Манна даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр бэтэрээннэр  спартакиадара буолан ааста. Хотугу зонаҕа 10, соҕуруу зонаҕа  6 нэһилиэк хамаандалара успуорт  араас көрүннэригэр күрэхтэстилэр. Ол иһигэр,  хабылыкка, хаамыскаҕа 66 бэтэрээн-спортсмен оонньоото.

Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытыгар Нам улууһун бастын оонньооччуларыгар Дмитрий Мухинна, Мария Лукиноваҕа «Нам улууһун  бэтэрээн спортсмена» бэлиэ туттарылынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

7 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago