Кыайыыга дьулуурдаах буолан, санаалара күүстээх
Амма улууһугар буолан ааспыт адаптивнай успуорт спартакиадатыгар доруобуйаларынан хааччахтаах араас дьылҕалаах дьон кэлэн кыттыыны ылбыттара.
Кинилэртэн үгүстэрэ аҕам саастаах дьон буолан, бэйэлэрин кыһалҕаларын кытта дьиэлэригэр бүгэн олорбуттара баар суол. Ол эрээри «олорбуттара» диэн мээнэҕэ эппэтим. Мантан инньэ кинилэр спартакиада кэнниттэн санаалара бөҕөргөөн, толкуйдара кэҥээн, уопут атастаһан, олохторун ис тутулун тосту уларыталлара чахчы. Кэпсэппит дьонум бары итинник санаалаахтара.
Иван Григорьев Дьокуускай куорат чиэһин дуобакка көмүскээбитэ. Кини 1989 сыллаахха оттуу сылдьан комбайҥҥа атаҕын дэҥнээн, инбэлиит буолбут. Эр санаалаах киһи күрэхтэһэ сылдьарыттан санаата көтөҕүллэн сылдьар этэ.
Чурапчыттан сылдьар Михаил Кривошапкин теннискэ уонна дьаадыраны быраҕыыга кытта сылдьарын көрсөн кэпсэппитим. Михаил Прокопьевич массыына саахалыгар түбэһэн, кэлээскэҕэ олорор буолбута 20 сыл буолбут. «Миэстэлэспэтэрбин да, күрэхтэһиигэ кыттан, кылаабынайа, бэйэбин кыайар буоллаҕым. Үс оҕолоохпун, 9 сиэннээхпин. Онон баай киһибин. Инбэлииттэр уопсастыбаларыгар чилиэн быһыытынан уопсастыбаннай дьыаланан дьарыктанар дьарыгым үгүс«, — диэн санаатын үллэстэр Михаил Прокопьевич.
Үөһээ Бүлүү Хоро нэһилиэгин олохтооҕо Иван Яковлев истибэт буолан, 3-с группалаах инбэлиит. Кини өрөспүүбүлүкэ успуордун 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах икки улахан турнирга кыттыбыт. Онон буулдьанан ытыыга ох курдук оҥостон кэлбит этэ.
Оттон 71 саастаах Уус Алдан Кэптэнитин олохтооҕо Константин Татаринов 2-с группалаах инбэлиит. «Разрядым суох да буоллар, Нерюнгри бэрэстэбиитэлин кыайан турабын«, — диэн үөрэн туран сонунун кэпсээтэ. Амма ыалдьыта улуус спортивнай уонна социальнай эбийиэгэ элбэҕин, тупсаҕайдарын сөхпүт.
Оттон кэргэннии Соломоновтар — Хаҥалас улууһун спортсменнара. Сиэттиспитинэн сылдьар дьон.
Ыал ийэтэ Мария Соломонова 40-ча киһилээх хамаанда састаабыгар киирсэн кэлбиттэрин, Чурапчы Таатта, Хаҥалас улуустарын спортсменнара 2-с оскуолаҕа түспүттэрин кэпсээтэ.
Ыал аҕата Илья Соломонович эдэр эрдэҕиттэн, боксер, волейболист эбит. «Күрэхтэһиилэргэ сылдьан олус сэргэхсийдибит» диэт, Соломоновтар сиэттиспитинэн түһэ сытар сирдэригэр хамса турдулар.
Ити курдук, доруобуйаларынан хааччахтаах аҕам саастаах үлэ бэтэрээннэрэ кыайыыга дьулуурдаах буолан, санааларын күүһүнэн спартакиада бастыҥнарын ахсааннарыгар сырыттылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: