Кыайыылааҕынан Узаир Абдураков буолла

Share

ММА биллэр байыаһын Хабиб Нурмагомедов булкаас хапсыһыыларыгар турнира түмүктэннэ.

Томпо оройуонуттан Узаир Абдураков чөмпүйүөн курун лиигэтин кыайыылааҕынан буолла. Кини Доннааҕы Ростовтан Сергей Ясковцевы кытта киирсиигэ кыайда. Саха сирин Ил Дарханын аатыттан сүрүн бирииһи вице-премьер Дмитрий Садовников туттарда.
Күрэхтэһиигэ Таджикистан, Узбекистан, Кыргызстан, Бурятия, Алтай, Новосибирскай, Москва, Дагестан, Иран спортсменнара кытыннылар. Саха сирин чиэһин 26 киһи көмүскээтэ.
Ону тэҥэ октагоҥҥа Саха сириттэн 10 киһи кытынна. Чэпчэки ыйааһыҥҥа Гаврил Семенов, орто ыйааһыҥҥа Игнатий Андросов, Октябрин Яковлев кыайдылар. Чэпчэки аҥаардаах ыйааһыҥҥа Саха сириттэн Денис Андреев кыайыыны ситистэ.
Чэпчэки ыйааһыҥҥа Азамат Фархиевы Григорий Барашков тулуппата. Бу турнир саамай кылгас киирсиитэ этэ.
Турнир бочуоттаах ыалдьыттарынан Fagle FC бэрэсидьиэнэ, Абубакар Нурмагомедов уонна билиҥҥи чөмпүйүөн Магомедрасул Хасбулаев буоллулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago