Кыайыылаахтар дойду үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэр кыахтаныахтара
Хаҥалас улууһун Чапаево сэлиэнньэтигэр бу күннэргэ Саха Өрөспүүбүлүктэрин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев кэриэһигэр, кини төрөөбүт күнүн көрсө II Николаевскай пуорум буола турар.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев: “Бу, Ыччат парламенын көҕүлээһининэн тэриллибит пуорумҥа Саха сирин араас муннугуттан 100-чэкэ эдэр исписэлиис муһунна. Кинилэр өрөспүүбүлүкэни сайыннарар биир соруктаахтар. Бу күннэргэ бэйэлэрин сатабылларын үрдэтиэхтэрэ, уопут атастаһыахтара итиэннэ биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ тускутун түстүүр бырайыактары толкуйдуохтара. Кыайыылаахтар дойду инники күөҥҥэ сылдьар үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэнэр кыахтаныахтара.
Михаил Ефимович биһиги ыччаппыт бэйэтин күүһүнэн-кыаҕынан, идиэйэтинэн төрөөбүт Сахатын сирэ иннин диэки хардыылыырыгар көмөлөһүөҕэ диэн бигэ эрэллээҕэ. Николаевскай пуорум маны бигэтик туоһулуур. Кыттааччыларга барыларыгар ситиһиини баҕарабын!” – диэн тус телеграм ханаалыгар санаатын үллэстэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: