Кыаммат ыалларга туох көмө баарый?

Share

Кыаммат ыаллар судаарыстыбаттан туох көмөнү ылалларый? Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах дохуоттаах (дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнигэр тиксэринэн) ыал кыаммат диэн ааттанар. 

Федеральнай көмө:

— 0-16 саастаах оҕолорго уонна хат дьахталларга (эрдэ учуокка турбут буоллахтарына) ый аайы бэриллэр Биир кэлим босуобуйа;

— Социальнай хантараак: судаарыстыба үөрэнэргэ, идэ ыларга, үлэ көрдүүргэ, бэйэ дьыалатын арынарга, кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарарга, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга 150-500 тыһыынча солкуобайы биэрэр;

— Хомунаалынай өҥөҕө субсидия: хомунаалынай өҥөҕө ороскуот дохуот 15 бырыһыаныттан тахсар буоллаҕына, субсидия көрүллэр.

Эрэгийиэннээҕи көмө:

— Аадырыстаах материальнай көмө: дьиэ кэргэн ыарахан балаһыанньаҕа түбэстэҕинэ (баһаар, ууга барыы, эмтэнии, доруобуйаны чөлгө түһэрии, о.д.а.) эрэгийиэн көмөлөһөр;

— Биэнсийэ тиийинэн олоруу кээмэйигэр тиийэрин курдук, эрэгийиэнтэн эбии төлөбүр;

— Саҥа төрөөбүт оҕоҕо босхо таҥас кэмпилиэгэ, 3 сааһын туолуор диэри оҕо аһылыга бэриллэр;

— Элбэх оҕолоох ыалларга оскуолаҕа, физкультураҕа кэтэр таҥаһы ыларга төлөбүр;

— Оскуолаҕа босхо итии аһылык уонна уһуйаан төлөбүрүн толуйуу.

Хаартыска: үлэ, социальнай эйгэ министиэристибэтэ.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Иирсээн кэнниттэн аҕатын массыынатын алдьатан буруйданна

ИДьМ сулууспатын 1 №-дээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар куорат таһынааҕы олохтооҕо тыллаабыт. Эр киһи массыыната…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһын — «Хюгге» кэмэ

Cаҥа дьылы кэтэһии бырааһынньыктааҕар ордук үчүгэй, күүтүүлээх, күндү курдук буолар. Оннук күндү кэтэһиини биһиги бэйэбит…

8 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сириттэн сылдьар байыастары эбии хааччыйыыга саҥа номенклатура бигэргэннэ

Ил Дархан Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээх “Кыайыы туһугар бииргэ!” өрөспүүбүлүкэтээҕи  хамыыһыйа мунньаҕар, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

ХИФУга мэдиссиинэ идэтигэр туттарсыыга саҥаны киллэрии туһунан быһаардылар

Ааспыт нэдиэлэҕэ Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үрдүк үөрэх кыһатын мэдиссиинэ институтун бэрэстэбиитэллэрэ үөрэххэ туттарсааччылары, төрөппүттэри, педагогтары…

8 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр Аиза Решетникова аатын иҥэрдилэр

Айсен Николаев Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлигэр РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өрөспүүбүлүкэ норуотун…

8 часов ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Эдэр уол баантан бөдөҥ суума харчыны уоран тутулунна

ИДьМ сулууспатын Сунтаар улууһун отделын холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 24 саастаах олохтоох киһи баантан харчыны уорбутугар…

8 часов ago