Элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэргэ өрөмүөн күөстүү оргуйар. Сорохтор номнуо өрөмүөннэнэн бүтэн киирэ охсубуттар. Саҥа дьиэҕэ быйыл ипотеканан кыбартыыра атыыласпыт Мария Петровна хаһыаппыт эрэдээксийэтигэр маннык ис хоһоонноох сурук ыыппыт.
«Быйыл уон биэс этээстээх саҥа дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһан өрөмүөннэтэн киирбитим. Үөһээ этээскэ ханнык эрэ кыбартыыра киэһэ хойукка диэри тохтоло суох тугу эрэ эрбиир, үүттүүр, көтүрэр. Мин саныахпар, арааһа, көтүрүллүө суохтаах тутаах истиэнэни көтүрэн кыбартыыра былаанын уларытан эрэллэр», – диэн суруйбут. Чахчы, билигин үгүс дьон дьиэтин былаанын дизайнер өҥөтүн туһанан оҥорторор, истиэнэни быһан-отон өрөмүөннэнэр буолбут. Ол эрээри маннык оҥостуу сокуонунан көҥүллэнэр дуо?
Кыбартыыра боростуой өрөмүөнэ диэн кырааска уонна обуойу сыһыарыы. Маннык өрөмүөнү дьиэлээх хаһаайын ким да сөбүлэҥэ суох оҥостор бырааптаах. Өскөтүн, дьиэ ис бараанын былаана уларыйар буоллаҕына, дьиэ пааспарыгар уларытыылар киириэхтээхтэр. Арассыыйа Федерациятын Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын кодексатын 25-с уонна 26-с ыстатыйатынан, дьиэ бырайыага уларыйарын туһунан бырайыактыыр тэрилтэни уонна олохтоох бэйэни салайыныы тэриллиилэрин кытта сөбүлэҥ түһэрсиллиэхтээх. Ол курдук, истиэнэни сыҕарытыы, киирии саҥа ааны оҥоруу о.д.а. манна киирэллэр. Дьиэ былаанын тустаах үөрэхтээх дьон бырайыактыыллар. Оттон гаас турбатын, унитаһы, суунар сири сыҕарытыы санитарнай-тиэхиньиичэскэй, инженернэй бырайыакка киирсэр. Дьиэ тутаах истиэнэлэрин көтүрүү дьиэни бүтүннүү хамсатыан сөп. Онон маннык уларытыылар бобуулаахтар. Өскөтүн, хаһаайын кимтэн даҕаны ыйыппакка, дьиэ ис былаанын талбытынан уларытар буоллаҕына, ыстарааптаныан сөп. Ааспыт сыл түмүгүнэн, маннык ыстараап суумата физическэй сирэйгэ 2000-2500 солк., дуоһунастаах сирэйгэ 4000-5000 солк., оттон юридическай сирэйгэ 40000-50000 солк. тэҥнэһэр этэ.
Дьиэ тутаах истиэнэтин, вентиляция хоруопкатын көтүрүү, түннүк, аан оҥоруу хайа да балаһыанньаҕа көҥүллэммэт. Вентиляция хоруопката төһө даҕаны кыбартыыра ахсын баарын иһин, хаһаайын ханнык да түгэҥҥэ көтүрэрэ табыллыбат. Дьиэ тутаах истиэнэтин көтүрдэххэ, саамай кырата истиэнэ хайдар, дьиэ сууллуон да сөп. Административнай эппиэтинэскэ тардыллыы таһынан, көтүрүллүбүтү барытын саҥаттан оҥорорго модьуйаллар. Аккаастанар түгэҥҥэ, сокуону кэһии дэнэр. Дьыала суукка да тиийиэн сөп.
Панель дьиэлэргэ оннооҕор хостор икки ардыларынааҕы истиэнэлэр тутаах буолаллар. Оттон монолитнай эбэтэр монолитнай-кирпииччэ дьиэлэр каркаастара аҕыйах холуоннаттан уонна истиэнэттэн тутуллан турар. Дьон маны ситэ өйдөөбөккө, көтүрэр, талбытынан быһан-отон оҥорор. Ол кэннэ истиэнэ хайыннаҕына, дьиэ хамсаатаҕына, тутааччы буруйдаах аатырар. Былаана уларытыллыбыт кыбартыыра атыыга барара уустугурар. Хонтуруолтан, бэрэбиэркэттэн эрэ тутуллан буолбакка, киһи олорор дьиэтэ бөҕө-таҕа туруктаах буоларыгар бэйэтэ кыһаныахтаах. Ыаллыы олорор кыбартыыралары уорбалыы санаатаҕына, бэрэбиэркэ ыытар, үҥсэр бырааптаах. Истиэнэни талбыт көтүрүү иэдээҥҥэ тиэрдиэн сөп.
Болкуон уонна лоджия кыбартыыра ис барааныгар киирсибэт. Урут болкуону хаттыгастаан дьиэни кэҥэтии эмиэ баара. Ол эрээри, ырытан көрдөххө, болкуон уонна лоджия тус-туспалар. Болкуон – дьиэ фасадыттан быган тахсар былаһаакканан биллэр. Оттон лоджия – үс өттүттэн күрүөлэммит, дьиэ иһиттэн тахсар былаһаакка. Болкуон лоджияттан уратыта – тирэҕэ суох, онон уйуга мөлтөх буолар. Хос быһыытынан туһанар туһуттан ардыгар түннүктээх истиэнэни көтүрэллэр. Оннооҕор ититии ситимин болкуоҥҥа тардаллар. Истиэнэни көтүрэр түгэҥҥэ, болкуон тирэҕэ уйбакка, сууллуон сөп.
Павел Аргунов, СӨ тутууга надзорун управлениетын салайааччы:
– Билигин маннык кыһалҕа үөскээтэҕинэ, олохтоохтор Дьокуускай куорат дьаһалтатын иһинэн Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын департаменыгар, ону сэргэ салайар хампаанньаҕа үҥсүү түһэриэхтэрин сөп. Дьиэни тутар сүрүн истиэнэлэри, вентиляция хоруопкатын көтүрэр көҥүллэммэт. Ыаллыы олорор кыбартыыраттан сылтаан атын дьон эмсэҕэлиэ суохтаах.
Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын департаменыттан маннык эппиэти туттубут:
– РФ дьиэ-уот сыһыаннаһыытын кодексатын 36 ыст. 1 ч. элбэх кыбартыыралаах дьиэ сүрүн тутаах истиэнэлэрэ, вентиляция хоруопката уопсай дьиэ олохтоохторун бас билиилэригэр киирэр. РФ Гражданскай кодексатын 290 ыст. 2 ч., кыбартыыра хаһаайына уопсай бас билиигэ бырааба суох. Ону сэргэ, РФ Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын кодексатын 36 ыст. 1 ч. уопсай бас билиини (көрүдүөр, подъезд) иһин бэйэтин туһатыгар кыччатыы дьиэ олохтоохторун сөбүлэҥэ суох оҥоһуллуо суохтаах. РФ Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын кодексатын 26 ыст. 1 ч., кыбартыыра ис бараанын былаанын уларытыы бары ирдэбили тутуһан оҥоһуллуохтаах. Ол эбэтэр, олохтоох салайар уоргантан көҥүл ылыллыахтаах. Көҥүлэ суох дьиэ истиэнэтин көтүрэн уларытыы иһин бэрэбиэркэ түмүгүнэн аак толоруллар. Уларытыллыбыт былааны төттөрү оҥорорго ирдэбил оҥоһуллар. Өскөтүн, ирдэбил болдьоммут кэмигэр толоруллубатаҕына, РФ Дьиэ-уот сыһыаннаһыытын кодексатын 29 ыст. 5 ч. 1 п. олохтоох салайыныы суукка түһэрбит ирдэбилинэн суут дьиэни хаһаайыныттан былдьаан атыыга таһаарыы туһунан быһаарыы ылыныан сөп. Саҥа хаһаайын атыыласпыт дьиэтин урукку былаанынан сөргүтэн оҥоруохта
Биһиги бу боппуруоһу быһаарар туһуттан салайар хампаанньаҕа эрийэн сурастыбыт. Онуоха маннык кыһалҕаламмыт киһи дьиэтин сыһыарыылаах салайар хампаанньатын юридическай салаатыгар сайаапка түһэрэр, ону сэргэ дьиэни туппут тэрилтэҕэ суругунан үҥсүү түһэриэн сөп диэтилэр.
Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр бастакы этээстэригэр маҕаһыын, тэрилтэ аһан үлэлэтэллэр. Бэлиэтээн суруйдахха, ааспыт сыл сайыныгар Автодорожнай уулусса дьиэтигэр ситэ көтүрүллүбэтэх кирилиэс бетонугар баттатан оҕо суорума суолламмыта, хас да оҕо улахан эчэйиини ылбыта. Хомойуох иһин, билигин саҥа тутуллан киирбит дьиэлэргэ истиэнэ хайдыыта, дьиэ хамсааһына үгүстүк көстөр. Бу барыта бэйэмсэх уонна сокуону билбэт буолууттан тахсар. Атын дьон суотугар кыбартыыраны кэҥэтэн истиэнэни көтүрүү сокуонунан көҥүллэммэт. Өскөтүн, саҥа атыыласпыт кыбартыыраҕар маннык балаһыанньа үөскээтэҕинэ, бэйэҥ быраапкын көмүскүүр кыахтааххын.
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…
Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038