Кыбартыыра оннугар, чааһынай дьиэ…
Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар сыллата элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуу элбээн, бииртэн-биир тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэр баар буоллулар. Ол гынан баран, дьиэ-уот ырыынагар сыана бас баттах баран, киһи эрэ барыта икки-үс хостоох кыбартыыра атыылаһар кыаҕа суох. Инньэ гынан кэлиҥҥи сылларга куорат олохтоохторо чааһынай дьиэни, сир учаастагын атыылаһар буоллулар.
ДЬИЭНИ ТУТТУУ ЭЛБЭЭТЭ
Хамсаабат баай-дуол эспиэрэ, “Правовой центр недвижимости” риелторскай хампаанньа дириэктэрэ Аркадий Назаров кэлиҥҥи кэмҥэ Дьокуускайга чааһынай дьиэни туттуу элбээбитин туһунан биһиги хаһыаппытыгар эрдэ иһитиннэрэн турардаах. Бу бастатан туран, элбэх кыбартыыралаах дьиэ-уот ырыынагар кыбартыыра сыаната үүнэ-тэһиинэ суох үрдээбитин кытары быһаччы сибээстээх. Иккиһинэн, дьон бэйэлэрэ бас билэр тэлгэһэлээх дьиэлэригэр быр-бааччы олоруохтарын баҕараллар.
– Билигин саҥа дьиэҕэ биир кв.м сыаната 150-160 тыһыынча солкуобайга тиийдэ. Оттон “иккис ырыынакка” 120-130 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Саҥа кыбартыыраны уһуннук олорор эрэ буоллахха, атыылаһар ордук дии саныыбын. Салгыы атыылыыр буоллахха, “иккис ырыынактан” атыылаһар быдан барыстаах. Кэлиҥҥи сылларга Дьокуускай куорат олохтоохторо чааһынай дьиэни тутталлара лаппа элбээтэ. Харчытынан да ыллахха, сыанатынан арыый ортоһуор буолар. Холобур, 6 мөл. солкуобайдаах буоллахха, 1,5-2 мөл. гаастаах, уоттаах үчүгэй учаастагы ылаллар уонна 4-4,5 мөл. солк. 70-90 кв м иэннээх чааһынай дьиэни “под ключ” туттараллар. Аны бу дьиэни барытын оҥорон баран, инники өттүгэр, сыанатын эбэн 7-7,5 мөл. солк. атыылыахха сөп, – диэн Аркадий Назаров кэпсиир.
СИР УЧААСТАГА
“Meline” хамсаабат баай-дуол ааҕыныстыбатын дириэктэрэ, юрист Саргылана Акимова этэринэн, билигин сир учаастагар сыана үрдээн турар. Сыана үрдээһинэ судаарыстыбаннай көҕүлээһиннээх кирэдьииттиир бырагыраамалар элбээбиттэрин кытта сибээстээх эбит. Исписэлиис этэринэн, бүтэһик сылларга элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ кыбартыыра атыылаһарга эрэ буолбакка, сир учаастагын ылан дьиэ туттарга эмиэ чэпчэтиилээх ипотекалары биэрэр буоллулар. Холобур, былырыыҥҥыттан Сбербаан “Самострой” диэн саҥа бырагырааманы киллэрбит. Манна бэдэрээтчит хампаанньата суох учаастак атыылаһарга уонна дьиэ туттарга 6 мөл. солкуобайга тиийэ кирэдьиит ылыахха сөп.
– Маннык курдук атын бырагыраамалар эмиэ бааллар. Онон дьон кыбартыыра оннугар чааһынай дьиэни ордороро элбээтэ. Итиэннэ киин куоракка билигин сир учаастага олох аҕыйах. Ол иһин билигин наадыйыы (спрос) улаатан турар, – диэн Саргылана Егоровна бэлиэтээтэ.
Сир учаастагын сыаната ханна турарыттан, төһө улаханыттан, сирэ көнөтүттэн, айан суола чугаһыттан, гааска, уокка холбонуулааҕыттан тутулуктаах. Ону таһынан, атыылааччытыттан эмиэ тутулуктаах буолуон сөп. Риелтор этэринэн, сорох дьон сыананы түһэрбэккэ тутан олорор.
Билигин саамай үрдүк сыаналаах учаастактар Дьокуускайга Сэргэлээх уонна Хатыҥ Үрэх оройуоннарыгар бааллар. Манна учаастак биир суотай сирэ 250-280 тыһыынча солкуобайтан саҕалаан 500 тыһыынча солкуобайга тиийэр. «Птицевод» СОТ оройуонугар биир суотай сир сыаната 200-380 тыһыынча солкуобай.
“Тускул” түөлбэҕэ биир суотай сыаната ортотунан– 180-200 тыһ. солкуобай. Саамай удамыр сыана “Саталга” турар. Биир суотайы 100-160 тыһ. солкуобайга буолуохха сөп. Хатаска сыана арыый удамыр. Учаастак биир суотайа – 120 — 200 тыһ. солк. тэҥнэһэр. Покровскайдыыр суол 12-15 км биир суотайа 130-200 тыһ. солк., гаас утаҕа тиийбит сиригэр – 250 тыһ. солк. саҕаланар.
ЧААҺЫНАЙ ДЬИЭ
Бүгүҥҥү туругунан чааһынай дьиэ сыаната улаханнык улааппата диэн “Решение” хамсаабат баай-дуол ааҕыныстыбатын исписэлииһэ Кристина Слепцова этэр. Тоҕо диэтэххэ, билигин дьон сир учаастагын атыылаһан, бэйэлэрэ дьиэ тутталларын быдан ордороллор. Бу эрдэ этэн аһарбыппытым курдук, судаарыстыбаннай көҕүлээһиннээх кирэдьииттиир бырагыраамалар элбээбиттэрин кытта сибээстээх (Уһук Илиҥҥи, дьиэ кэргэн уо.д.а ипотекалара).
– Билигин чааһынай дьиэҕэ сыана 2,5 мөл. солкуобайтан 10 мөл. солкуобайга тиийэр. Бастатан туран, дьиэ сыаната кини ханна турарыттан тутулуктаах. Тоҕо диэтэххэ, дьон куорат үчүгэй инфраструктуралаах оройуонугар, суолтан чугас дьиэни көрдүүр. Итиэннэ дьиэ хаһан тутуллубута, хас иэннээҕэ, хайдах акылааттаҕа уонна учаастакка атын тутуулар бааллара эмиэ сыанаҕа оруолу оонньуур – диэн Кристина Слепцова бэлиэтээтэ.
Исписэлиис этэринэн, кыбартыыра, сир учаастага уо.д.а. ырыынакка баар хамсаабат баай-дуол сыаната элбэхтэ уларыйыан сөп буоллаҕына, чааһынай дьиэ сыаната улаханнык хамсаабат. Ону таһынан, манна чааһынай дьиэни атыылааччыны кытта кэпсэтэн сыанатын түһэрсиэххэ сөп. Онон бэлэм чааһынай дьиэни атыылаһар барыстаах буолар диэн кини этэр.
Сир учаастагын сыаната:
Хатас – 1,3 – 5 мөл. солк.
Тускул – 1,6 – 2,5 мөл. солк.
Хатыҥ Үрэх – 2,5 – 6 мөл. солк.
Сэргэлэээх – 3 – 10 мөл. солк.
Сатал – 900 тыһ.солк. – 5 мөл. солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: