Дьиэ сыаната хайдах буолара олоҕун оҥостуон, дьиэлэнэн-уоттанан олоруон баҕарар дьону өрүү долгутар. Оччотугар сыана хайдах, хаһан уларыйбытын ырытан көрүөххэ, биирдиилээн улуустарынан ылан.
Тыа сиригэр да, киин куоракка да буоллун, киһи бэйэтэ туспа олорор муннуктааҕа туохтааҕар да күндү. Манна биири этиэххэ наада – 2030 сылга диэри Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата уһатыллан биэрбитэ эрээри, хата ол оннугар сылтан сыл икки хостоох, ону ааһа баран биир хостоох кыбартыылар сыаналара «кытаатан» биэрэргэ дылы. Харчыга ыктарыы, хамнас үрдээбэт кыһалҕата эмиэ сүппэт.
Биллэн турар, билиҥҥи үйэҕэ хас биирдии киһи ити сыалы ситиһэргэ Уһук Илиннээҕи чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматынан эбэтэр уурунуу харчытын туһанар. Бу чахчылары статистика эмиэ чопчулуур, ол курдук, Саха сиригэр 200-тэн тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ биллэр, ону таһынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2025 сылга диэри 128 дьиэ күлүүһүн саҥа хаһаайыннарга туттараллара былааннанар.
Нэһилиэнньэҕэ наадыйыы (спрос) баар, суох буолбатах. Манна эспиэртэр быһааралларынан, сүрүн төрүөтэ – Уһук Илиҥҥи чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата: кыбартыыраларга наадыйыы үрдээн, сыана эмиэ икки бүк эбиллэр. Бүгүҥҥү туругунан, киин куоракка кыбартыыра биир кв. м сыаната 120 тыһ. солкуобайтан 156 тыһ. солк. диэри тиийдэ. Инникитин аны туран чопчу хайдах уларыйара биллибэт.
Быйыл Дьокуускайга кыбартыыра кв. м сыаната, ортотунан, саҥа дьиэҕэ – 156 тыһ. солк.,
иккис ырыынакка – 136 тыһ. солк.
Оттон улуустарга, ортотунан, 110-120 тыһ. солк.
Кэнники сыллар дааннайдарын ылан көрдөххө, 2023 сылтан быйыл саҥа дьиэҕэ кыбартыыра биир кв. м. сыаната 22 тыһ. солк. үрдээбит, оттон урукку сыллааҕы тутууларга – 11 тыһ. солк. Ол эбэтэр быйыл кыбартыыра кв. м сыаната ортотунан: саҥа дьиэҕэ – 156 тыһ. солк., иккис ырыынакка – 136 тыһ.солк. Ити курдук, Дьокуускай куоракка
48 кв. м. биир хостоох кыбартыыра 6,5 мөл. солк. тахса суумаҕа диэри үрдээтэ. Маны ким уйунар? Холобур, кирэдьиитинэн кыбартыыра атыылаһар киһи хамнаһа, ортотунан, 85 тыһ. солк. буолуохтаах.
Улуустарынан ыыппыт ыйытыкпар хоруйдаабыттарынан, Саха сиригэр тутулла турар саҥа дьиэлэргэ кыбартыыра сыаната салгыы өссө да улаатар чинчилээх. Бу туһунан улуус дьаһалталарын тутууга исписэлиистэрэ биир киһи курдук бигэргэттилэр: «Кыбартыыра сыаната билигин үрдүүрэ мэлдьэһиллибэт. Тоҕо диэтэххэ, тутуу матырыйаалын, уматык сыаналара ыарыыр».
Улуустарга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутуу үлэтэ үксүн хаарбах уонна саахалланнар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааманан барар. Эмиэ сыыппаралары көрүөххэ. Былырыын 6,4 тыһ. кв. м. иэннээх хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүүгэ 21 улууска барыта 68 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллубут. Бырагырааманы олоххо киллэриигэ үбэ-харчыта РФ сирин-уотун сайдыытын пуондатыттан тыырыллар. Саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин хаһаайыннар эбийиэк тутуллан түмүктэнээтин, тутатына ылан иһэллэр. Холобур, 2023 сыл бүтүүтэ Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтин Данилов уулуссатыгар турар 4 мэндиэмэннээх дьиэҕэ 180-тан тахса киһи көспүт. Оттон бу соторутааҕыта Нам улууһугар Ленскэй нэһилиэгин олохтоохторо 47 саҥа кыбартыыраҕа көһөн киирбиттэрэ иһилиннэ. Маны сэргэ биирдиилээн улуустарынан атыыга тахсар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри тутан олоххо киллэрии эмиэ үгэннээн эрэр. Итиннэ кыбартыыра сыанатын тарыыбын СӨ Тутууга министиэристибэтэ бигэргэтэр.
Тутуу бэдэрээтчиттэрэ эппиттэринэн, улуустарынан сыана тарыыбын СӨ Тутууга министиэристибэтэ быһаарар уонна туһааннаах бирикээһинэн бигэргэтэр. Таас дьиэҕэ «ыраас» отделкалаах биир хостоох кыбартыыра кв. м. сыаната – 126 тыһ. солк., ЛСТК, МХМ, ЛМК технологиянан тутуллубут эбийиэккэ – 124 тыһ. солк., оттон мас тутууга – 106 тыһ. солк. буолар. Манна киин куорат сыанатын кытта улуустарынан араастаһыы дөбөҥнүк көстөр. Дьокуускайга кыбартаалынан кыбартыыра кв. м сыаната 135-тэн 170 тыһ. солк. диэри араастаһар буоллаҕына, улуустарынан «ыраас» оҥоһуулааҕа муҥутуур 118 тыһ. солк. тиийэр. Орто биитэр кыра хамнастаах киһи уйунуон сөптөөх суумата. Оттон киин куоракка төттөрүтүн – иирбит сыана буолбатах дуо? Дьиэ атыылааччылар хайа диэки хамсыыллар да, ол диэки умса түспүтүнэн барабыт, иккис үлэ көрдүүргэ күһэллэбит.
Ити курдук, саҥа тутуллубут дьиэлэргэ кыбартыыра сыаната хайа да түгэҥҥэ син биир улаатар чинчилээх. Тоҕо диэтэххэ, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата 2025 сылга диэри уһатыллыбыта, чэпчэтиилээх ипотека 2030 сылга диэри барар буолбута. Онон инникитин даҕаны дьиэ сыаната син биир улаатар чинчилээҕэ мэлдьэһиллибэт. Ол баар суол. Ол эрээри, быар куустан итини кэтээн олорор сатаммат, кыбартыыра атыылаһарга билигин, бары да этэллэрин курдук, тоҕоостоох кэм. Оттон киин куоракка эбэтэр улууска атыылаһаргытын бэйэҕит быһаараҕыт.
Максим Гуляев, Уус Алдан улууһун дьаһалтатын хапытаалынай тутууга уонна архитектураҕа исписэлииһэ:
– Уус Алдаҥҥа кыбартыыра кв. м. сыаната, ортотунан, 95-100 тыһ. солк. Манна үксүн сир учаастагын миэстэтиттэн тутулуктаах. Саҥа кыбартыыраҕа наадыйыы элбэх, ол суотугар Уһук Илиннээҕи, тыа сиригэр дьиэ атыылаһыыга ананар чэпчэтиилээх ипотекалар улахан суолталаналлар. Улууска кыбартыыра атыылаһыан баҕарааччы киин сири талар. Ол курдук, нэһилиэнньэ үксүн Уус Алдан улууһун киинигэр – Бороҕоҥҥо көрдүүр. Оттук, тутуу матырыйаалын сыаната лаппа ыараан, уопсай сыана бэлиитикэтигэр муҥутуур үрдээһин бэлиэтэнэр. Инникитин даҕаны, сабаҕалаан көрдөххө, кыбартыыра сыаната өссө эбии тахсара буолуо.
Макар Маисов, Бүлүү улууһун дьаһалтатын «Инженернэй—строительнай управление» МХТ салайааччыта:
– Бүлүү улууһугар кыбартыыра кв. м сыаната 100 тыһ. солк. кэриҥэ. Билигин улуус үрдүнэн элбэх кыбартыыралаах уонча дьиэ, ол иһигэр Үгүлээккэ сэттэ кыбартыыралаах дьиэ хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааманан тутуллар. Бу быйыл ахсынньыга үлэҕэ киирэрэ былааннанар.
Василий Филиппов, Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын баһылыгын тутууга солбуйааччы:
– Мэҥэ Хаҥаласка СӨ Тутууга министиэристибэтэ быспыт тарыыбынан кыбартыыра сыаната – кв. м 114 тыһ. солк. Улууска, биллэрин курдук, саҥа кыбартыыраҕа наадыйааччы олус элбэх. Оттон кыбартыыра кв. м. сыаната үрдүүрүн туһунан эттэххэ, куорат сыанатын кытта тэҥник эбиллэр.
Нина Самсонова, Дьокуускай куорат риэлтора:
– Дьокуускайга кыбартыыра кв. м сыаната, ортотунан, 120-200 тыһ. солк. тиийдэ. Наадыйааччы, атыылаһыан, саҥа дьиэлэниэн баҕалаах киһи олус элбэх. Билигин кыбартыыра сыаната иккис ырыынакка түһэн турар, оттон бастакыга үрдүүрэ чахчы. Инникитин сыана түһэрэ күүтүллүбэт.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…