Салгыы
Күчүс бырамыысыланнай кластер бырайыага ТОР статуһун ылыаҕа

Күчүс бырамыысыланнай кластер бырайыага ТОР статуһун ылыаҕа

24.11.2022, 11:30
Бөлөххө киир:

Күчүс бырамыысыланнай кластерын күүскэ сайыннарыахтара. 

Саха сирин хоту өттүгэр баар Күчүс бырамыысыланнай кластера урутаан сайдыы сини-уотун статуһун ылар кыахтаах. Бу туһунан РФ Арктиканы уонна Уһук Илини сайыннарыыга миниистирэ Алексей Чекунков эттэ.

“Күчүстээҕи кластер курдук бырайыактар урутаан сайдыы сиринэн буолар кыахтаахтар. Билигин ону быһаарыыга үлэлэһэбит, ол туһунан Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлигэр дакылааттаатыбыт. Кини биһигини өйөөтө, маннык бырайыактар бу статуһу түргэнник, быһалыы ылалларын курдук”, — диэтэ Чекунков.

Федеральнай миниистир этэринэн, бырайыак Хотугу муора суолун сайыннарыыны кытта сибээстээх. Муора суолунан тиэйии кээмэйэ үс сылынан 100 мөл туоннаны куоһарыахтаах, оттон 2030 сылга – 200 мөл туоннаны.

“Бырабыыталыстыба Хотугу муора суолун сайыннарыы былаанын ылыммыта. Баайдаах сирдэр кластердарын сайыннарыы хотугу муора суолун таһаҕаһынан хааччыйаллар уонна Арассыыйаҕа экспортан барыыс киирэрин тэрийэллэр. Бырабыыталыстыбаҕа олоххо киллэрии кэлимсэ былаанын киллэриэхпит. Аныгыскы ВЭФ-кэ сүрүн параметрдар бигэргэниэхтэрэ диэн эрэнэбин”, — диэтэ кини.

Усуйаана оройуонун Уус –Куйга бөһүөлэгэр дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны тутуу көрүллэр.  Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, бу кластер “сүрэҕинэн” буолуоҕа, бырамыысыланнас оҥорон таһаарыытын хааччыйыаҕа, хорҕолдьун, кыһыл көмүс уонна таас чох баайдаах сирдэргэ геологическай чинчийиилэри ыытарга көмөлөһүөҕэ, ону тэҥэ дьон олоҕун тупсарыаҕа.

“Бүгүн сүрүн сорук торумнаммыта. Росатом дьоҕус кыамталаах атом ыстаансыйатын тутууга бары дьаһалы ылыммыта. Бу бырамыысыланнас кластера баар буолуута баайдаах кэккэ сирдэри туһаҕа таһаарыыга көмөлөһүөҕэ, Күчүс баайдаах сиригэр эбии, ол иһигэр хорҕолдьун баайдаах сиригэр. Маныаха нэһилиэнньэлээх пууннар социальнай уонна логистическай инфраструктуралара тупсуоҕа, чуолаан, Уус-Куйга уонна Депутатскай киэнэ, уотунан хааччыйыы тубустаҕына дьон олоҕо эмиэ тупсуоҕа”, — диэтэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев.

Уот инфраструктуратын хааччыйыыга 5 подстанцияны уонна уот 5  салгын линиятын атом ыстаансыйатыттан Күчүс, Тирэхтээх, Депутатскай уонна Уус-Куйга, Депутатскай баайдаах сирдэригэр диэри тутуу былааннаммыта.

Ону тэҥэ Аллараа Бэстээх тимир суол ыстаансыйатыттан таһаҕас терминалыгар диэри тиийэр суолу тутуу, Нижнеянскайга уонна Уус Куйгаҕа өрүс пуортарын саҥардан оҥоруу, Дьааҥыга  өрүһү дириҥэтии, массыына суолун тутуу күүтүллэр.

Усуйаана оройуонугар диэри волокно-оптика утаҕын тутуу уонна оройуоҥҥа суотабай сибээс вышкатын саҥардан оҥоруу көрүлүннэ. Уус-Куйгаҕа бырайыагы олоххо киллэрии көмөтүнэн кэккэ саҥа эбийиэктэри, ону тэҥэ 400 олорор кыбартыыраны тутуу былааннанар.

Баайдаах сирдэри баһылааһыҥҥа бырайыакка инвестициялар уопсай кээмэйдэрэ, атом ыстаансыйатын уонна инфраструктура эбийиэктэрин кытта уопсай кээмэйэ 235 млрд солк. тэҥнэһэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Андрей Сорокин түһэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: