Салгыы
Күөх Боллох, мичик гын

Күөх Боллох, мичик гын

03.11.2022, 16:20
Бөлөххө киир:

Сэтинньи саха ыалыгар Күөх Боллох мичик гынар, идэһэ өлөрүллэр кэминэн биллэр. Үгүс аныгы сахалар кэлии кэнсиэрбэ балыктары аахсыбакка туран, төрөөбүт дойдубутугар үөскүүр балыктар сахалыы ааттарын билбэппит. Онон аныгы кэмҥэ умнулла быһыытыйбыт өбүгэлэрбит балыгы астыыр ньымаларын, балыктар сахалыы ааттарын, балыгы туһаныы көрүҥнэрин түмэн бэлэмнээтибит.

Балык битэмииннээх

Балык киһиэхэ туһата тугунан да кэмнэммэт. Омега-3 уонна омега-6 кислота мэйиигэ туһалааҕынан, хааҥҥа куһаҕан холестерины намтатарынан биллэр. Онтон балыкка баар йод былчархай сөптөөхтүк үлэлииригэр көмөлөһөр. А, В, Е, Д битэмииннэрдээх буолан, сүөһү этинээҕэр үрдүк таһымҥа турар.

Кальцийдааҕын, железалааҕын, сыалаах кислоталардааҕын быһыытынан таас уҥуоҕар туһалыыр. Тыҥыраҕы, баттаҕы, уҥуоҕу, тииһи бөҕөргөтөрүнэн биллэр.

Статистика туоһулуурунан, сүрэх-тымыр ыарыытынан ордук эр дьон ыалдьаллар. Онон ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр инниттэн, эр дьон балыгы тиһигин быспакка сиэхтээҕин ыйаллар.

Оҕо аймах балыгы нэдиэлэҕэ иккитэ-үстэ сиэтэҕинэ хараҕа мөлтөөбөт, өйгө тутар дьоҕура, болҕомтото күүһүрэр диэн учуонайдар быһааран тураллар.

Сахалар балыгы астыыр ньымалара

Тоҥ – бил, туут, хатыыс, чыыр, уомул курдук балыктары кыһын тоҥнуу кыһан сииллэр. Бастаан балык тириитин араараллар, онтон чараас гына сытыы быһаҕынан кыһаллар.

Дьуухала – балыгы баһын быһан, этин тириититтэн араарбакка эрэ хайытан, халыҥ этин туоратаары быһыталаан, кыратык туустаан, тараччы сылдьар гына маһынан тэптэрэн, тыал охсор сиригэр быаҕа ыйаан, күн уотугар хатарыллар.

Үөлүллүбүт балык. Мундуну эбэтэр собону хатырыктаан баран мас үтэһэҕэ үөлэллэр уонна көмүлүөк оһоххо эргитэ сылдьан хатараллар.

Барча. Буспут мундуну иэһэргэ (иэһэр – балык хатарар долбуур) кутан күн уотугар хатараллар. Сахсырҕа түспэтин диэн балыктарын үрдүгэр сэппэрээги тарҕаччы уураллар. Хата турдаҕына, балыктарын мас лаппааккынан эргитэн-урбатан биэрэ тураллар. Инньэ гынан, балыктарын үлтүрүтэллэрэ. Бу ньыма саас балык элбэхтик тахсар кэмигэр мундуну хаһаанарга табыгастааҕа.

Сыма. Өбүгэлэрбит балыктарын хаһаанар ньымалара. Сыма оҥороллоругар оҥкучах хаһаллар. Оҥкучах түгэҕин уонна эркиннэрин бэс хатырыгынан сабаллар. Ол үрдүнэн хатыҥ туоһунан бүрүйэллэр. Ол кэнниттэн балыктарын сымалыырга (кэнсиэрбэлииргэ) киирэллэр. Сымаҕа мунду ордук табыллар эбит. Мундуну буһаран баран, туу иһигэр кутан, уутун сүүрдэллэр уонна сойуталлар. Балыктара лаппа сойбутун кэннэ, оҥкучахха куталлар. Оҥкучаҕы туоһунан уонна хатырыгынан сабан баран, салгын киирбэт гына буорунан көмөн кэбиһэллэр. Кыһыҥҥы тымныы түстэ да, сыманы хостоон ылан, хаарга көмөллөр.

Медицинскэй наука кандидата Л.Львов буһарык уонна лыыба диэн сыма туспа көрүҥнэрэ баарын туһунан суруйар (Хотугу сулус, 3-с №-рэ, 1971 с., 104 стр.).

Буһарык – күһүҥҥү сыма. Сыманы саас, буһарыгы күһүн, тымныы түһүөн аҕай иннинэ оҥоруллар.

Лыыбаны күһүн, балаҕан ыйын саҥатыгар эмиэ мундуттан оҥороллор. Мундуну улахан мас иһиккэ кутан баран, аһаҕас халлаан анныгар уураллар. Балыктарын итинник тоҥуор диэри туруораллар. Сыматтан үөрэ оҥороллор. Сыманы ууга кутан оргуталлар. Уулара оргуйдаҕына, онно бэс мээккэтин куталлар.

(“Өбүгэлэрбит олохторо-дьаһахтара” кинигэттэн, Н.Е.Саввинов, 1992 с.).

Балыктан силим

Аныгы үйэҕэ маҕаһыыҥҥа силим арааһа баар буолан, өбүгэлэрбит курдук бэйэлэрэ оҥосторго тиэтэйбэттэр. Былыргы дьон айылҕаттан ылбыттарын барытын туһаҕа таһаараллара. Холобур, хатыыс балык хабаҕыттан, хатырыгыттан, тириититтэн силим оҥороллоро. Хатыыс хабаҕыттан бэлэмнэммит силим саамай үрдүк хаачыстыбалааҕынан, хам ыларынан уонна өҥө-дьүһүнэ көстүбэтинэн аатырар эбит. Билигин киһи доруобуйатыгар туох да буортута суоҕунан өрө тутуллуон сөп этэ да, Кыһыл кинигэҕэ киирэн туһаныллыбат буолла. Маннык силим үгүс норуоттарга туттуллара биллэр. Ол эрээри, аан дойдуга Арассыыйа силимэ ордук сыаналанар эбит. Бэл диэтэр, тас дойдуга тиийэ бэрт ыарахан сыанаҕа атыылыыллара биллэр.

Балыктан силими оҥороллоругар хабаҕы сууйан баран хатарыллар. Онтон төһө кыалларынан бытархай гына кырбаан, иһиккэ уулаан үлүннэрэллэр, миискэлээх сылаас ууга туруораллар, бэлэм маассаны сиидэлээн баран сөрүүн сиргэ хатараллар уонна кыра-кыралаан ылан туһаналлар.

Балыктар сахалыы ааттарын билэҕин дуо?

Валек – сүрү,

голец – сыбаакка ,

голец Черского – кырааска балык, диэрбэн,

голец якутский – сыбаакка,

гольян озерный – мунду,

гольян-пеструха – күөнэх,

горбуша – кыһыл балык,

елец сибирский – күстэх,

ёрш – таас бас,

камбала полярная – ньуоска хаата,

карась якутский – собо,

кета – кэтэ,

колюшка девятииглая – тимир атах,

корюшка малоротая – үрүҥ балык,

ленок – быйыт,

минога сибирская – быа балык,

муксун – бөкчөгөр,

налим – сыалыһар,

нельма – туутчах, туут,

окунь – алыһар,

омуль – уомул, оомул,

осетр стерлядевидный якутский – хатыыс,

пелядь – быраҥаатта,

плотва сибирская – кыһыл харах,

подкаменщик пестроногий – лахаа,

подкаменщик сибирский – баҕа балык,

ряпушка сибирская – көндүөбэй,

сельдь тихоокеанская – сөлүөккэ,

сиг-пыжьян – майаҕас,

таймень – бил,

тугун – сыа балык,

хариус восточносибирский – дьарҕаа,

чир – муҥур,

чукучан – чукучаан,

шиповка сибирская – тимэх балык,

щука – сордоҥ,

язь – тэҥэли.

(“Биология терминнэрин нууччалыы-сахалыы тылдьыта”, Г.С.Угаров эрэдээксийэтэ, 1993).

Балыктан сонун бүлүүдэлэр

Чипсы

Туох ирдэнэрий:

Ханнык баҕарар бытархай балык – 2 киилэ,

Туус – 5-8 остолобуой ньуоска,

Саахар – 2 ост. ньуоска,

Балыкка барсар тума – 1 кыра ньуоска,

Кыһыл биэрэс – быһах төбөтүгэр,

Паприка – быһах төбөтүгэр.

Хайдах бэлэмниибит:

Чипсыга балык этэ эрэ ирдэнэр, онон уҥуоҕун, төбөтүн, иһин, лапчааннарын ылан быраҕабыт, сууйабыт. Саахарга, тууска биһэн ылан баран иһиккэ уган суукка устата холодильникка туруорабыт. Таһааран оргуйбут тымныы уунан суу­йабыт. Онтон балыгын сабар гына оргуйбут тымныы уу кутан икки чаас устата туруорабыт. Бу кэмҥэ балык уутун иккитэ-үстэ уларытыллар. Икки чаас ааспытын кэннэ таһааран салпыакканан дуу, таҥаһынан дуу уутун оборторобут. Итиэннэ мясорубкаҕа эрийтэрэбит, тума эбэбит. Кыра төгүрүктэри оҥортоон, арыылаах пергаментнай кумааҕы үрдүгэр тэлгээн баран үрдүгэр өссө биир кумааҕы ууран сэрэнэн чап-чараас гына тэнитэбит уонна төгүрүктэри быһабыт. Салгыннаах, күнэ суох сиргэ ууран суукка устата хатарыллар эбэтэр кыра уокка духуопкаҕа уган ылыллар. Дьиэтээҕи чипсы бэлэм.

Соботтон запеканка

Туох ирдэнэрий: 2–2,5 кг орто эбэтэр кыра кээмэйдээх собо, “12 приправ” диэн маҕаһыыҥҥа атыыланар тума эбэтэр дьиэҕэ туох тума баарынан, сымыыт, ириис, туус.

Хайдах бэлэмниибит: собону хатырыктыыбыт, үөстүүбүт. Төбөлүүнү, кутуруктууну икки төгүл мясорубкаҕа эрийтэрэбит. Өлүн, искэҕин ороон, туспа ыһаарылыыбыт. Мясорубкаҕа үһүс эрийтэриибитигэр буспут өлү бииргэ кутабыт. Буспут ириис, тума, туус кутан баран дэлби булкуйабыт. Мантан убаҕастыҥы маасса тахсыахтаах. Буһарар иһиккэ сыстыбатын курдук пергаментнай кумааҕы ууран баран арыынан сотобут итиэннэ маассаны халыччы кутан 35–40 мүнүүтэ буһарабыт. Бу бүлүүдэҕэ ордук бытархай собо барсар.

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: