Күөх луугу хаһааныы ньымалара
Сахаларга “биир күн дьылы аһатар” диэн өс хоһооно баар. Сүрүн аһылык да буолбатар, хаһаайкалар кылгас сайыҥҥа кыһыҥҥыларыгар хаһаанар луук үргүүр түбүгэр сылдьаллар. Эр дьон булка умсугуйалларын курдук, аны күһүҥҥэ диэри кэрэ аҥаардар лууктан саҕалаан, сир аһыгар тиийэ түһүнэллэр. Луугу хомуйуу үгэннээн турарынан сибээстээн, бүгүн бу үүнээйи туһатын, буортутун уонна кыһыҥҥыга хаһааныы ньымаларыттан билиһиннэрэбит.
КҮӨХ ЛУУК
Күөх луук – бу күөх от үүнээйи. Порейы, батуну, шалоту, о.д.а көрүҥнэри эмиэ күөх луук диэн ааттыыллар. Саха сирин олохтоохторо сүнньүнэн луук үөһэ өттүн эрэ туһанабыт, атын омуктар силиһин оннооҕор туспа аһылык быһыытынан эмиэ сииллэр.
Бастакынан луугу истиэпкэ көһө сылдьар Азия дьоно бэлиэтии көрбүттэрэ биллэр. Көһөр кэмнэригэр лууктаах арыыларга аараан амсайбыттар, сиэбиттэр. Салгыы луук сиэмэтэ Евразиянан, Африканан аан дойдуга тиийэ тарҕаммыт.
ТУҺАТА
Күөх луукка бөлчөҕүнээҕэр (луковица) битэмиинэ ордук элбэх. Ол курдук, баара-суоҕа 100 кыраам луукка киһи сууккаҕа ылар калийга нуорматыттан 200 %, С уонна А битэмиин 100 % баарын ыйаллар. Ону тэҥэ, В битэмиин бөлөҕө, кальций, цинк баар.
Күөх луугу сибиэһэйдии тиһигин быспакка сиир дьон тиистэрэ алдьаммат, стоматит ыарыыга ылларбаттар диэн этэллэр. Бу быһаарыыта судургу – аһыы буолан туох баар сараасаны тута суох гынан кэбиһэр. Итини таһынан, зеаксантин уонна лютеин баар буолан харахха туһалааҕын бэлиэтииллэр.
Аны иммунитеты бөҕөргөтөрүнэн тэҥнээҕэ суох диэн ыйаллар, ханнык баҕарар күөх салаакка кутуҥ диэн сүбэлииллэр.
БУОРТУТА
Күөх луук төһө даҕаны туһата элбэҕин иһин, сорох дьоҥҥо сэрэхтээх эбит. Олус элбэҕи сиэтэххэ куртаҕы аһытыан, тыынар уорганы кыһытыан, күүрдүөн сөп. Астмалаах, бүөрдэрэ уонна быардара ыалдьар дьон сэрэнэн сииллэрэ ирдэнэр диэн диетологтар сүбэлииллэр. Хааны хойуннарар буолан хаана хойдор дьон олус элбэҕи сиэбэттэрэ ордугун ыйаллар.
ТУҺАНЫЫ
Арассыыйа олохтоохторо күөх луугу үксүн бэйэтинэн уонна аска кутан сиибит. Онтон сорох дойдуларга грильгэ, хобордооххо ыһаарылаан, туустаан баран сииллэр эбит. Бөлчөҕүн туспа бүлүүдэ быһыытынан эмиэ туһаналлар.
КҮӨХ ЛУУКТАН СОУС
Луугу кичэйэн сууйуллар, куурда түһүллэр уонна кырбыыллар. Сибиэһэй чесногу, укуруобу уонна петрушканы кырбаан эбэллэр. Кырбаммыт күөх туманы блендергэ уган мээккэлииллэр. Бэлэм маассаҕа туус, минньигэс паприка, кыратык мүөт, лимон суогун, сыта суох мас арыытын эбэн баран өссө биирдэ миксергэ эрийтэрэллэр. Ыраас, кыра бааҥкаларга куталлар, уһуннук турарын туһугар үрдүгэр мас арыытын кутан баран ыга хаппахтыыллар уонна холодильникка уураллар. Эбэтэр муус тоҥорор кубик быһыылаах иһиттэргэ кутан морозильникка тоҥороллор. Тоҥмутун кэннэ таһааран бакыаттарга кутан морозильникка угаллар. Маннык бэлэмнэммит соуһу балык, эт бүлүүдэлэргэ, саахара суох бурдук астарга, мииҥҥэ, о.д.а. туһаныллар.
СУУЙУУ, КУУРДУУ
Урукку кэмҥэ луугу хонууттан үргээт даҕаны сууйбакка эрэ тута кырбаан, туустаан кэбиһэр этибит. Кэлин айылҕа киртийэн, араас үөн-көйүүр дэлэйдэ. Онон сууйуҥ уонна уугутугар кыратык тууста кутуҥ диэн сүбэлииллэр. Биир лиитирэ ууга 1 остолобуой ньуоска тууһу эбиллэр.
Аны түргэнник куурарын туһугар вентиляторынан үрдэрэр ордук. Оччоҕо луук уһуннук турбат, саһарбат, эргэрбэт.
ХАҺААНЫЫ НЬЫМАЛАРА
ТОҤОРУУ
Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо күөх луугу үргээт даҕаны тута туустаан, бааҥкаларга кутан хортуоска харайар оҥкучахха эбэтэр холодильникка ууран хаһаанабыт. Ол эрээри, бу түгэҥҥэ луук сааһыары тууһа көтөн саһарар. Кыһын устата күп-күөх туруорар туһугар тууһун элбэх гынар уонна салапаан бакыаттарга кутан тоҥорор ордук.
БЫТЫЫЛКАҔА ТОҤОРУУ
Луугу хомуйан баран сууйуллар, хааппыла да уута суох буоларын курдук кичэйэн куурдуллар уонна бытархай гына кырбаныллар. Уулаах буоллаҕына тоҥордоххо мууһуран хаалар, аска кутарга соччото суох көстүүлэнэр уонна бытыылкаттан оруурга уустуктардаах буолуон сөп. Ол иһин кураанах уонна улахан айахтаах пластмасс бытыылкаҕа кутар табыгастаах. Бытыылканы сууйан баран куурдуллар уонна бытархай гына кырбаммыт луугу кутуллар. Луугу кичэйэн симэр, чиҥэтэн биэрэр төрүт сыыһа, луук бэйэ-бэйэтигэр сыстыһыа суохтаах. Бэлэм лууктаах иһиттэри морозильникка тоҥоруллар. Эбэтэр маҕаһыыҥҥа атыыланар ас тоҥорор кыра бакыаттарга кутан чараас гына тоҥоруллар.
ХАТАРЫЫ
Үргэммит луугу сууйуллар, куурдуллар. Уонна бөдөҥ гына кырбаныллар. Духуопка тимир лииһигэр пергаментнай кумааҕыны тэлгээн баран үрдүгэр луугу тэнитэ кутуллар. Духуопканы 50 кыраадыс итии гына холбонуллар, лиистээх луугу угуллар уонна духуопка хаппаҕын кыратык аппатыллар. 30-чалыы мүнүүтэ буола-буола булкуйан, уопсайа, икки чаас курдук хатарыллар. Хаппыт луугу блендергэ кутан мээккэлииллэр уонна бааҥкаларга, мөһөөччүккэ кутан харайыллар. Сорох оҕо луугу сөбүлээбэт, хараҕар көрдөҕүнэ астан ылгыыр идэлээх. Бу көрүҥ оннукка ордук табыгастаах. Уонна ханнык баҕарар бүлүүдэҕэ кутуохха сөп. Ону таһынан, кырааска быһыытынан тиэстэҕэ эмиэ туһаныллар.
Хатарыллыбыт луукка бөдөҥ тууһу кутан булкуйуллар уонна бааҥкаларга кутан кураанах сиргэ ууруллар. Маны холодильникка, сииктээх сиргэ уурар табыллыбат.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: