Ыраах хоту улууска олорор дьүөгэм сотору күөх рейс кэлиэхтээҕин туһунан суруйбута. Аны ол күн үлэтиттэн хойут бүтэн дьаабылыкаттан, хортуоппуйтан матан хомойон дьиэтигэр тиийбитэ, арай кэргэнэ уһун унньуктаах уочаракка туран оҕуруот аһа, фрукта арааһын ылбытын үөрэн суруйбутун өрүү саныыбын. Киин сиртэн ыраах олорор хоту оройуоннар олохтоохторугар сылга иккитэ “күөх рейс” буолан тиийэр оҕуруот аһа, фрукта олус күндү. Билигин бу балаһыанньа хайдаҕый?
«Якутоптторг» хампаанньа астаах-үөллээх ыскылааттара Дьокуускай куорат өрүс пуордун оройуонугар баар. Манна хоту улууска тиэрдиллиэхтээх тыын суолталаах бородуукталар уонна күһүөрү хомуллар оҕуруот аһа хаһааныллар. «Якутоптторг» аһы-үөлү, оҕуруот аһын кууһунан атыы сыанатынан тиэрдэр. Холобур, былырыын хортуоппуй киилэтэ 90 cолк., моркуоп – 90 солк, хаппыыста 50-нуу солкуобайга тэҥнэһэр эбит буоллаҕына, быйыл бу сыана улаханнык уларыйбата. Оҕуруот аһын үүнүүтэ өлгөм буолан, сыана уларыйбатах. СӨ тыатын хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, былаан быһыытынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 65456 туонна хортуоппуй хомуллуохтааҕын 63552 туонна хомуллубут. Ол эбэтэр, былаан 97% туолбут. Маны сэргэ, хортуоппуйтан ураты атын оҕуруот аһа былаан быһыытынан 30689 хомуллуохтааҕын 25 680 туонна хомуллубут. Ол эбэтэр, 84% туолбут. Хаппыыста – 7893 туонна, моркуоп – 3053 туонна, сүбүөкүлэ 2418 туонна хомуллубут.
Кэлиҥҥи кэмҥэ аһы-үөлү тиэрдии өҥөтүн АН-2 cөмөлүөттэр оҥорор буоланнар, ас-үөл буорту буолбакка тиийэрин туһунан Аллайыаха оройуонун Чокуурдаах бөһүөлэгин олохтоохторо астына кэпсииллэр. Бэлиэтээн суруйдахха, 2021 сыллаахтан хоту улуустарга атыы-эргиэн логистическай кииннэрэ тутуллан саҕаламмыттара. Маннык кииннэргэ удамыр сыаналаах кууһунан аһы-үөлү сөптөөх температураҕа хаһааныллар. Оттон тыын суолталаах аһы-үөлү олохтоох дьаһалта сайаапкатынан тиэрдиллэр. Аллайыаха оройуонугар ас-үөл сыанатын туһунан оройуон логистическай киинин сэбиэдиссэйэ Алена Дмитриевна Терентьева санаатын үллэһиннэ:
– Биһиэхэ “Михаил Мальчиков” суудунанан балаҕан ыйын 22 күнүгэр оҕуруот аһа, бородуукта кэлбитэ. “Күөх рейстэр” алтынньы бүтүүтэ былааннаналлар. Билигин оҕуруот аһа, сымыыт, куруппа, саахар дэлэй. Логистическай киин тутуллуоҕуттан ас-үөл, оҕуруот аһын сыаната быдан чэпчэки. Билиҥҥээҥҥэ диэри хортуоппуйу киилэтин 85 солкуобайга, сымыыты отут устууканы 450 солкуобайга хото атыылыы турабыт. Урут уһун уочаракка туран үс бүк үрдүк сыанаҕа атыылаһар буоларбыт.
Ыраах тайаан сытар хоту улуустарыгар “күөх рейстэр” бырааһынньыкка тэҥнээхтэр. Олохтоохтор уһун унньуктаах уочаракка хара сарсыардаттан туралларын өрүү истээччибит. Оннооҕор хас да сыллааҕыта винограды, хортуоппуйу устууканан үллэстибиттэрин туһунан социальнай ситимҥэ тарҕанан турар. Ол курдук, балаҕан ыйын 20 чыыһылаларыгар “Магдебург” уонна “Михаил Мальчиков” диэн “Якутоптторг” суудуналарынан хоту улуустарга уопсайа 702 туонна таһаҕас тиийбитэ. Онтон 492 туонна – оҕуруот аһа уонна 18 туонна – дьаабылыка. “Магдебург” Усуйаана оройуонуттан салгыы Аллараа Халыма оройуонун Черскэйигэр тиийиэхтээх. Оттон “Михаил Мальчиков” Индигир өрүһүнэн устан Аллайыаха оройуонун Чокуурдааҕар тиийэн баран салгыы Абый оройуонун Белай Горатыгар таһаҕас тиэрдибитэ. Бу аһы-үөлү тиэрдиинэн дьарыктанар суудуналар төннүүлэригэр хоту улуустартан балык тиэнэн кэлэллэр. Онон ночооттоох сырыы-айан суох.
Өрөспүүбүлүкэ киин улуустара куораттан арыый чугас сытар буолан, ас-үөл кыһалҕатын улаханнык көрсүбэттэр. Атыы-тутуу, ас-үөл тиэрдиитэ судургутук барар. Оттон илин эҥээр улуустарга бу балаһыанньа хайдаҕый? Амма, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Уус Алдан улуустара бары өрүс уҥуор сытар буоланнар, кууһунан аһы-үөлү быһалыы Аллараа Бэстээхтэн хааччыналлар. Өскөтүн, Дьокуускайга Чернышевскай уулуссаҕа кууһунан аһы-үөлү атыылыыр баазаларга оҕуруот аһа, тыын суолталаах бородуукта отуттуу, сүүрбэлии солкуобайынан маҕаһыыннардааҕар кэм чэпчэки эбит буоллаҕына, Аллараа Бэстээх кууһунан атыылыыр баазаларыгар өрүһү туорааһын суох буолан, сыана быдан чэпчэки диэн бэлиэтии көрөбүн. Тоҕо диэтэххэ, тимир суол айан-сырыы хорук тымыра буолан, кууһунан атыы киинэ манна олохсуйбут.
Евгений Иванов, Эбээн—Бытантай улууһун Дьарҕаалаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы:
– Биһиги улууспутугар бу күннэргэ “күөх рейс” кэлэрин күүтэбит. Бородуукта кыһыҥҥы суол туруор диэри АН-2 сөмөлүөтүнэн кэлэр. Эһиил улууспут киинигэр Саккырыырга логистическай киин арыллыахтаах. Биһиэхэ “күөх рейс” сылга иккитэ кэлэр, ол курдук күһүн уонна саас. Оттон тыын суолталаах бородуукта кыһыҥҥы суол турдаҕына биирдэ кэлэр.
Александр Михайлов, Анаабыр улууһугар кууһунан аһы—үөлү тиэрдиинэн дьарыктанар Н.Е.Андросов аатынан муниципальнай унитарнай тэрилтэ дириэктэрэ:
– Биһиги улууспутугар аһы-үөлү икки суолунан аҕалтарабыт. Ол курдук, кыһыҥҥы суол тохсунньуттан муус устарга диэри арыллар. Сиринэн аҕалыллыбыт 240 туонна аһылыгынан икки бөһүөлэги хааччыйабыт. Суол сабыллыбытын кэннэ 28 туонна тыын суолталаах ас-үөл сөмөлүөтүнэн кэлэр. Ол курдук, биир сөмөлүөккэ, 4.5 туонна тиэйиллэн кэлэр. Уопсайа кыһыҥҥы суол арыллыар диэри ый ахсын сылдьар. Бу ааспыт нэдиэлэҕэ биир сөмөлүөт кэлэн барбыта. Аны кэлэр нэдиэлэҕэ кэлиэхтээҕин көһөрөн биэрдилэр. 2800 нэһилиэнньэлээх Сааскылаахха 4,5 туонна оҕуруот аһыгар хара сарсыардаттан уочарат буолааччы, биир күнүнэн барыта начаас ыккардыгар бүтэн хаалааччы. Бу икки нэдиэлэнэн кэлиэхтээх сөмөлүөтү Үрүҥ Хайаҕа ыытыахпыт. Онно бэйэбит суудуналарбытынан иккитэ-үстэ кырынан 4,5 туоннаны тиэрдиэхтээхпит. Сыана туһунан эттэххэ, биһиги тэрилтэбит чааһынай атыыһыттардааҕар быдан чэпчэки сыанаҕа атыылыыр.
Ньургустаана Слепцова, Анаабыр улууһун олохтооҕо:
– Биһиэхэ аһы-үөлү кууһунан атыылыыр Андросов аатынан МУП аҕалааччы. Оччоҕуна уһуннук да буоллар, уочараттаан син удамыр сыанаҕа аспытын-үөлбүтүн булунабыт. Холобур, отут устуука сымыыты биэс мөһөөх курдукка атыылаһабыт. Оттон чааһынайдар атыылыыр буоллахтарына, ити былдьаһыктаах отут сымыыппыт тыһыынчаҕа тиийэ тысхайар. Сылга иккитэ кэлэр “күөх рейскэ”, омуна суох, кытаанах уочарат буолааччы. Дьоҥҥо тиийимээри гыннаҕына, хортуоппуйу, дьаабылыканы киилэнэн үллэстии кытаанаҕа буолар. Хайыахпытый, киин улуустар курдук оҕуруот аһынан, фруктанан тамнааттаһар кыахпыт суох. Туох кэлбитин сирбэккэ-талбакка атыылаһабыт.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…