“Күөрэгэй” ийэлэр түмсүүлэрэ 2019 сыллаахха ыыппыт тэрээһиннэригэр тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыта, үрдүк таһымнаахтык ааспыта. Иккис тэрээһини сэтинньи 26 күнүгэр Дьокуускай куораттааҕы Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар ыытаары ох курдук бэлэмнэнэ сылдьаллар.
“Күөрэгэй” эдэр төрөппүттэр түмсүүлэрин салайааччыларыттан биирдэстэрэ Юлия Андросова: “Биһиги 2019 сыллаахха тэриллибиппит. Түмсүүбүт сүрүн чилиэннэрэ блогердар уонна урбаанньыттар. Оҕолорбут төрөөбүт тылларын умнан эрэллэр диэн долгуйан, үлэлэһэргэ быһаарыммыппыт. Эдэр төрөппүттэргэ анаан араас көрсүһүүлэри, маастар-кылаастары ыытар этибит. Саамай улахан тэрээһиммитинэн 2019 сыллаахха Төрөөбүт тыл бэстибээлин ыыппыппыт. Сүрүн сыалынан — оҕону төрөөбүт тылынан иитэргэ сахалыы эйгэ баарын көрдөрүү. Араас куруһуоктар, уһуйааннар, оскуолалар кэлэн бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын кэпсээбиттэрэ, көрдөрбүттэрэ, исписэлиистэр маастар-кылаастары ааспыттара, сэминээрдэргэ сылдьыбыттара. Аҕыйах киһи кэлиэ дии санаабыппыт эрээри, күн устата балтараа тыһыынчаттан тахса киһи кэлбитэ. Дьаҥынан сибээстээн, тэрээһиммит тохтоон хаалбыта, ол эрээри, бүгүн үөрүүлээх сонуннаах олоробут. Сэтинньи 26 күнүгэр “Барҕарыы” пуонданы, Дьокуускай куорат мээрийэтин кытта кыттыһан “Күөрэгэй” бэстибээли ыытаары сылдьабыт, барыгытын ыҥырабыт”, — диэн этэр.
Юлия Андросова быһаарбытынан, тэрээһин түөрт сиэксийэнэн үлэлиэҕэ. Ол курдук, бастакы сиэксийэ төрөппүттэргэ аналлаах. Манна төрөппүт болҕомтотун тардыан сөптөөх блогердар, учуонайдар, уйулҕа үлэһиттэрэ, педагогтар, исписэлиистэр кэлэн сүбэ-ама биэриэхтэрэ. Иккис сиэксийэ эбэлэргэ, эһэлэргэ туһаайыллар, кинилэр манна кэлэн бэйэлэрин уопуттарын, ньымаларын үллэстиэхтэрэ. Үһүс сиэксийэ исписэлиистэргэ аналлаах. Уһуйаан, оскуола үлэһиттэрэ үлэлэрин уопутун көрдөрүөхтэрэ, уопут атастаһыахтара. Төрдүс, саҥа сиэксийэ — төрөөбүт тылларын үөрэтиэн баҕалаах улахан дьоҥҥо көмөлөөх. Саха тылын үөрэтиэн баҕалаахтар хантан, туохтан саҕалыылларыгар сүбэ ылыахтара, быраактыка ньымаларын билсиэхтэрэ. Итини таһынан, төрөппүттэргэ маастар-кылаастары, оҕолорго араас күрэхтэри, оонньуулары бэлэмнээбиттэр. Маныаха оҕолорго бириис быһыытынан “Барҕарыы” пуондата, “Саха” НКИХ “Чохоон” ютуб-ханаалын кытта сүбэлэрин түмэн оҥорбут, номнуо дьон сэҥээриитин ылбыт, билиҥҥитэ өссө атыыга тахса илик “Электроннай былакааты” туруоруохтара. “Күөрэгэй” иккис бэстибээл сэтинньи 26 күнүгэр, Дьокуускай куораттааҕы Ф.И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар буолуоҕа. Кэлиҥ, көхтөөхтүк кыттыҥ, оҕолоргутун сахалыы саҥардар ньымалары билсиҥ.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…