Кыһалҕалаахха көмөлөһөр – саха үтүө үгэһэ

Share

Кыһалҕалаахха көмөлөһөр, ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр амарах майгылаах, сайдам санаалаах сахалар буолбатах этибит дуо?

Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускай куорат ойуур баһаар­дарыттан буруонан бүрүллэн турдаҕына, эрэдээксийэ сорудаҕынан «Сатал» түөлбэҕэ олорор Саргылаана уонна Леонид Охлопковтарга тиийэ сырыттым. Охлопковтар сабыс-саҥа туттан сыл эрэ курдук олорбут дьиэлэрэ бу саас ыам ыйын 29 күнүгэр уокка былдьанан, күл-көмөр буолан, күдэҥҥэ көппүтэ.

Ол сирдэригэр билигин но­­руот көмөтүнэн саҥа дьиэ тутуллан эрэр. Кыстыгы баттаһа дьиэ тутуллан бүтэн, киириэхтээхтэр. Дьиэ аттыгар балаакка, массыына тураллар, тутуу матырыйааллара кыстанан сыталлар. Өрөбүл буолан тутааччылар бүгүн суох­тар дуу дии санаабытым, дьонум тутулла турар дьиэ иһигэр эбиэттии олороллор эбит. Саргылаана Егоровнаны көрсөн, тутуу хайдах баран иһэрин билистим.

Кинилэр умайбыт дьиэлэрин дьиэ кэргэннэригэр икки ин­­бэлииттээхтэрин иһин, сокуонунан көрүллэн, социальнайдар 2 мөл. солк. үп биэрбиттэринэн туттубуттар эбит. 2012 сылтан Дьокуускай куорат араас муннугун барытын кэрийэн, дьиэ арендалаан олорбут дьоҥҥо саҥа дьиэни туттан киирии тугунан да кэмнэммэт үөрүү буоллаҕа. Онтулара сыл эрэ буолаат умайан, эмиэ эрэйгэ тэптэҕэ.

«Үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн үп хомуллан сип-панелынан дьиэбит холлоҕоһо тутуллан бүтэн эрэр. Быйыл күһүөрү кыһын киирэрдии туруна сылдьабыт. Кылгас кэмҥэ олорорго социальнайдартан дьиэ көрдөөбүппүт, көмөҕүтүн ылбыккыт диэн аккаастаабыттара. Онон сайыны быһа ба­­лааккаҕа олордубут. Күнүс сы­­лаас, түүнүн тымныы буолла, онон билигин тутулла турар дьиэбит биир хоһун түннүгүн-үөлэһин сабан онно хоно­бут, сылаас. Дьиэтэ суох хаа­­лааппытын кытары «Эдэр гвардия» оҕолоро тута көмөҕө кэлбиттэрэ. Үлэ күнүгэр 5-6 уол кэлэн күн аайы өрөбүлэ суох үлэлиир, өрөбүллэргэ иккилии киһи эбэһээт кэлэн үлэлэһэр. Онон уолаттар абыраатылар ахан. Дьиэбитин кинилэр тутуһа сылдьаллар. Дьиэ үрдэ, кырыыһата, ис бараанын оҥоруу хаалла. Көмөлөһүөн баҕалаах дьон элбэх, кэлэн кырааскаҕа, бөҕү-саҕы хомуйууга кыттыһыан баҕалаахтар да бааллар», – диэн кэпсиир Саргылаана Егоровна.

“Дьон көмөтө, истиҥ сыһыана салгыы олорорго, үлэлииргэ-хамсыырга кынаттыыр. Бар дьоммор истиҥ махталбытын тиэрдэбит”

Кыыс хорсун буолан…

Кылгастык Охлопковтар дьиэ­лэрэ хайдах уокка былдьаммытын санатан ааһыам. Ыам ыйын бүтүүтэ, ылааҥы күннэр сатыылаан турдахтарына, эмискэ биир күн этиҥ эппитинии, бу ыал олоҕор алдьархай ааҥнаабыта. Былырыын эрэ саҥа туттан киирбит дьиэлэрэ эмискэ умайан, ыал аҕа баһылыга уонна кыра кыыстара нэһиилэ быыһаммыттарыгар махтал.

Охлопковтар элбэх оҕо­лоох ыал, түөрт кэрэчээн кыыс­таахтар. Кинилэр бу дьиэҕэ икки кыраларын кытары олорбуттара. Аҕалара Леонид кэлээскэнэн сылдьар инбэлиит, икки атаҕа суох, 18 саастаах орто кыыс эмиэ оҕо эрдэҕиттэн ыарыһах, инбэлиит, кыра кыыс 15 саастаах.

Баһаар хараастан саҕаламмыт, ол кэмҥэ дьиэҕэ кыра кыыһы кытта аҕалара баар эбит. Официальнайа суох даанна­­йынан, уот эмискэ күүрүүтүттэн уот турбут. Уот дьиэҕэ киирбитин көрөөт кыра кыыс эр са­­нааны ылынан, аҕатын көхсүгэр сүгэн, нэһиилэ куотан тахсан быыһаммыттар. Кыыс хорсун буолан, аҕатын умайа турар дьиэттэн быыһаатаҕа. Ол эрээри, уокка куоскатын былдьатан, аймалҕаҥҥа ытын сүтэрэн, ­дьиэтин уокка былдьатан улахан охсууну ылбыта саарбаҕа суох. Киниэхэ билигин уйулҕа үөрэхтээхтэрин көмөлөрө наһаа наада этэ. Ол гынан баран, сөптөөх уйулҕа көмөтүн ыла илик, босхо билигин туох даҕаны суох. Бэйэлэрэ даҕаны кыһалҕаҕа ылларбыт, үпкэ-харчыга кыһарыйтарбыт дьоҥҥо төлөбүрдээх өҥөнөн туһаналлара кыаллыбат.

«Эдэр гвардиялыын» – бииргэ

«Эдэр гвардеецтар» Охлопковтар дьиэлэрин туталлар. Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ

«Эдэр гвардия» ыччаттара алдьархай тахсыбыт күнүн сарсыҥҥытыттан көмөлөспүтүнэн барбыттара. Бастаан ас-үөл, таҥас-сап хомуйан аҕалбыттара. Ол кэннэ Охлопковтары кытары кэпсэтэн, кинилэр олохторун көрөн-истэн баран, саҥа дьиэни тутарга көмөлөһөргө туруммуттара.

Эдэр дьон бэс ыйын 16 саҕалаан «Саталга» тиийэн, бастаан хара сарсыардаттан түүн үөһүгэр диэри умайбыт дьиэни күттэрэн, оннун ыраастаабыттара. Уолаттар баһаартан ордубуту барытын сыбаалкаҕа таспыттара. Дьэ, ол кэннэ от ыйын 9 күнүттэн саҥа дьиэни тутууну саҕалаабыттара. Эдэр гвардеецтар тутуу матырыйаалын бэлэмнээн, акылаатын түһэрэн, септик түһэр дьааматын хаһан үлэлээн барбыттара. Билигин дьиэ көҥдөйө туран, үрдэ сабыллара, ааннара, түннүктэрэ тураллара хаалбыт. Мин тиийэ сырыттахпына, «Эдэр гвардияттан» икки уол, Саргылаана Егоровна, күтүөттэрэ уонна кини табаарыһа үлэлии сылдьаллара.

Тыйыс сыһыан дууһаны хаарыйар

Эппиппит курдук, бу ыалга икки доруобуйатынан хааччахтаах киһи баар – аҕалара уонна орто кыыстара. Кинилэр олохторун тухары доруобуйаларыгар сөптөөх мэдиссиинэ көмөтүн ылыахтарын наада. Аҕалара диализка сылдьар. Ол эрээри, ардыгар до­­руобуйа харыс­табылын үлэһиттэрин тыйыс сыһыаннара чэ­­гиэн да киһи дууһатын таарыйар. Оттон до­­робуйалара айгыраабыт дьоҥҥо төһөлөөх ыарахана буолуой. Ыал аҕата балыыһаҕа киирэн эмтэниэхтээх, доруобуйатын чэбдигирдиэхтээх эбит даҕаны, бэрэ­биэркэтин кыайан ааспакка сылдьар. Дьокуускай куорат 3-с №-дээх поликлиникатын бы­­раастара хаҕыстык сыһыаннаһан, урут кинилэргэ көрдөрүммэтэҕинэн куоһурданан, килиниичэскэй чинчи­йииттэн аккаастыы сатаабыттар. Хата, биир үтүө санаалаах киһи көстөн, сокуонунан туруорсан, бу нэдиэлэттэн кыһалҕа оннуттан хамсыах, Леонид көрдөрүнүөх курдук буолбут.

Үс киһи үөхтэ…

Аны туран, мин кэлэн кэпсэтэ олордохпуна, үс киһи тэҥинэн төлөпүөннээн, ыал ийэтин ­араастаан үөхтүлэр – бу олох сиэргэ баппат быһыы. Дьон-норуот харчытыгар буор-босхо дьиэ туттара сылдьаҕыт диэн ордугурҕаан эрийэллэрэ, ­араастаан саҥараллара киһи өйүгэр батан киирбэт. Туох өйдөөх-санаалаах дьон маннык киксэн баран алдьархайга түбэс­пит, кыһалҕалаах дьону саҥарарый. Ама, биһиги, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор, кыһалҕалаахха көмөлөһөр, ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр амарах майгылаах, сайдам санаалаах сахалар буолбатах этибит дуо? Үтүө са­­наанан салайтаран, сиэри-майгыны тутуһан тыйыс тымныылаах хоту дойдуга олохсуйан, тыыннаах хааллахпыт.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago