Бүгүн Элбэх туһалаах сүбэ-ама баара, байыаннайдар төрөппүттэрин ыйытыыларыгар барытыгар хоруйдаатылар. Тустууктар ийэлэригэр, аймахтарыгар санааларын түһэрбэккэ, үчүгэйи эрэ толкуйдаан кыайыыга итэҕэйэллэригэр баҕарда. Көрсүһүү истиҥник, долгутуулаахтык уонна харах уулаах түмүктэннэ. «Сэрии сылларын оҕолоро» уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэннэрэ Саха сирин саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Егоровна Емельянованы кытары көрүстүлэр.
«Сэрии сылларын оҕолоро» уопсастыбаннай тэрилтэ Дьокуускай куораттааҕы Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Зинаида Винокурова, бырабылыанньа чилиэнэ Мария Габышева уопсастыбаннай үлэ, волонтерскай көмө туһунан кэпсээтилэр.
Оттон бэҕэһээ эрэ Бурятияттан саллаат уолаттары көрсөн кэлбит Мария Емельянова бэйэтин сырыытын, уолаттар көрсөр кыһалҕаларын туһунан кэпсээтэ. Мария Емельянованы билбэт киһи Саха сиригэр суоҕа буолуо. Кини Чечня сэриитин кэмиттэн уолаттарбытыгар күүс-көмө, өйөбүл буола сылдьар. Бу да сырыыга байыаннай чаастарга, госпиталларга сытар уолаттар туох кыһалҕалаахтарын кэпсээтэ. Кини сотору Ростов хайысхатынан эмиэ байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттары көрсө барыахтаах, таарыйа «Сэрии сылларын оҕолоро» уопсастыбаннай тэрилтэ ыытар көмөтүн илдьэ барыа.
2025 сыл Аҕа дойдуну көмүскээччилэрин сылынан биллэриллибитэ. «Сэрии сылларын оҕолоро» уопсастыбаннай тэрилтэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга ыытар көмөтүн тохтоппот. Бу күннэргэ байыаннай госпиталларга эмтэнэ сытар Саха сирин байыастарыгар көмө аахсыйа биллэрэн, икки дьааһык саҥа технологиянан хатарыллыбыт балыктан оҥоһуллубут бакыаттаах миин хомуйда. Хамсааһын чилиэннэрэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Саха сирин кыракый күөллэрин соболоро, быччыкалара тыыннаах хааларга наадалаах битэмииннэринэн, химическай элеменнэринэн баай буолан бэрт элбэх киһини хоргуйууттан быһаабыта диэн кэпсииллэр.
«Дойдуларын төрүт аһын-үөлүн ахта сытар, бааһырбыт, туоххаһыйбыт байыастар санааларын көтөҕөр, күүс-уох эбэр, эр санааны үөскэтэр, дыргыл сыттаах, олус туһалаах-эмтээх собо миинин истэхтэринэ үтүөрэр суолга киириэхтэрэ диэн санааттан биэнсийэбит сыыһыттан ордорунан, хомуйан көмөҕө туһанныбыт. Түргэнник үтүөрэллэригэр кынаттыыр баҕа санаабытын, оҕолорбутун ахтарбытын күүтэрбитин биллэрэр сурук суруйдубут. Сэрии буолбатын, хаан тохтубатын!», — диэн этэр Зинаида Винокурова.
Санатан эттэххэ, Дьокуускай куораттааҕы «Сэрии сылларын оҕолоро» уопсастыбаннай тэрилтэ 2012 сыллаахха тэриллибитэ. Хамсааһын «Сэрии сылларын оҕолоро» статустаах билигин 4884 киһини түмэр. 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин аас-туор, аччык сылларын бары кыһалҕаларын бэйэлэрин санныларыгар сүксүспүт, Улуу Кыайыы тиһэх кыттыылаахтара, сэрии сылларын оҕолоро – бу орто дойдуга хаан тохтуулаах, бар дьон олоҕор чугас, чулуу дьоннорун сүтүктээх сэриини утарар көлүөнэ дьон. Түмсүү саамай эдэр чилиэнэ 80 саастаах, кинилэр бары эбэлэрин, ийэлэрин кытта Кыайыыны уһансыбыттара. Сэрииттэн урусхалламмыт норуот хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэриигэ сүрүн күүс буолбуттарын бэлиэтиэххэ наада.
Тэрилтэ анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан биир дойдулаах байыастарбытыгар тохтоло суох көмөлөһөр. Ол туһунан Мария Габышева бу курдук кэпсиир:
«Анал байыаннай дьайыыга сылдьар, госпиталларга сытар уолаттарбытыгар хайдах саҕаланыаҕыттан көмө оҥоһуллар. Биһиги түмсүүбүт, сэрии сылларын оҕолоро байыаннай дьайыы салҕаныан, хаан тохтуон, тулаайах киһи элбиэн баҕарбаппыт. Биһиги бэйэбит күүспүтүнэн эмп-томп хомуйан, ичигэс таҥас, көмүскэнэр ситим хатан, блиндаж чүмэчитин оҥорон, бааһырбыт байыастарга анал сыттык тигэн, о.д.а. ый аайы көмөбүтүн ыытабыт. Аҕа дойду көмүскээччитэ сылын биллэриллэн, сыл саҕаланыаҕыттан госпиталларга эмтэнэ сытар байыастарга Хатас орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ оҥорбут хатарыллыбыт собо хомуйан ыытан эрэбит. Дойдуларын төрүт аһа күүс эбиэ, санааларын бөҕөргөтүө, дойдуларын тыынын иҥэриэ. Хас биирдиибит, сааһыттан тутулуга суох, оҕолорбутугар көмөлөһүөҕүҥ диэн ыҥырабын», — диэн этэр кини.
СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирин солбуйааччы Марина Силина салалтатынан Таатта улууһугар ыытыллыахтаах успуорт национальнай…
Түмсүү А.В.Дмитриев аатынан биирдиилээн биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтии Ой орто оскуолатыгар буолар. Тэрээһиҥҥэ 50-ча үрдүкү кылаас…
«Патриотическая» ТОР федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, «Якт-Сокол» квадроцикллары уонна «Тимир Ат» электромотоцикллары байыаннай дьайыыга тиэрдии салҕанар.…
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕа буола турар. Биир идэлээхтэригэр бэйэтин баҕа санаатын 99…
Бу дьыл тохсунньу 24 күнүгэр сарсыарда 10:00 чаастан Уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Өлүөнэ тардыытынааҕы ууга…
Социальнай архитектордар куонкурустара РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. Социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ, ону…