Күһүөрү сайыҥҥы кэмҥэ сыһыаннаах билгэлэр
Күөһүөрү сайын, дьыл баччатыгар сыһыаннаах билгэлэри төһө билэҕит? Кэтээн көрүҥ, окко-маска, үлэҕэ-хамнаска туһалаах буолуоҕа.
— Тэллэй хойутаан таҕыстаҕына – күһүнэ уһуур,
— Тэллэй эрдэ уонна элбэхтик таҕыстаҕына күһүнэ кылгас буолар,
— Тэллэй аҕыйах эбэтэр олох да үүммэтэх сайыныгар – кыһынын хаара халыҥ уонна кытаанах, оттон элбэхтик үүммүт сайыныгар кыһынын хаара чараас буолар,
— Үһүс Ыспааһап (атырдьах ыйын 29 күнэ) саҕана туруйа көттөҕүнэ, күһүнэ уһуур,
— Хатыҥнар күһүн чыпчаалларыттан саһардахтарына, эһиилигэр саас эрдэ кэлэр, оттон аллараттан саһардахтарына саас хойутаан кэлэр,
— Хотуур биитэ көҕөрдөҕүнэ, ардах кэлэрин сибиктэ,
— Көтөҕө эрдэ түстэҕинэ, эһиилигэр уулаах саас буолар,
— Кумаар күһүн хойутаан тыҥкынаатаҕына, кыһына сымнаҕас буолар,
— Күһүн кумаар хойутаан өллөҕүнэ, ичигэс уонна уһун кыһын буоларын күүтэллэр,
— Күһүн сэбирдэх үксэ умса түстэҕинэ, эһиилигэр өҥ сайын кэлэр,
— Күһүн тэллэй, отон өлгөмнүк үүннэхтэринэ, кыһынын чараас хаардаах, тымныы дьыл буолар,
— Күһүөрү сайын (атырдьах ыйын ортотугар) хатыҥ, талах сэбирдэхтэрэ эрдэ саһардахтарына кыһын эрдэ кэлэр,
— Күһүөрү сайын күөлгэ балык хойуутук үөрдээтэҕинэ, мууһу аннынан муҥхалааһыҥҥа сиэтимтиэ буолар,
— Лэбириэнтий күнүгэр (атырдьах ыйын 23 күнэ) күн маҥнайгы аҥаарыгар күөл уутун одуулаһаллар, онуоха күөл долгуна суох чуумпу буоллаҕына, күһүнэ чуумпу, онон кыһыныгар улахан тыала-кууһа суох буолар,
— Ньургуһун, онтон да атын сир симэҕэ оттор атырдьах ыйыгар хойуутук тахсыбыт буоллахтарына, сыһыыга үөн-көйүүр элбиир, тыаҕа тэллэй хойуутук тахсар.
“Сахалыы күнү-дьылы билгэлээһиннэр” кинигэттэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: