Салгыы
Кыһыл көмүс аттар көстүөхтэрэ дуо?

Кыһыл көмүс аттар көстүөхтэрэ дуо?

17.09.2023, 18:00
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

13-с үйэҕэ аатыра сылдьыбыт татаар-монгуол хаана Батый Нуучча сиригэр саба түһэригэр эҥин араас баайы-дуолу былдьаабыта-талаабыта биллэр. Ол күндү маллар билигин даҕаны Арассыыйа киэҥ сиригэр ханан эрэ кистэнэн сыталлар диэн үһүйээн баар. Учуонайдар, эспэдииссийэлэр, археологтар, биирдиилээн дьон билиҥҥэ диэри көрдүү сатыыллар даҕаны, баай-дуол ууга тааһы бырахпыттыы сүппүт.

УМАЙБЫТ КИРИЭППЭС

Үйэлэри уҥуордаабыт биир маннык кистэлэҥнээх сиринэн Пенза куорат аннынан баар Золотаревка бөһүөлэк буолар. Манна урусхалламмыт былыргы куорат үлтүркэйдэрэ билиҥҥэ диэри бааллар. Устуорук Геннадий Белорыбкин бигэргэтэринэн, манна урут кириэппэс турбут. Ону Батый хаан аармыйата алдьатан, уматан ааспыт. Кириэппэс умайбыт сиригэр аны, биллибэт төрүөтүнэн, буойуннар өлүктэрин, сааларын-саадахтарын, киэргэллэрин уурталаабыттар. Ол сыаналаах мал аньыыта, кырыыһа батыһыа диэн куттанан халабырдьыттар тыыппатахтар. Биһиги кэммитигэр археологтар хаһан үлэ ыыта сылдьыбыттар даҕаны, тугу да булбатахтар.

КЫҺЫЛ КӨМҮС АТТАР

Батый хаан кыһыл көмүс аттарын туһунан араас номохтор, үһүйээннэр бааллар. Бу икки аты бүтүн Нуучча сириттэн барытыттан хомуйуллубут кыһыл көмүс даньтан кутан оҥорбуттар диэн кэп­сээн баар. Кыһыл көмүс аттар Кыһыл көмүс Орда судаарыс­тыба күүһүн-күдэҕин, кыаҕын бэлиэ­тииллэрэ үһү. Онон судаа­рыстыбаҕа киирэр боруоталары киэргэтэн туруорбуттар.
Ол кэнниттэн татаар-монгуоллар киин куораттарын Волгоградскай уобалас Царев сэлиэнньэтин оннугар көһөрөн аҕалбыттар. Биллэн турар, аттарын эмиэ аҕаллахтара. 1380 сыллаахха Куликово хонуутугар Мамай хааны кытта нууччалар кыргыһан кыайаллар. Бу сабыытыйа кэнниттэн кыһыл көмүс аттар туһунан сурах-садьык симэлийэр. Ким мэлиппитэ, сүтэрбитэ, кистээбитэ биллибэккэ хаалар.
Хас эбит кэм ааспытын кэнниттэн ол аттартан биирдэстэрин хаһаайынын харабыллаатын диэн, Мамай хааны кытта биир ииҥҥэ көмпүт сурахтара тарҕанар. Аатырбыт хааны Волга уҥа кытылыгар баар булгунньахха кистээбиттэрэ кэпсэнэр. Ол эрээри, билиҥҥэ диэри “Мамай булгунньаҕа” чопчу ханна баара биллибэт.

ОТТОН ИККИС АТ ХАННА БААРЫЙ?

Ордаҕа хаһаахтар саба түһэн, иккис аты илдьэ барбыттар диэн сурах баар. Ол эрээри татаар-монгуоллар бэриммэтэхтэр, тэринэннэр эккирэтэн тиийбиттэр. Кыргыһыы буолбут, икки өттүттэн буо­йун бөҕөтө суорума суолламмыт. Устуоруктар сабаҕалыылларынан, хаһаахтар чугас­тыы сытар биир эбит күөлгэ тимирдибиттэрэ буолуо диэн. Онон ол ат билиҥҥэ диэри Арассыыйа хайа эрэ күөлүн түгэҕин байыта сыттаҕа диэн үгүс дьон итэҕэйэр.
Бу ат туһунан эҥин араас сурахтар билиҥҥэ диэри тарҕаналлар. Ааспыт үйэҕэ суруйааччы Иван Ефремов “Туманность Андромеды” диэн кинигэтигэр ат Индийскэй акыйаан түгэҕэр сытар диэн суруйан турардаах. Оттон Сергей Алексеев “Сокровище “Валькирии” арамааныгар Батый хаан аттарын 20-с үйэ 60-с сылларыгар КГБ анал бөлөҕө булбута диэн бичийбит. Ол эрээри, бу икки суруйааччы хантан ылан маннык суруйбуттарын сатаан быһаарбатахтар.
90-с сыллар бүтүүлэригэр Батый хаан биир атын Р. бөһүөлэк аттыттан археологическай хаһыыттан буллулар диэн иһитиннэрии баар. Манна “Космопоиск” диэн научнай-чинчийэр түмсүү эспэдииссийэтэ барар. Чинчийээччилэр олохтоох нэһилиэнньэни кытта кэпсэтэллэр, чугас эргин сири-уоту көрөллөр-үөрэтэллэр да, ханан да кыһыл көмүс ат баар буолуох сибикитэ биллибэт.

СЕЛИГЕР КҮӨЛГЭ

Өссө биир сурах: Тверь уобалаһыгар баар Селигер күөл кытылыгар Батый буойуннара хас даҕаны сыарҕа уоруллубут баайы-дуолу кистээбиттэр. Ону өссө Арассыыйа Екатери­на II салайар эрдэҕинэ эмиэ көрдүү сатаабыттар. Оччолорго Селигер күөл таһыгар Санкт-Петербуртан кылаат кистэнэн сытара бэлиэтэммит каарталаах дьон кэлэ сылдьыбыттар. Ол кумааҕыларыгар илин диэкиттэн хаһан саҕалаатаххытына чугуун ааҥҥа тиийиэххит, баайы-дуолу булан, Тверь губернията сүүс сылы быһа туохха да наадыйбакка олоруон сөп буолуо диэн сурулла сылдьар эбит.
Бу күөл эргиччи хас даҕаны эспэдииссийэ үлэлии сылдьыбыт даҕаны, тугу даҕаны булбатахтар. Дьэ, туохха эрэ тии­йиэхчэ, булуохча курдук буолан истэхтэринэ көстүбэт, биллибэт эйгэттэн туох эрэ мэһэйдиир эбит. Түүннэри биллибэт буойун кэлэн куттаталыыр диэн эспэдииссийэ чилиэннэрэ дьиксиммиттэр. Онон, чинчи­йээччилэр төннөргө күһэллэллэр эбит.

АНЫ СЕРЕБРЯНАЙ КҮӨЛ ТУҺУНАН

Уонча сыллааҕыта “Раритет” диэн Москва археологтарын кулууба экстрасенс дьахтар билгэтин истэн, Серебряное диэн күөл түгэҕин үөрэтэ бараллар. Кырдьык, бу күөл уутугар үрүҥ көмүс элэмиэнэ элбэх буолан тахсар. Оннооҕор балыга суох эбит. Өссө бу күөл ортотугар туга-ханныга биллибэт булгунньах ууттан быгар эбит. Ону үөрэтиэхтэрин, күөл судаарыс­тыбаннай заповедник сиригэр-утугар киирэр буолан са­­таан көҥүл ылбатахтар. Онон археологтар тугу да булбакка, кураанах дьиэлииргэ күһэллэл­лэр.

ОЧЧОҔУНА?

Инньэ гынан, Батый хаан баайа-дуола ханна баара билиҥҥэ диэри биллибэт. Учуонайдар бу тула икки барыйааны тутуһаллар. Бастакытынан, баай-­дуол билиҥҥэ диэри ханна эрэ Арассыыйа биир муннугар кистэнэн сытар. Иккиһинэн, баайы-дуолу өрдөөҕүтэ булбуттар, ол эрээри ол туһунан кимҥэ да кэпсээбэтэхтэр.
Оттон ааҕааччылар, эһиги туох дии саныыгыт?

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
3
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: