“Кыһыл сулус” сырдык сулус буолан…

Share

Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх-силистээх Саввинов Серафим Пудович 1975 сыллаахха Анаабырга оройуон «Кыһыл сулус»  хаһыатын эрэдээктэринэн ананан үлэлии көһөн кэлбитэ. Кэргэнэ Раиса Николаевна оҕо кэмбинээтигэр иитээччинэн үлэлиирэ, икки кыыс оҕолоохторо.

ССКП райкомун уонна райисполком тэрийиитинэн тахсар оройуон хаһыатын эрэдээктэринэн, хаһыаты бэчээт­тиир типография дириэктэринэн  Серафим Пудович үлэлиирэ.  Сүрдээх дьирээ, киэһээ хойукка диэри олорон үлэлиир буолара. Хаһыаты оччолорго сибиньиэс буукубалары биир-­биир талан бэчээттээн таһаараллара. Сүрдээх ыарахан уонна до­­руобуйаҕа буортулаах үлэ. Маны талан кумааҕыга бэчээттээн бэрэбиэркэҕэ,  көннөрүүгэ аҕалан биэрэллэрэ, онон хаһыат тахсар күнүгэр эрэдээксийэ да, типография да үлэһиттэрэ түүн хойукка диэри үлэлииллэрэ. Серафим Пудович типография дириэктэрэ буоларын быһыытынан,  дьонун кытта тэҥҥэ сылдьара.

Кини үлэлиир кэмигэр «Кыһыл сулус» хаһыат үлэтэ лаппа тупсубута, сэргэхсийбитэ. Оройуон туох-баар үлэтин-хамнаһын бары өттүнэн ырылхайдык сырдатара, сэбиэс­кэй былаас кэмигэр үлэҕэ социалистическай куоталаһыы тэнитиллэрэ. Бу үлэҕэ эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх буолууну эрэйэрэ. Таба иитэр ыстаадалар икки ардыларыгар социалистическай куоталаһыы усулуобуйатын тириэрдии, маны быһаарыы, өйдөтүү үлэтэ сыраны-сылбаны эрэ­йэрэ. Оччолорго икки нэһилиэккэ биирдиитигэр 10-лыы ыстаадаларынан  командировкаланан кэлии-барыы ыарахан этэ. Ол сырыы туһунан, соцкуоталаһыы түмүгүн сиһилии хаһыат нөҥүө нэһилиэнньэҕэ сырдатан иһиллэрэ.

Серафим Пудович баартыйа райкомун пленумун, бюротун солбуллубат чилиэнэ, ра­йисполком мунньаҕын чи­­лиэнэ буолааччы. Бюро, пленум, исполком мунньаҕын уураа­ҕын, ыйааҕын олоххо киллэрээччи, оччотооҕу биэс сыллаах былаан туолуутун хонтуруоллааччы, туолуутун ирдэһээччи хаһыат буолара.

Маны таһынан, оро­йуон бары үлэтигэр-хамнаһыгар, култуурунай олоҕор актыыбынай кыттааччы, көҕүлээччи Серафим Пудович этэ. Араас субуотунньуктары тэрийэн, бөһүөлэк тас көстүүтүн тупсарыы үлэтин эмиэ кини көҕүлүүрэ. Ол курдук, бэйэтэ үлэлэтэр типографиятын дьиэтин таһыгар мас бөҕөнү олордубута. Онтулара дэлби улаатан, сибилиҥҥэ диэри күөҕүнэн чэлгийэн “Серафим Пудович олордубут мастарабыт” диэн кэпсээн сипсийэ тураллар.

Серафим Пудович дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана барыта биир тэҥ, эриэ-дэхси буолааччы,  хаһан да улахамсыйар, чорбойо, биллэ-көстө сатыыр диэни билбэт. Кини олорбут, үлэлээн ааспыт кэмнэрин оччотооҕу, 1970-с сыллардааҕы, көлүөнэ дьон умнубаттар, өйдүүллэр, кэриэстииллэр. Ол курдук таптыыр хаһыатын эрэдээксийэтигэр киирдэххэ, урут үлэлээбит эрэдээктэрдэр хаартыскаларын улахан форматынан бэчээттэтэн, “1975-1981 сыллардаахха үлэлээбитэ” диэн кэпсии турар гына ыйаабыттара улуус бэчээтин, хаһыатын устуоруйата утумнааҕын, ситимэ быстыбатын туоһулуур.

Оройуон эдэр көлүөнэ ыччата эт-хаан, өй-санаа, култуурунай өттүнэн сайдыылаах буола үүнэн тахсарыгар улахан болҕомтотун уурара. Ол курдук, спортивнай үлэни-хамнаһы тэрийээччи, райисполком успуорт сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, атаһа-доҕоро Винокуров Николай Иннокентьевиһы кытта элбэх спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийэн ыыталлара. Чуолаан, Серафим  Пудовичтыын ик­­киэн хапсаҕайдьыт буоларбыт быһыытынан, тустуу сиэкси­йэтин өрө тутан үлэлэппиппит. Көмөлөөн туруорсан, оройуоҥ­ҥа аан бастакынан оҕо спортивнай оскуолата аһыллыбыта.

Оскуолаҕа дьарыктаммыт оҕолор үөрэхтэнэн, идэлэнэн, сааһыран норуот хаһаа­йыстыбатын араас салааларыгар улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын инники хаамтара үлэлии-хамныы сылдьаллар. Чаҕылхай, уһулуччулаах, олимпиада дьоруойдарын иитэн таһаарбатаҕын да иһин, элбэх үүнэр көлүөнэни сөптөөх суолга үктэннэрэн эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдыылаах, олоххо актыыбынай көрүүлээх дьону иитэн таһаарбыт оскуола буолар.

Серафим Пудович дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыана барыта биир тэҥ, эриэ-дэхси буолааччы,  хаһан да улахамсыйар, чорбойо, биллэ-көстө сатыыр диэни билбэт. Кини олорбут, үлэлээн ааспыт кэмнэрин оччотооҕу, 1970-с сыллардааҕы, көлүөнэ дьон умнубаттар, өйдүүллэр, кэриэстииллэр. Ол курдук таптыыр хаһыатын эрэдээксийэтигэр киирдэххэ, урут үлэлээбит эрэдээктэрдэр хаартыскаларын улахан форматынан бэчээттэтэн, “1975-1981 сыллардаахха үлэлээбитэ” диэн кэпсии турар гына ыйаабыттара улуус бэчээтин, хаһыатын устуоруйата утумнааҕын, ситимэ быстыбатын туоһулуур.

Улууска бэтэрээн спорт­смен, Серафим Пудович атаһа Винокуров Николай Иннокентьевич сүүрэн-көтөн туруорсан кыра хос ылан кыраа­йы үөрэтэр түмэлгэ сыһыары спортивнай сааланы арыйбыта, онно Серафим Пудович успуорду көҕүлээччи, тэрийээччи, тустуук спортсмен быһыытынан матырыйааллары түмпүтэ, хаартыскатын булан олордубута. Дьоҥҥо-сэргэҕэ сэмэй, истиҥ сыһыаннаах буолан, урукку көлүөнэ дьон баарын тухары өйдүү-саныы сылдьаллар.

Серафим Пудович дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан да, бастыҥ киһи этэ. Хомолтолооҕо, эһээ буолар дьолу билиэн иннинэ, хара дьайдаах ыарыы дэгиэ тыҥыраҕынан эмискэ, этиҥтэн, чаҕылҕантан чиргэл тиит мас охторун курдук, сууллары тардан эдэр-сэнэх, үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьар киһини илдьэ барбыта. Дьүккүөрдээх үлэһит, хаһыатчыт, кэрэ киһи, амарах аҕа, тапталлаах кэргэн туһунан маннык сырдык өйдөбүл өрүү биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар  хаалбыт эбит.

Николай ВИНОКУРОВ,

Саха сирин  успуордун бочуоттаах маастара,

Анаабыр улууһун бочуоттаах олохтооҕо,

успуорт  нассынаалынай  көрүҥэр  үтүөлээх тириэньэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сүппүт дьон көһүннүлэр

Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  икки киһи сүппүтүн туһунан суһал  иһитиннэрии…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Георгий Олесов: “Хас биирдии быһахха алгыспын иҥэрэбин…”

Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…

58 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Рахманинов саалатыгар муусука көмүс дорҕооно кутулунна

Сэтинньи 19-23  күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Айталыны саҥа кинигэтинэн эҕэрдэлээтилэр

Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Арахсыы сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Былыр-былыргыттан  сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саха сирэ – Монголия: Атынан айан

Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…

5 часов ago