Кыһыл Сыырга саҥа успуорт саалата аһылынна

Бырабыыталыстыба отчуотун чэрчитинэн Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгэр саҥа успуорт саалата аһылынна. Эбийиэк «Успуорт — олох нуормата» федеральнай бырагырааманан тутуллубут. Олохтоохтору вице-премьер Сергей Местников эҕэрдэлээтэ.
«Саҥа оборудованиенан хааччыллыбыт успуорт саалата бөһүөлэк олохтоохторун угуйар миэстэнэн буолуоҕа. Араас саастаах дьон успуордунан дьарыктаныахтара уонна доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрэ, манна киэҥ хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара», — диэн кини бэлиэтээтэ.





Саҥа эбийиэк бастакы этээһигэр тириэньэр, быраас хостордоох уонна административнай кабинеттардаах, киэҥ-куоҥ саалалаах. Иккис этээскэ боксаҕа анаан тренажернай саала, сыгынньахтанар хос, душ баар.
Мустубут дьоҥҥо Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин эдэр тустууктара маастарыстыбаларын көрдөрдүлэр.
Бырабыыталыстыба отчуота Бүлүү улууһугар олунньу 17-19 күннэригэр ыытыллар. Сергей Местников салалтатынан бөлөх 16 нэһилиэнньэлээх пуун олохтоохторун иннигэр икки күн иһигэр 800-тэн тахса киһини хабан отчуоттаата. Бүгүн Бырабыыталыстыба бөлөҕө биэс нэһилиэктэринэн уонна Бүлүү куоратыгар үлэлиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: