Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

22.12.2024, 15:00
Хаартыска: Андрей Сорокин (СИА)
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун тутарга диэри -50 кыраадыһын тутан турааччы. Ону  халлаан буккуллубут эрэ диэн кэбиһэбит, ол гынан баран, улахан буккуллуу сир анныгар буола турарын сорохтор түһээн да баттаппаппыт.

Соторутааҕыта Нацио­нальнай бибилэтиэкэ Историческай саалатыгар “Илин эҥэргэ ирбэт тоҥ ландшафтарыгар килиимэт сылы­йыытын дьайыыта” кинигэни билиһиннэрии буолбута. Балачча элбэх киһи кэлэн, кинигэ таһаарыытыгар үлэлэспит учуонайдарга: географическай билим дуоктара Александр Федоровка, биологическай билим дуоктара Роман Десяткиҥҥа, тиэхиньиичэскэй билим хандьыдаа­та Артем Набережнайга дьаах­ханар ыйытыыларын биэрбиттэрэ, салгыы хайдах тугу гынар наадатын кэпсэппиттэрэ. Кэпсэтиини истэ олорон мин эмиэ ытырыктатыах са­­наам киирэн, П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥ институтун дириэктэрин билимҥэ солбуйааччыта Александр Федоровтыын бу кыһалҕа тула кэпсэттибит.

Дьокуускайга Ленскэй, Өлүөхүмэ килиимэтэ кэллэ

Кэпсэтиибитин быйылгы кыһын сылаас турарыттан, ол ирбэт тоҥҥо тугунан дьа­­йыан сөбүттэн саҕалаатыбыт. “Ирбэт тоҥ, этиллэрин курдук, куруук тоҥ туруохтаах, оттон ол ылыахтаах тымныытын ситэри  ылбатаҕына,  сайын сы­­лаас түргэнник өтөн киирэр буоллаҕа, оччоҕуна “доруобуйата” мөлтөөн барар”, – диэн судургутук быһаарар Александр Николаевич. – Онон сылаас кыһын дьоҥҥо үчүгэйин аанньа, ирбэт тоҥҥо туох да үчүгэйэ суох. Айылҕаҕа туох барыта хатылаһан кэлэ турар идэлээх, холобур килиимэт циклэ. Сороҕо 3 сыллаах, сороҕо 7, 11, 33 сыллаахтар. Ол гынан баран, 1988 сылтан сылыйыы өттүгэр кэлтэй баран хаалла.  Ити хамсааһын – “сдвиг” диэн өйдөбүллээх. Боростуойдук быһаардахха, итии салгын үөһэ иккис этээс­кэ, оттон салгыы үһүс этээс­кэ ааһа турар диэн этиэх­хэ сөп, иккис этээһинэн тохтоон хаалбат. Билигин килии­мэт уруккутунан турара эбитэ буолла, ахсынньыга -60 кыраадыс түптэлэнэ туруохтаах,  Дьокуускай орто температурата -10 кыраадыс буолуохтаах этэ. Билигин орто кыраадыспыт -7 кыраадыс буолан турар. Ол аата Ленскэй, Өлүөхүмэ кыһына биһиэхэ тиийэн кэллэ. Ити улуустарга, холобур Ленскэйгэ сирин 10-15 бырыһыана эрэ ирбэт тоҥноох. Сирин буора Киин Арассыыйа курдук кыһын эрэ тоҥор. Дьэ ол килиимэт кэлэн, биһиги ирбэт тоҥноох сирдэрбитин буккуйан эрэр”.

Голоцен кэмэ хатыланан эрэр?

ХХ үйэ 80-с сылларыгар ойууру солоон, сири тиэрэн, бааһыналарга бэйэ бурдугун үүннэрии хампаанньата саҕаламмыта. Оччолорго баартыйа “Даешь!” диэтэ да оҥоһуллар буоллаҕа, кэлин ол туох соттуктаах буолан тахсыаҕын ким да толкуйдаабатах. Билигин ити бааһыналарга ким да бурдук ыспат, быраҕыллан сыталлар. Эбиитин күн дьөлө көрөн, сир аннынааҕы мууһу ириэ­рэн, бүтүннүү быллаар сиргэ кубулутта. Аны ити бырассыас ойуурга саҕаланна, ол түмүгэр тыаҕа дьөлө түһүүлэр, аҥхайдар сылтан сыл элбээн иһэллэр. Итинник цикллэр былыр 10 тыһ. сыл иһигэр, голоцен диэн билиҥҥи быыһык кэм саҕана, хаста да буолан ааспыттар. Сир аннынааҕы муус ирэн, билиҥҥи алаастар үөскээбиттэр. Биһиги кэммитигэр ити процесс хайдах бара турарый?

“1980-с сылларга илин эҥээр улуустарга, Дьокуускай куорат таһынан сир кыра-кыралаан дьөлө түһэрэ көстүбүтэ, – диир учуонай. – 90-с сыллартан быллаардар көстөн барбыттара. 2000-с сылларга алаас үрдүнээҕи ойуура суох сирдэр бары быллаар буолбуттара. Быллаар алаас үөскээһинин бастакы көрүҥэ. Салгыы быллаардарбыт дүөдэҕэ, оттон тыымпыга кубулуйаллар. Итинник мууһун барытын ириэ­рэн баран, устунан уолан алааска кубулуйуохтаах”.

Ол голоцен сылыйыыта эргийэн кэлиитэ биһиги олохпутугар тугунан дьааһы­йан тахсыаҕын билиҥҥитэ ким да билбэт.

“Ити сылыйыы үргүлдьү бара туруо эбэтэр тохтуо диэн билиҥҥитэ ким да этэр кыаҕа суох. Климатология учуонайдара температура үрдээн бара турар түгэнигэр 4 кыраадыс­тан 8 кыраадыска диэри бара туруо диэн сабаҕалыыллар, – диир Александр Николаевич. – Сылыйыы итинник тэтиминэн бардаҕына, 2050 сылга диэри үгүс  сир мууһа ууллан күөл-­маар буолар кутталлаах. Саамай куһаҕан сценарийын эттэххэ, көнө сирдэрбит Арҕаа Сибиир сирин курдук оборчоҕо кубулуйуохтара. Сыырдаах сирдэр арыый тулуктаһан хаалыахтара. Суол эҥин барыта алдьанар”.

Биирдэ “бабат” диэбэт курдук

“Бу маннык бырассыас буола турар диэн научнай үлэлэрбитигэр этэ сатыыбыт да, ким да кумаардаан көрбөт, – диир Александр Николаевич. –  Бүтүннүү алдьана турар сирдэргэ олохтоох дьаһалталар сири биэрэ, түҥэтэ олороллор. Муус ирэн, сирдэрэ хамсаан, биир ыаллар оһохторун турар сирин хаста да уларыппыттарын билэбин. Аны дьиэлэр фундаменнара түһэр. Ити илин эҥээргэ эрэ буолбатах, Бүлүү умнаһын улуустарыгар, хоту кытта баар буолан эрэр көстүү. Онон хайдах гынан, дьаһанан бу тирээн иһэр ыарахаттары туоруубут диэн өй-санаа баар буолуохтаах. Биһиги син биир мантан ханна да барбаппыт, төрөөбүт-үөскээбит дойдубут буоллаҕа. Бэйэбит үрдүбүтүнэн ааһар бырассыас, онон улахан охсууну ылбат курдук эрдэттэн бэлэмнээх буолуох­путун наада”.

Александр Николаевич муус ириититтэн дьиэ олоҕо хамсыырын айылҕа иэдээнигэр – “катастрофический природный процесс” диэҥҥэ тэҥ­ниэххэ диэн этэр. Халаан уутуттан, ойуур баһаарыттан дьиэ­лэрэ алдьаммыт, эмсэҕэлээбит дьоҥҥо харчы көрүллэр, страховка да баар. Оттон сир хамсаан, дьиэ фундамена айгыраа­һына син биир айылҕа иэдээнигэр тэҥнэниэхтээх. Эппиккэ дылы, ыал дьиэтэ суох хаалар, онно туох да көмө судаарыстыбаттан көрүллүбэт. Онон ирбэт тоҥ зонатыгар олорор дьоҥҥо итинник көмө баар буолуох­тааҕын салалта туруорсуохтаах.

Мууһа суох сирдэргэ көһүөххэ

“Маннык сирдэр бааллар, көрдөөтөххө өссө элбэх буолуохтара, – диир учуонай. – Дьөлө түһүү адьас ыга анньан кэллэҕинэ, сүүрэкэлии сылдьыбат курдук оннук сирдэри булан, саҥа бөһүөлэктэри онно тута, тыа хаһаайыстыбатын, сүөһү иитэр баазалары онно көһөртүү туруохха наада. Үчүгэй сирдэр өрүстэр тардыыларынан, кытыыларынан, Өлүөнэ-Бүлүү чиҥ хапталыгар (плато) Горнай улууһугар, Майа–Бэстээх икки ардыгар элбэхтэр. Чурапчы сэлиэнньэтиттэн баара-суоҕа 15 км сиргэ чиҥ кумахтаах сир эмиэ баар. Алаас анныгар муус суох, онон алаастарга уу ылбат сиригэр сыбаайаҕа турар хастыы да этээстээх дьиэлэри тутан, дьону онно көһөрөр бары­йаан эмиэ баар. Халдьаайыттан түһэр уу алааска киирбэтин курдук туора ыытар систиэмэни толкуйдуохха.  Адаптация диэн өйдөбүл баар, киһи тулалыыр эйгэтигэр сөп түбэһэн олоруута. Онон хайдахтаах да ыарахан балаһыанньалар буолар түгэннэригэр бэйэбитин көрүнэн олоруохтаахпыт”.

Дьокуускай балаһыанньата

Дьокуускай анныгар муус суоҕун истэн уоскуйа быһыытыйдым. Муус кыырпах­таах тоҥ кумах сытар эбит, ол хайа да бетоннааҕар кытаанах, чиҥ буолар. Ол гынан баран, били куһаҕан сценарийдыы эттэххэ, тоҥ кумахха сылаас уу, салгын өтөн киирэн, муус кыыр­пахтарын ириэрэн, сыбаа­йаны хамсатар куттала баар. Билим сурунаалларыгар манна сөптөөх омук тылынан суруллубут ыстатыйалар бааллар, диир учуонай. Олору интэриэ­һиргиир олохтоох дьон, ту­­тааччылар уонна эппиэттээх үлэһиттэр булан ааҕыахтарын наада. Хата үчүгэйэ диэн, мыраан үрдүгэр мууһа кыра, суоҕун кэриэтэ. Онон кыһыммыт сылыйбыта үчүгэйиин диибит да, кэтэҕэр саһа сытар иэдээнэ улахан эбит.

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
13
+1
3
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: